Ини-бии Максимовтар

Кындыл Уйбаантан силис-мутук тардар

Махсыым Дарбыана- Максимов

Илларион Максимович, кэргэнэ Огдооччуйа Ийэ дойду көмүскэлигэр үс көмүс сымыыттара Охонооһой, Ньукулай, Ылдьаа, бырааттара Дьөгүөр оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн улааппыт, бастакы кустарын бултаан үөрбүт, көмүс хатырыктааҕынан маанылаппыт, өлгөм үүнүүлээх ходуһатын тиритэ-хорута отттообут тапталлаах Муҥдуҥда  алаастарыттан букатыннаахтык, төннүбэттии утуу-субуу барбыттара. Оҕонньордоох эмээхсин урааннаах уһун түөрт сыл кэриҥэ, саатар биирдэрэ эмит ордон эмискэ киирэн кэлиэ диэн, уолаттарын эрэнэ күүппүттэрэ. Кыайыы буолбута, тыыннаах орпуттар бары ахтылҕаннаах алаастарыгар төннүбүттэрэ, арай Махсыымаптар алаһа дьиэлэрин үөрүү өҥөйбөтөҕө…

Өбүгэ саҕаттан олорбут  Муҥдуҥдаларыттан киин сиргэ, Күлгэ, көһөн олорор кыһалҕа кыһарыйбыта. Дарбыан оҕонньор үөһэнэн көтөр кынаттааҕы, алларанан сүүрэр атахтааҕы аһарбат байанайдаах булчут уолаттарын сааларын биһиктэрин ыйаабыт тапталлаах алаастарын буоругар туттарбыта…

Ити туһунан Маарыйа эмээхсин оҕонньорун чып кистэлэҥин өлтүн кэннэ, хойут сиэнэ Максимов Илья Ивановичка кэпсээбит эбит.   

Максимов Афанасий Илларионович (Соҕотох)

Максимов Афанасий Илларионович (Соҕотох) (1901-1945 с.с.)

Махсыым Дарбыана кэргэнэ Огдооччуйалыын Муҥдуҥдаҕа олорбуттара. Өлөннөөх Өлөксөй сиэнэ, Махсыым уола Дарбыан 1855 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини эмээхсининээн бэйэлэрэ төрөппүт 4 уоллаахтар этэ, Огдооччуйа бастакы кэргэниттэн Тоокуйуустан Такааһай Бүөтүр диэн уоллааҕа. Махсыым төгүрүк тулаайах хаалбыт аймаҕын оҕотун Охонооһойу иитэ ылбыта. Дарбыан оҕону харыстаан Соҕотох диэн ааттаабыт. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, олус күүстээх, сымса, сыгынаҕы туруору аспыт курдук көрүҥнээх эбит. Ат сылгы көҕүлүгэр түстэр эрэ хамсаппата үһү. Оччотооҕу киһи сэмэй муҥутаан күүһүн-уоҕун дьоҥҥо көрдөрбөккө сэриигэ бараахтаабыт. Кини холкуос саамай кыайар-хотор, ыарахан үлэтигэр кимиилээхтик үлэлээбит. Ол курдук сир солооһунугар, мас кэрдиитигэр, тутуу маһын бэлэмигэр, бастакы оскуола тутуутугар өрө күүрүүлээхтик үлэлээбитэ. Кэргэнэ Ноттос Өлөксөй кыыһа Бороскуобуйалыын (Баасалыын) оҕоломмотохторо, ол иһин Бааса эдьиийэ Өкүлүүнэттэн уол оҕону ылан ииттибиттэрэ. Ол уоллара Максимов Семен Афанасьевич кэлин улаатан, кэргэннэнэн уон оҕону төрөтөн, үлэһит оҥортоон, сир дойду үрдүнэн тарҕанан олороллор. Охонооһой сэриигэ барыан иннинэ эмээхсинэ Бааса арахсан Томскай Гаврил Кирилловичка кэргэн тахсыбыта, онтон кыыстаах этэ. Охонооһой 1942 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыллан баран 1945 сыллаахха Берлин чугаһыгар геройдуу охсуһа сылдьан сырдык тыына быстыбыта.

Максимов Илья Илларионович (1909-1943 с.с.)

Илья Илларионович 1909 сыллаахха Муҥдуҥдаҕа Махсыым Дарбыанын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Илья оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ, булка эриллэн улааппыта. Күүстээх-уохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи эбит. Убайа Охонооһойдуун, быраата Ньукулайдыын холкуос туллар тутаах дьонноро эбит. Кини эмиэ оскуола тутуутугар күүһүн харыстаабакка үлэлээбит. Ылдьаа эмиэ сүрдээх күүстээх киһи эбит, чөҥөчөгү туура тардан ылан бырахпыта үһү. Дарбыан оҕонньор өлөрүгэр уолум туурбут чөҕөчөгүн булбакка өлөн эрэбин диэн курутуйаахтаабыт. Чорото кыыһа Мотуруонаны кэргэн ылан, Сиидэр диэн уол оҕоломмуттара. Ол уола улаатан, үлэһит буолан МВД-га үлэлээбитэ. Икки оҕолоох нуучча дьахтарын кэргэн ылан, киниттэн биир кыыс оҕолоох, кыыһа оҕолордоох. Илья 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллар. 1943 сыл от ыйыгар сураҕа суох сүппүт.

Максимов Николай Илларионович (1911-1942 с.с.)

Дарбыан оҕонньор уола Ньукулай 1911 сыллаахха Муҥдуҥдаҕа төрөөбүтэ. Убайа Охонооһой курдук эмиэ тэтиэнэх, сэниэлээх эбит. Холкуоска от үлэтигэр, мас кэрдиитигэр, тутууга күүһүн харыстаммакка үлэлээбитэ. Оскуола тутуутугар бары да оҕолорбут үөрэниэхтэрэ, сырдык кэскиллээх буолуохтара диэн үөрэ-көтө, үлүмэ-салыма түһэн үлэлээбиттэрэ. Баҕар, сэрииттэн эргиллибэт түгэннэригэр бу оскуола кинилэр сырдык ааттарын үйэтитиэн баҕарбыттара буолуо. 1941 сыллаахха Ньукулайы сэриигэ маҥнайгы хомуурга илдьэ барбыттара. 1942 сыллаахха сэрии толоонугар охтубута, ханна өлбүтэ, көмүллүбүтэ биллибэт. Ойоҕо да, оҕото да суох.

Максимов Егор Максимович (1913-1944 с.с.)

Махсыымап Дарбыан оҕонньор бииргэ төрөөбүт быраата Дьөгүөр 1913 сыллаахха Муҥдуҥдаҕа төрөөбүтэ. “Бааһынай” холкуос актыыбынай чилиэнэ этэ. уоттаах сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта уонна 1944 сыллаахха Белоруссияҕа өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.

Ньукулай, Ылдьаа, Дьөгүөр тустарынан туох да сурах, биллэрии суоҕа үһү.