Өрөспүүбүлүкэ күнэ

Бүгүн Саха сиригэр улахан суолталаах күн. 1922 сыл муус устар 27 күннэригэр Россия састаабыгар Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэрин туһунан Декреккэ илии баттаныллыбыт күн. Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, Харбалаахха нэһилиэгэр Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит, сахаларга сайдыылаах олоҕу аҕалбыт, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, саха норуотун улуу киһитэ Исидор Никифорович […]

БИБЛИОНОЧЬ 2025: СВОИ ГЕРОИ

Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката Арассыыйа үрдүнэн 18 төгүлүн ыытыллар “Библионочь 2025” аахсыйаҕа кытынна. Быйылгы аахсыйа тиэмэтэ “Свои Герои”, Кыайыы 80 сылыгар аналлаах. Ол курдук, “Строки Победы” аахсыйаҕа, библиотека көхтөөх ааҕааччылара Кыайыы туһунан хоһоон доргуччу аахтылар. “Письмо Победы” аахсыйаҕа 52 сурук киирдэ. Харбалаах нэһилиэгин дьоно, оҕолор Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаах […]

“КӨТӨР – ӨҤҮНЭН, КИҺИ – ӨЙҮНЭН”

“КӨТӨР – ӨҤҮНЭН, КИҺИ – ӨЙҮНЭН” үгэс буолбут өй күрэҕэ Оонньуубут Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, Г.И. Чиряев 100 сааһыгар, Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар ананан нэһилиэкпитигэр ыытылынна. Биэстии киһилээх 4 хамаанда күөн көрүстэ. Ол курдук, “Талбаана” түмсүү, нэһилиэнньэ, учууталлар уонна оҕолор. Сэбиэскэй партийнай диэйэтэл Г. Чиряев олоҕун толору билэн оскуола кэллэктиибэ көҺө сылдьар куубагы ыллылар. Оонньуубут […]

“КЫАЙЫЫ ЧОРООНО”

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” Харбалаах сиригэр кэллэ… Үөһээ Бүлүү улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” аахсыйа олунньу 19 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри, уопсайа 80 хонук устата тыа нэһилиэктэринэн, улуус тэрилтэлэринэн айанныы сылдьар. Ол курдук, муус устар 22 күнүгэр Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Харбалаахха кэллэ. Чороону туттарда Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта […]

“Библионочь – 2025”

Ежегодная акция «Библионочь» в 2025 году пройдет в России уже в 14-й раз. Тема этого года – «Свои герои» – акция пройдет под девизом «Нет в России семьи такой, где б не памятен был свой герой». Убаастабыллаах Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо, Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананар, нэһилиэк библиотеката ыытар биир улахан тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.

Кыһыны атаарыы – 2025

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэ кыһыны атаардыбыт. Саҥа И.Н. Барахов аатынан култуурунай сыантырбыт иннигэр күлэн-үөрэн, оонньоон-көрүлээн тарҕастыбыт. Култуура үлэһиттэрэ араас оонньуулары биирдиилээн уонна түөлбэнэн күрэхтэри ыыттылар. Ол курдук, түөлбэнэн плов астааһына, “Хаар айан” диэн кэрэ аҥардар икки ардыларыгар куоталаһыы уонна күүстээх аҥаардарга военизированнай эстафета. Саамай минньигэс пловтаах Харыйалаах түөлбэ буолла. Саамай быһый “Хаар айан” күрэххэ Майаахы кэрэ […]

«БАСХАН -2025» дьыалабыай оонньуу

Икки күннээх күөн күрэс биэс түһүмэҕинэн ыытылынна: «Удьуор утум», «Өркөн өй», «Дойду салайааччыта — мин тус көрүүбүнэн», «Мөккүөр», «Айыы умсулҕана». Дьоһуннаах тэрээһини көҕүлээччилэринэн уонна сүрүннээччилэринэн буолаллар: И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлэ,  Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо айымньытын киинэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи «Сомоҕо» оҕо уопсастыбаннай хамсааһына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа. Күрэс сыалынан уол […]

Ини-бии Ноттосовтар

Алексей Алексеевич Бөгдьөөн Миитэрэй уола Ноттос Өлөксөй дьиэ кэргэнигэр 1904 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох. Холкуостар тэриллибиттэригэр Өлөксөй биир бастакынан киирбитэ уонна күүһэ-кыаҕа тиийэринэн колхуос сайдарыгар, атаҕар турарыгар үлэлээбитэ. Үүт табаарынай ферматыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Сэриигэ бастакы ыҥырыкка бронь биэртэрэ. Иккис ыҥырыкка 1942 сыллаахха барбыта. Кэргэнигэр Софья Егоровнаҕа бараары туран соҕотох уол оҕотун, кыракый Миитэрээһи, үчүгэйдик көрөн-харайан, […]

Аллергия на цветение

Аллергия на цветение деревьев – это распространенная патология сегодняшних дней, которая проявляется острым аллергическим воспалением слизистых поверхностей дыхательных путей, органов зрения, кожных покровов. Заболевание относят к сезонным недугам. В основе болезни лежит высокая чувствительность к пыльце растительных культур. С каждым годом патология становится более распространенной среди жителей планеты.