Ини-бии Сутурукановтар
Харбалаах нэһилиэгин Сутурукановтар дьиэ кэргэннэриттэн 4 уол Аҕа дойду Улуу сэриитигэр утуу-субуу ыҥырыллыбыттара. Ол курдук, Сутуруканов Григорий Иванович, Сутуруканов Софрон Егорович, Сутуруканов Самсон Иннокентьевич уонна соҕотоҕун тыыннаах эргиллэн кэлбит Сутуруканов Дмитрий Иванович. Бүгүҥҥү “Албан аат” уруокпутугар Дмитрий Иванович кыыһа, Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын учуутала Зоя Дмитриевна кэпсээтэ.
«Талбаана» түмсүү
Алтынньы ый 15 күнэ, Тыа сирин дьахталларын аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ анаан, Харбалаах нэһилиэгин далбар хотуттарын «Талбаана» түмсүү туһунан кыратык билиһиннэриим. «Талбаана» түмсүү 2023 сыл, олунньу ый 4 күнүттэн үлэлиир. Бу түмсүүнү иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар, Харбалаах нэһилиэгин Далбар Хотуна Сергеева Людмила Васильевна. Түмсүү бастакы улахан үлэтин анал байыаннай дьайыыга сылдьар уоллаттарбытыгар ас астаан, […]
Сахабыт сирин былааҕын күнэ
Алтынньы 14 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр бигэргэтиллибитэ. Бу күнтэн ыла Сахабыт сирин былааҕа Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа — дойдубут историятыгар, улуу култуурабытыгар, саха норуотун тыһыынчанан үгэстэригэр ытыктабыл бэлиэтэ. Онон Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ биһиги историябытыгар тапталы уонна ытыктабылы иитиэхтиир. Н.Г. Золотарев – Якутскай […]
Ханыы күн – доруобуйа күнэ
Тускутугар туһаныҥ, бэйэҕитигэр сөп түбэһэринэн дьарыктанын. Доруобай буолун.
Саһарбыт фото-докумуон
КӨМҮС КӨЛҮӨНЭ ДЬОММУТУГАР
Алтынньы ый 1 күнүттэн 7 күнүгэр дылы Харбалаах нэһилиэгин Аҕам саастаах дьоммутугар ананна. И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр 2 күн устата буор босхо киинэ көрдөрдүлэр. Алтынньы 1 күнүгэр күнүс 15ч 00м “Слоны мои друзья”, киэһэ 20ч 00м “Не могу сказать “прощай””. Алтынньы 2 күнүгэр күнүс 15ч 00м “Зита и Гита”, киэһэ 20ч 00м “Невероятные приключения […]
УҺУН ҮЙЭЛЭЭХ
Аан дойдутааҕы Аҕам саастахтар декадатын чэрчитинэн бүгүн Харбалаах нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара уһун үйэлээхпитигэр Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт. Софья Евсеевна Үөһээ Бүлүү улууһун, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл, сыана бэтэрээнэ. Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээтибит, кыра бэлэх туттардыбыт, доруобуйатын бэрэбиэркэлээтибит, сэргэхситэн оонньоттубут, ирэ-хоро кэпсэттибит, санаата көтөҕүлүннэ. “115 сааспар дылы тиийиэхтээхпин” – диэтэ. Оҕолорун, сиэннэрин көрүүтүнэн – истиитинэн, […]
КӨМҮС СААСТААХ ДЬОММУТУГАР
Аан дойдутааҕы Аҕам саастахтар декадатын чэрчитинэн Харбалаах нэһилиэгин көмүс саастаах ытык дьоммут Бүлүү куоракка сынньанан кэллилэр. Нэһилиэк баһылыга Константин Данилович Платонов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Ол курдук, П.Х. Староватов түмэлигэр, саҥа арыллыбыт “Поющие пески” диэн Бүлүү өрүс кытылыгар уонна д.а. сирдэргэ сылдьан, ытык-мааны дьоммут астынан, дуоһуйа сынньанан, илэ-хоро кэпсэтэн кэллилэр. Константин Даниловичка махталлара муҥура суох.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ!
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Харбалаахпыт нэһилиэгэр саха саарына, бөдөҥ судаарыстыбаннай, общественнай-политическай деятель Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэринэн-туомунан саҕаланна . Кыттыыны ыллылар СР баһылыгын дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Михайлов, улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, улуус салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара уонна улуус общественноһа. РФ Президенин […]
Аффирмация
“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” чэрчитинэн аффирмация диэн тугун билиһиннэрии. Аффирмация диэн тугуй? Аффирмация диэн позитивнай санааны бөҕөргөтөр кылгас этии. Аффирмацияны күн аайы хос-хос хатылаатахха киһи өйө-санаата үчүгэй өттүгэр үлэлиир, тупсар. Квантовай физиктэр этэллэринэн, киһи санаата эмиэ эниэргийэ буолар. Ол аата биһиги олохпут – биһиги саныыр санаабыт түмүгэ. Куруутун сатамматын, кыаллыбатын эрэ саныыр киһи бэйэтин олоҕор мөкүнү тардан ылар. Мэлдьи үчүгэйи […]