
Аан дойдутааҕы Аҕам саастахтар декадатын чэрчитинэн Харбалаах нэһилиэгин көмүс саастаах ытык дьоммут Бүлүү куоракка сынньанан кэллилэр. Нэһилиэк баһылыга Константин Данилович Платонов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Ол курдук, П.Х. Староватов түмэлигэр, саҥа арыллыбыт “Поющие пески” диэн Бүлүү өрүс кытылыгар уонна д.а. сирдэргэ сылдьан, ытык-мааны дьоммут астынан, дуоһуйа сынньанан, илэ-хоро кэпсэтэн кэллилэр. Константин Даниловичка махталлара муҥура суох.



















