ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

“Таал-Таал эмээхсин”

ТААЛ-ТААЛ ЭМЭЭХСИН

Таал-Таал эмээхсин олорбута үһү. Таал-Таал эмээхсин, бэстилиэнэй ынаҕын өлөрөн сиэн баран, таалын эрэ ордорон, ардьаахха хатара ууран баран, уу баһа киирбит. Икки ыаҕаска уутун баһан таһааран, уу кытыытыгар ууран баран, хатыыскалыы сылдьыбыт. Ол хатыыскалыы сылдьан, сыыһа тирэнэн, сототун тосту түһэн кэбиспит.

Ол сытан:

  • Муус-муус, бэккиэн? диэбит.
  • Муус-муус бэрдим ханна барыай.
  • Муус-муус бэрт-бэрт буоллаххына, күн-күн уота тобо уулларар?
  • Күн-күн уота бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Кун-күн уота, бэккиэн?
  • Күн-күн уота бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Күн-күн уота, бэрт бэрт буоллаххына, таас-таас хайа тоҕо хаххалыыр?
  • Таас-таас хайа бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Таас-таас хайа, бэккиэн?
  • Таас-таас хайа бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Таас-таас хайа, бэрт бэрт буоллаххына, тыал-тыал тоҕo cyohapap?
  • Тыал-тыал бэрдэ бэрт буоллага эбээт.
  • Тыал-тыал, бэккиэн?
  • Тыал-тыал бэрдим-бэрдим ханна барыай?
  • Тыал-тыал, бэрт бэрт буоллаххына, от мас тоҕо хаххалыыр?
  • От-мас бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • От-мас, бэккиэн?
  • От-мас бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • От-мас, бэрт-бэрт буоллаххына, уот-уот тоҕо сиир?
  • Уот-уот бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Уот-уот, бэккиэн?
  • Уот-уот бордим бэрдим ханна барыай.
  • Уот-уот, бэрт бэрт буоллаххына, уу-уу тоҕо умуруорap?
  • Уy-yy бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Уy-yy, бэккиэн?
  • Уy-yy бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Уу-уу, бэрт бэрт буоллаххына, быһыт-быһыт тоҕо хаайар,
  • Быһыт быһыт бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Быһыт-быһыт, бэккиэн?
  • Быһыт-быһыт бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Быһыт-быһыт бэрт-бэрт буоллаххына, сур күүдээх тобо супту сүүрэр?
  • Сур күүдээх бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Сур-сур күүдээх, бэккиэн?
  • Сур-сур күүдээх бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Сур-сур күүдээх, бэрт бэрт буоллаххына, ыт-ыт тоҕо тутан сиир.
  • Ыт-ыт бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Ыт-ыт, бэккиэн?
  • Ыт-ыт бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Ыт-ыт, бэрт-бэрт буоллаххына, бөрө-бөрө тоҕо куттуур?
  • Бөрө-бөрө бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Бөрө-бөрө, бэккиэн?
  • Бөрө-бөрө бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Бөрө-бөрө, бэрт бэрт буоллаххына, хахай-хахай тоҕо тутан сиир,
  • Хахай-хахай бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Хахай-хахай, бэккиэн?
  • Хахай-хахай бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Хахай-хахай, бэрт бэрт буоллаххына, киһи-киһи тоҕо бултуур?
  • Киһи-киһи бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
  • Киһи-киһи, бэккиэн?
  • Киһи-киһи бэрдим-бэрдим ханна барыай.
  • Киһи-киһи бэрт бэрт буоллаххына… – диэн иһэн Таал-Таал эмээхсин өлөн хаалбыт. Онон ким саамай бэрдэ биллибэккэ хаалбыт.

👨‍👩‍👧👨‍👩‍👧‍👦👨‍👩‍👦‍👦👨‍👩‍👧‍👧👨‍👩‍👦👨‍👩‍👧👨‍👩‍👧‍👦👨‍👩‍👦‍👦👨‍👩‍👧‍👧
Бээтинсэ-“Остуоруйа истэр дьоро киэһэм” диэн бүтүн нэһилиэк дьоно кыттар бырайыакпытын саҕалыыбыт.
Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар “Таал-Таал эмээхсин” остуоруйаны дьиэ кэргэҥҥитинэн бииргэ олорон истэргэ,кэпсэтэргэ анаан ыытабыт.
🎁🎁🎁🎁🎁🎁🎁🎁🎁
АНЫГЫ БЭЭТИНСЭҔЭ БУ ОСТУОРУЙАБЫТ ОЙУУЛУГУ ЫЫТЫАХПЫТ.ОНТОН КЭЛЭРГЭ СОҺУЧЧУ БЭЛЭХ!🎁🎁🎁🎁🎁🎁
🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳🥳
Дьиэ кэргэнинэн сүтэн эрэр аптаах дьоро киэһэни ыытан көрүөххэйиҥ!
👨‍👩‍👧‍👧👨‍👩‍👦‍👦👨‍👩‍👧‍👦👨‍👩‍👧👨‍👩‍👦👨‍👩‍👧‍👧👨‍👩‍👦‍👦👨‍👩‍👧‍👦