КӨМҮС КӨЛҮӨНЭ ДЬОММУТУГАР

Алтынньы ый 1 күнүттэн 7 күнүгэр дылы Харбалаах нэһилиэгин Аҕам саастаах дьоммутугар ананна.

И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр 2 күн устата буор босхо киинэ көрдөрдүлэр. Алтынньы 1 күнүгэр күнүс 15ч 00м “Слоны мои друзья”, киэһэ 20ч 00м “Не могу сказать “прощай””. Алтынньы 2 күнүгэр күнүс 15ч 00м “Зита и Гита”, киэһэ 20ч 00м “Невероятные приключения итальянцев в России”.

Бүлүү куоракка сынньанан кэллилэр. Нэһилиэк баһылыга Константин Данилович Платонов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. П.Х. Староватов түмэлигэр, саҥа арыллыбыт «Поющие пески» диэн Бүлүү өрүс кытылыгар уонна д.а. сирдэргэ сылдьан, ытык-мааны дьоммут астынан, дуоһуйа сынньанан, илэ-хоро кэпсэтэн кэллилэр. Константин Даниловичка махталлара муҥура суох.

Харбалаах нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара уһун үйэлээхпитигэр Филиппова Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт.

“Дэйбиир” сахалыы сувенир оҥоруутугар маастар кылаас буолла. МК-ны иилээн-саҕалаан ыытта Агафья Дмитриевна Николаева.

Харбалаахтааҕы ФАП фельдшера Марина Миссаиловна “Чөл олох” диэн тиэмэҕэ бэсиэдэ ыытта, араас хамсаныылары көрдөрдө, доруобуйаларын көрдө-иһиттэ, сүбэ-ама буолла.

Исидор Барахов аатынан Саха судаарыстыбаннаһын түмэлэ “День открытых дверей” ыытта. Ол курдук, ҮөҺээ Бүлүү Намын ытык-мааны саастаахтара, Үөһээ Бүлүүтээҥи көрбөттөр уопсастыбаларын харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьон түмэли көрөн бардылар.

Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката сылын аайы уот төлүүр киниискэни бэлэх уунар. “… Аахпыт ааспат ахтыл5ына” кинигиэ быыстапката турда. Ону таһынан, “Саамай сөбүлээн аахпыт кинигэн” диэн социальнай ситиминэн ыйытык ыытта.

Түмүктүүр тэрээһининэн, итии үүттээх чэйдээх, минньигэс астаах остуол тула олорон оонньоон, үҥкүүлээн, сэһэргэһэн бэрт сэргэх тэрээһиҥҥэ сылдьан астынан, сынньанан тарҕастылар.

“Бу дьоһуннаах тэрээһини тэрийтэрбит Константин Даниловичка, сүүрэн-көтөн тэрийбит дьаһалта уонна культура киинин үлэһиттэригэр барыгытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу-соргуну баҕарабыт.
👏👏👏👍👍👍”