“Дойдум миэнэ” Дмитрий Кононов
Алаастардаах сыһыылаах,
Толооннордоох бырыылаах.
Мэччирэҥнээх хонуулаах,
Дулҕалардаах хоруулаах.
Илин, Арҕаа бастардаах,
Үрдүк хойуу мастардаах,
Эмис Элгээн аартыктаах,
Хомус, харба хаттыктаах.
Тэптэгииннээх Тоҥуулаах,
Хочот, Тойон Уйалаах,
Чөҥөрөлөөх Кэникээн,
Чымчаах уонна Элгээкээн.
Кыталыктаах, Кубалаах,
Былбаан, Ытыыр Баҕалаах,
Харыйалаах, Арыылаах
Уонна Саһыл уйалаах.
Үөгүлээбит, Хохотто,
Бырдьыгына, Мороохто,
Улуу Сыһыы, Дөлөкөй,
Чойдоох Токур, Бүөчүкэй.
Бэрэлэрэ, Күндэтэ,
Дьэһинэтэ Лүҥкэтэ,
Мээкиндэтэ, Чөҥкөтө,
Хачаҕалаах Өндөкө.
Быракааннаах Чыбыыда-
Сааһын дохсун үрэхтэр.
Үлээкээрдээх Мундуҥда
Курдук күөллэр элбэхтэр.
Тэҥэлилээх балыктаах,
Элбэх кустаах, андылаах.
Алаас, сыһыы элбэҕин,
Манан бүппэт, билэбин.
Барыларын эппэтим,
Ааттаталаан сиппэтим.
Тохтообокко тиспэтим,
Биир хоһооҥҥо симпэтим.