Тоҥуулаахха Нуучча өтөҕөр 1934 сыллаахха Киров аатынан (артыал) колхуос тэриллибит. Онно элбэх оҕолоох ыал, Дария уонна Гаврил Федоровтар киирбиттэрэ. Федоровтар улахханнара Мария уонна Анастасия диэн кыргыттар. Николай, Иннокентий, Самсон, Савва, Ефим диэн биэс ини-бии уолаттардаахтара. Бу биэс уол бөдөҥ-садан, көр-нар аргыстаах үлэһит дьон буола улааппыттар. Федоровтар бары биир да мунньаҕы көтүппэт, төһөнү билбиттэринэн дьоҥҥо тиэрдэр, дьон мустубут сиригэр бэсиэдэ ыытар дьоннор этилэр. Культурнай үлэ араас көрүҥнэригэр олус активнайдык кытталлара. Ийэлэр эрдэ олохтон туораан, оҕолору эдьиийдэрэ Маарыйа, Настааччыйа уонна аттыгар олорор абаҕалара көмөлөөн ииппиттэр. Аҕаларын сорохтор: “Тайҕаҕа харчы өлөрө барбытын айыыта”, – дииллэрэ, сорохтор “эрдэ өлтө быһыылааҕа”, – дииллэрэ. Настааччыйа ыарыһах буолан кырдьар сааһыгар тиийээхтээбэтэх. Маарыйа оччугуй уолу Ефимы Чочуга эргэ барарыгар илдьэ барбыт. Онон Ефим араспаанньата иитиллибитинэн Иванов диэн буолбут.
Иннокентий Гаврилович Федоров (1913? – 1944?). улахан дьон үөрэнэр ликбеһинэн үөрэнэн, бэйэтэ сылдьан эрэн ааҕар-суруйар буолбута. Кини судургу, туруу үлэһит буолан, бастаан ударник, кэлин стахановец чиэстээх аатын сүкпүтэ. Иннокентий Федоров улахан ыарыһах этэ. Ол эрэн бииргэ үөскээбит дьоммуттан хаалбаппын диэн, сэриилэһии фронугар барарга бэйэтин көрдөһүүтүнэн 1942 сылга барбыт. 32 саастаах эбит. Тохсунньу 13 күнүгэр 1944 сыллаахха өлбүт. 135-с стрелковай дивизия саллаата эбит, Ленинградка көмүллүбүт.
Николай Гаврилович Федоров (1911?-1943 с.с.), улаханнара буолан, аҕатын кытта олорор күөллэригэр, ырааҕынан-чугаһынан илимнээн-туулаан балык таһан, кыра бырааттарын аһатыһара. Матыыканан, мас суханан атынан-оҕуһунан тартаран, бэрт кыра бурдук сирэ оҥостубуттара. Кини 1942 сылга сэриигэ ыҥырыллыбыта. Ликбезкэ үөрэнэн бэйэтэ холкутук ааҕар, суруйар буолбута. Николай Гаврилович 1940 сылтан хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Үтүө суобастаахтык үлэлиир буолан, үлэ ударнигын чиэстээх аатын ылбыта. Тоҥуулаах Бэрэтигэр олорор Чоостоон Миитэрэй кыыһын Егорова Евдокияны кэргэн ылар. Евдокия Дмитриевна үйэтигэр ыанньыксыт этэ. Уоллаах кыыс оҕолоноллор, кыыстара бэрт кыратыгар өлбүт, уол үс сааһыгар эрэ тиийээхтээбит. Үһүс оҕоломмутар. “Эмиэ төннөрө буолуо”, “абааһы сиирэ буолуо” , – диэн куттаналлара үһү. Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьар бырааттара Савва кэлэн “Туох да кыайбатах киһитин Спартак диэххэ” диэн Спартак диэбиттэр. Спартак аҕата сэриигэ барарыгар аҕыйах ыйдаах оҕо хаалбыта. Ньукулай барарыгар: «Oҕоҕун иит-харай, үтүө киһи oҥop, өстөөҕү кыайан-хотон эргиллиэм!» — диэн кэргэнин уоскуппута. Билигин ол биэс ини-биилэртэн кинилэр ааттарын ааттатар соҕотох киһи – Спартак Николаевич Федоров эргиэн тэрилтэтигэр үлэлиир. Казань куорат кыыһа эмп үлэһитэ кэргэннээх. Кинилэр үс оҕолоохтор, биэс сиэннээхтэр Aҕaтa сэрииттэн эргиллибэтэҕэ. Кэргэнигэр бүтэһик суругар маннык строкалар бааллар: «Ардах ыаҕастаах уунан кутар. Сотобут ортотунан бадарааны оймоон сылдьабыт. Биһиги кыайыы суолунан иннибит диэки баран иһэбит. Сарсын атаакаҕа турунуохпут! – Уонна суругун бүтүүтүгэр: – Оҕобун түһээн көрдүм, сүүнэ киһи буолбут. Үөрэбин! — диэхтээбит.
Самсон Гаврилович Федоров (1914-1942 с.с.) колхоһугар мас кэрдээччинэн, ол кэрдибит маһын хас да көлөнөн бэйэтэ таһан, от тиэйээччинэн ураты кыайыылаахтык үлэлиирэ. Дьонун да, холкуоһун да ыраах-чугас сырыыларыгар сылдьааччы кини этэ.
Бырааттыылартан бастаан сэриигэ ыҥырыллааччы үһүс уол Самсон эбит. Ол курдук, 1941 сыллаахха 27 сааһыгар сэриигэ бастакы хомуурга барбыт. 1942 сыллаахха өлбүт, Новгородскай уобаласка Старорусскай оройуонугар, Березино дэриэбинэҕэ көмүллүбүт.
Ефим Гаврилович Федоров (1921-1944 с.с.) биэс ини-бии Федоровтартан саамай кыралара этэ. Кини букатын кыратыгар төгүрүк тулаайах хаалан, Бүлүү оройуонугар улахан эдьиийэ Иванова Мария Гаврильевнаҕа, Сыралта нэһилиэгэр, Бакамак диэн эбэ кытылыгар улааппыта. Онон кини эдьиийин кэргэнин аатынан Иванов Ефим Гаврилович буолбута. 1940 сыллаахха дьоно Бүлүү куоратыгар көһөн киирбиттэрэ. Онтон кини Ийэ дойдутун фашистскай талабырдьыттартан көмүскэһэ 1941 сыллаахха сэриилэһэр Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта (Ефим туһунан ити курдук ахтар бииргэ үөрэммит, бииргэ оонньоон улааппыт доҕоро – Бүлүү оройуонун Чочу нэһилиэгиттэн сэрии, үлэ ветерана Константинов Н. И. (12.03.87 с.).
Кини бары кылаастарга бэрт үчүгэйдик үөрэммитэ үhү. Сэриигэ ыҥырыллыан иннигэр куоракка милицияҕа үлэлээбит. Кэргэнигэр биир уол оҕо хаалбыт. Сэрии кэнниттэн Жиганскайтан саҥаһа, ол оҕото 8 сааһыгар ыалдьан өлбүтүн туһунан Спартак Николаевичка суруйбут. Ол кэнниттэн саҥаһа ханнатын, кини үлэтин, олоҕун туһунан Спартак Федоров билбэт.
Савва Гаврилович Федоров (1919-1942 с.с.) – Федоровтар төрдүс бырааттара этэ. Кини 12 саастааҕыттан «Саабыйа» диэн псевдонимынан оскуолаҕа эркин хаһыатыгар хоһооннору суруйтуур буолбута. Онно оҕолор, айылҕа, араас бырааһынньыктар тустарынан хоһуйара. V-c кылааска Opohy оскуолатыгар үөрэммитэ. Пионер Савва Федоров Эрилик Эристиин «Уйбаан дууһа» диэн кэпсээнинэн «Аакай Муокас» диэн пьесаны суруйбута. Ону оскуола оҕолоро уонна учууталлар нардомҥа (народный дом – оччотооҕу клуб аата) оонньообуттарын, дьон-сэргэ сэргээн көрбүтүн туһунан билигин пенсионер учууталлар А.Д. Данилов, П.С. Лебедкин кэпсииллэр. Бииргэ үөрэнэр доҕотторо кини киэҥ билиилээҕин, ahapa үчүгэй хоһооннорун иһин, олус ытыктыыллара: «Саабыйа поэппыт» диэн ааттыыллара.
Савва 24 саастааҕар, 1942 сыллаахха сэриигэ барар. 1944 сыллаахха өлбүт, Харьковскай уобаласка Салтыковскай оройуоҥҥа, “Фрунзе” холкуоска көмүллүбүт. 1943 сылга Харбалаах советыгар Савва Федоров өлбүт биллэриитэ кэлбитэ. Саабыйа Украина көмүскэлигэр кавалерияҕа сылдьан өлөөхтөөбүт.
Ити курдук биир дьиэ кэргэнтэн биэс ини-бии уолаттар Аҕа дойдуну көмүскээбиттэрэ, олохторун толук уурбуттара.
Федоровтар үһүөн, колхоз араас эппиэттээх үлэлэрин чиэһинэйдик толорор туһугар уонна ураты сатабыллаахтык дьону көҕүлээн үлэлэтэр буоланнар, үлэ ударниктара уонна бастыҥтан бастыҥ стахановецтар этилэр.


Евдокия Павловна Семенова, И.Н. Бараахап аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин үлэһитэ биэс ини-бии Федоровтар бойобуой суолларын кэпсээтэ.
Оҕолор Память народа сайтан ини-бии Федоровтары көрдөөн маннык докумуоннары буллулар.



