Ньукулай Дьокуускай 115 сааһа

Сэтинньи 22 күнэ 2023 сыл, Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н.Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, Үөһээ Бүлүү улууһун О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекатыгар кыракый, ол эрэн, суолталаах тэрээһин буолла. Норуодунай суруйааччы түмэлиттэн сэдэх экспонаттар, рукописьтар, ахтыылар, хаартыскалар быыстапкаларын арыллыытыттан саҕаланна. “Народный писатель РС (Я) Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутский” Биобиблиографическай ыйынньык сүрэхтэннэ. Ыйынньыгы Үөһээ Бүлүү улууһун киин библиотекатын библиографтара оҥорон-чочуйан таһаардылар. Улуу киһибит үбүлүөйдээх сылыгар сыаналаах бэлэх буолла. Тэрээһин олус үрдүк таһымҥа ааста. Кэлбит ыалдьыттар Ньукулай Дьокуускайга аналлаах ыытыллаары турар, ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдилэр, ол курдук, биир улахан үлэ, ахсынньы ыйга Үөһээ Бүлүү улууһун норуодунай тыйаатыра “Көмүстээх үрүйэ” айымньытын туруоруутун долгуйа кэтэһэбит. Режиссер бэйэбит, Харбалаахтар кыыспыт, эдэр кэскилбит Сайыына Константиновна Васильева.

Ньукулай Дьокуускай аатынан “Чуураат” лааҕыр туһунан истиҥник, иһирэхтик ахтылынна. Бу лааҕыры сөргүтүү туһунан этиилэр киирдилэр. Үөһээ Бүлүү улууһуттан делегация тэриллэн суруйааччы олорбут Тирасполь куоракка сылдьыбыттарын, ол саҕанааҕы, милиция үлэһиттэрэ ахтан-санаан ыллылар.

Ону таһынан, Ньукулай Дьокуускай ситэ тахса илик айымньыларын таһаартарыы туһунан этилиннэ. Улуу киһибит 120, 125 сааһыгар анаан ол аймньылар кинигэ буолан тахсалларын тус бэйэм баҕарабын.

Оттон, киэһэ Харбалаахха “Олоҕум – айымньыларбар” диэн дьүһүйүүнү, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ көрдөрдө. Дьүһүйүү Ньукулай Дьокуускай айымньыларыттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Дьүһүйүү ураты, сонун. Артыыстар бэккэ оонньоотулар, бэлэмнэммиттэр, сэҥээрдибит. Маладьыастар. Улуу киһибит үбүлүөйдээх төрөөбүт күнэ үрдүк таһымҥа ыытылынна, өссө да тэрээһиннэр ыытыллыахтара.