
- Ханнык күҥҥэ, дьылга Үөһээ Бүлүү улууһун уонна I Чочу нэһилиэгин 8 аҕа уустара сөбүлэһэн Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар илии баттаабыттарай? (1907 сыл сэтинньи 4 күнүгэр)
- Ханнык күҥҥэ, дьылга Ходатайствоны Саха Уобалаһын генерал-губернатора Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар бигэргэппитэй? (1908 сыл балаҕан ыйын 13 күнэ)
- 1919 сыллаахха Харбалаахха туох аһыллыбытай? (оскуола)
- 1936 сыллаахха муус устар ыйга аан бастаан «ХТЗ» тыраахтар кэлбит. Бастакы тырахтарыыс кимий? (Сутуруканов Григорий Иванович)
- 1950 сыллаахха ааҕар балаҕантан библиотека буолар, бастакы библиотекарь кимий? (Кузьмин Марк Анисимович)
- Хас сыллаахха, Быракаан үрэххэ, Ф.С. Тумусов оҥорторбут «Сэрии тулаайаҕа» диэн пааматынньык арыллыбытай? (2002)
- Хас сыллаахха нэһилиэккэ газ киирбитэй? (2005)
- Сайын аайы кэтэһиилээх уу ситимэ хас сыллаахха тардыллыбытай? (2008)
- И.Н. Барахов аатынан түмэл тэриллэрин туһунан Правительство Уурааҕа хаһан тахсыбытай? (2008 тохсунньу 14 күнэ)
- Ханнык күҥҥэ, дьылга Уларов А.В. аатын сүгэр арочнай спортзала үлэҕэ киирбитэй? (2017 cыл олунньу 11 күнүгэр)
- Менделеев таблицатын элеменнэрин улахан аҥара баара чуолкайдаммыт, ыраас уулаах күөл? (Тимир Күндэ)
- Нууччалар бастакынан кэлэн олохсуйбут сирдэрэ, 1975 сылга диэри ыал олорбута. Ис.Барахов аатынан совхоз учаастага этэ, ханнык сирий? (Тоҥуулаах)
- Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибэтэх биэс ини-бии Федоровтар төрөөбүт алаастара? (Тоҥуулаах сирин Моччой алааһа)
- Исидор Никифорович Барахов төрүттэрин өтөҕө? (Тараҕай)
- Исидор Барахов төрөөбүт алааһа? (Үчүгэй Бэрэтэ)
- Николай Якутскай төрөөбүт алааһа? (Дөлөкөй)
- Дьокуускайга 1969-1971 сылларга Манчаары бирииһигэр икки төгүл кыттыбыта, бэйэтин ыйааһыныгар I разряд нуорматын толорбута. Дойдутугар бөдөнсүйбүт Исидор Бараахап аатынан колхоз ыһыаҕар 1971 с. оройуон ыһыаҕар аатырбыт бөҕөстөрү төбөлөрүн оройунан ыыталаан абсолютнай чемпион аатын ылбыта. Бу кимий? (Брощев Николай Николаевич)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин хамаандатыгар киирэн Усть:Орта куоракка Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын Спартакиадатыгар 74 кг. хуреш тустууга 3 миэстэни ылар. Бүлүү куоратыгар ол кэмҥэ ыытыллар республика хапсаҕайга турнирыгар , В.Г. Румянцев бирииһигэр 3 сыл субуруччу чаҕылхайдык тустан бастаталыыр. бу ситиһиилэрин иһин СӨ хапсаҕайга Федерациятын Махтал суругунан наҕараадаланар. Бу кимий? (Николаев Михаил Кимович)
- Чабырҕахсыт Москваҕа Кремльга сийиэстэр дыбарыастарыгар Саха АССР ааттыттан икки төгүл саха чабырҕаҕын суккуйбута. Кимий? (Дьуона Егорович Николаев)
- Оһуохайдьыт быһыытынан улууһугар киэҥник биллибитэ, өссө оскуолаҕа үөрэнэр кэмиттэн оһуокай тылын таһаарарга холоноро. Ол курдук, 1985 сыллаахха улууска оһуохайга лауреат буолбута. Кимий? (Уларов Гаврил Акимович)