
“Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыакпыт чэрчитинэн, Аҕам саастаахтар күннэринэн, саха тылын уонна литературатын учуутала Александра Николаевна Шестакова 5 кылаас оҕолорун кытта көрүстэ. Александра Николаевна оҕолорго кылгас-кылгас остуоруйалары кэпсээтэ. Оҕолор да, үлэһиттэр да хаһаан да истибэтэх остуоруйаларбытын сэҥээрэ иһиттибит. Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээн туран оҕолор кыракый илии тутуурдаах кэлэн үөртүлэр.






Бүгүн библиотекаҕа Евдокия Павловна Семенова уонна Рузанна Ахмедовна Николаева тэрийиилэринэн “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” проект чэрчитинэн уонна Харбалаах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ, шефтээх кылааспыт кыттыылаах көрсүһүү буолла. Оҕолор остуоруйаны сөбүлүүллэр эбит,боппуруостарга сөптөөх хоруйу биэрэн үөртүлэр. Оҕолор ааспыт учуутал күнүнэн, аҕам саастаахтар күннэринэн бэлэхтэрин иһин оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр махталбытын тиэрдэбит. Кылаас салайааччытыгар Людмила Анисимовнаҕа, тэрийээччилэргэ библиотекарь Рузанна Ахмедовнаҕа, Евдокия Павловнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Бэтэрээн учууталлар Александра Николаевна, Максим Иванович Шестаковтар.