Тохсунньу 5 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Платонов Константин Данилович туйгун үөрэхтээх, актыбыыс оскуола оҕолорун чиэстээтэ. Ол курдук, 35 хорошист, 4 отличник уонна 3 номинация актыбыыс оҕолорго грамота туттарда. Номинацияҕа Николаев Ильдар 7 кылаас үөрэнээччитэ улуус олимпиадатыгар ситииһээлээхтик кыттыбытын иһин, Григорьев Гурий 10 кылаас үөрэнээччитэ улууска, өрөспүүбүлэкэҕэ спортка ситииһилэрин, көхтөөх кыттыытын иһин уонна Семенова Екатерина 11 кылаас үөрэнээччитэ оскуолаҕа, нэһилиэккэ актыыбынай кыттыытын иһин грамотаннан наҕараадаланнылар, чиэстээн бочуоттаан подарок ыллылар.
Тохсунньу 19 күнүгэр, НВК канал сарсыардааҥҥы «Саҥа күн» биэриигэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Поскачин Владимир Семенович уонна Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Платонов Константин Данилович саха норуотун чулуу уола, Саха Автономиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бөдөҥ политическай диэйэтэл Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр тустарынан сиһилии кэпсээтилэр.
Тохсунньу 19 күнүгэр, Дьокуускай куоракка СӨ Национальнай библиотекатыгар «Исидор Барахов» «Жизнь замечательных людей» сиэрийэ иһинэн тахсыбыт кинигэ презентацията буолла, автор Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду
Тохсунньу 19 күнүгэр, Кун киhитэ кемускэс!Айыы киһитэ аһыныгас! 🙏🙏🙏🙏
Үөһээ Бүлүү уулууһун, Харбалаах нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Николаевтар дьиэ кэргэнэ саҥа туттан көһөн киирээри сылдьар дьиэлэрэ 19.01.2023сыл 19:00-20.00ч. уот напряженията хамсааһыныттан дьылбыт саамай тымныы күннэригэр бүтүннүү умайда.
Саҥа ылбыт туттар тэриллэрэ уокка былдьанна. Бар дьоммут ким кыахтааҕынан күүс көмө буоларгытыгар эрэнэбит. Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ!
Харчыннан көмөнү кэргэнигэр +7 914 825-47-11 ИВАНОВА АЭЛИТА ГРИГОРЬЕВНА ыытаргытыгар көрдөһөбүт
Тохсунньу 23-28 күннэрэ, Харбалаах нэһилиэгэр спорт араас көрүннэригэр бу нэдиэлэҕэ ситииһиилээх буолла.
1. Ол курдук улахан ситиһии Республикаҕа оҕолорго гиирэ күрэҕэр Үөһээ Бүлүү сборнайыгар 2 кыыспыт кыттан хамаандаҕа элбэх очко биэрэн Үөһээ Бүлүү хамаандата бастаата!🏆
Андросова Рубина 🥇
Гаврильева Индиана 🥈Оҕолорбут үрдүк ситииһиилэринэн киэн туттабыт, дьарыктаабыт тренрдарыгар Ирина Яковлевна Алексееваҕа махталбытын тиэрдэбит💐 өссө да элбэх оҕолору спортка угуйаргар баҕарабыт.
2. Мас тардыһыытыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэктэринэн комплекснай спартакиада буолан ааста. Күрэххэ икки группаҕа арааран барыта 300чэкэ кыттааччылах тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Ол түмүгүнэн 2 группаҕа Харбалаах хамаандата Эр дьоццо, дьахталларга уонна бэтэрээннэргэ хамаанда туруоран эрэллээхтик 🥇🏆 миэстэ буолла.👍🏻✊🏻
Кэрэ аҥаардарга
55кг-Ким Татьяна 🥉
60кг-Алексеева Ирина 🥇
75св.-Кардашевская Розалия 🥇
Эр дьоҥҥо
60кг-Абрахов Саша 🥉
70кг-Иванов Максим🥉
90кг-Романов Кэскил 🥇
Бэтэрээннэргэ
90св.Николаев СергейН🥈
65кг-Николаев Сергей К🥉
75кг-Семенов Павел 🥇
85кг-Платонов Констан.🥇
85св.Николаев Ким 🥇
Григорьева Надежда Анатольевна уонна Петров Дьулус Пантелеймонвич эмиэ үчүгэй киирсиилэри көрдөрдүлэр.👍🏻 Кыттыбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.
3. Остуол тиэниһигэр 🏓 комплекснай спартакиадаҕа 2 группаҕа Харбалаах
хамаандата эрэллээхтик бастакы 🏆🥇 миэстэни ыллылар.👍🏻
Андреева Саргы-🥇
Брошев Арнольд-🥈
Петров Саша- 🥇
бу састаабынан дьоммут хаһыс да ситиһиилэрэ, эҕэрдэлээн биэриэҕин👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻💐✊🏻✊🏻
4.Оскуола оҕолоругар коплекснай спартакидаҕа волейбол 🏐 күрэҕэр сытыы киирсиилэргэ уолаттар 🥈миэстэ кыргыттар 4 миэстэ буолан уопсай хамаанднайга 2 миэстэ буоллулар 👏🏻👏🏻👏🏻 👍🏻
Онон бу нэдиэлэ түмүгэ Харбалаахтарга спорт көрүннэригэр ситиһилээх буоллулар,өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар, дьоммутугар доруобуйаны уонна нэһиликкит туһугар көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтал!Өссө да кытта турун диэн ыҥырабыт зал аһаҕас кэлин сылдьын спордунан дьарыктанын, чөл олоҕу көҕүлүөх, доруобай туруктаах чэгиэн-чэбдик буолун!✊🏻✊🏻✊🏻
Олунньу 12 күнүгэр, Бүгүн саха бырабыыталыстыбатын бастакы салайааччыта, саха саарына, бөдөҥ уопсастыбаннай бэлэтиичэйскэй диэйэтэл Иссидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылын туолар.
Бу чэрчитинэн кииҥэ түспүт сиригэр – Харбалаахха үтүө киһибитигэр сүгүрүйэн, уопсастыбаннас пааматынньыгар муһунна.
2014 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр Исиидэр Бараахапка пааматынньык туруоруллубута. Бүгүн куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара.
Исиидэр Никифорович сахалыы бэчээти сайыннарбыт, төрүт тылбыт сайдыытын сүрүннээбит сыаналаммат өҥөлөөх. Кини 1938 сыллаахха, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, баара-суоҕа 40 сааһыгар орто дойду олоҕуттан туораабыта.
Үтүө өйдөбүл, албан аат үйэлэргэ симилийбэтин!
Олунньу 16 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын 2022 сыллааҕы үлэтин отчуота буолла. Отчуокка кыттыыны ылылар ситэриилээх былаас иккис бөлөҕүн кытта Үөһээ Бүлүү улууһуттан:
1. Михалев Семен Анатольевич- Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта;
2. Слепцов Прокопий Николаевич – Үөһээ Бүлүү улууһун прокурора.
Уһулуччулаах политическай деятель Исиидэр Бараахап төрөөбүт Харбалааҕын нэһилиэгэр Бырабыыталыстыба отчуотун мунньаҕа Россия уонна Саха сирин гимниттэн саҕаланна.
Отчуоттуур бөлөх састаабыгар СӨ норуоттарын дьыалаларын уонна тас сибээс миниистирэ Гаврил Кириллин, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Семен Михалев, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үүнээйини олордуу, мелиорация уонна материальнай-техническай хааччыйыы департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев, тутуу министерствотыттан долевой тутуу кыттыылаахтарын бырааптарын көмүскүүр пуонда 1-кы категориялаах инженерэ Владислав Николаев уонна СӨ атыы-эргиэн уонна туризм министерствотыттан атыы-эргиэн, уопсастыбаны аһынан хааччыйыы уонна конкуренция отделын салайааччыта Лидия Золотарева бааллар.
Отчуот сүрүн ис хоһоонун, аныгы үйэ сиэринэн, видеоролик нөҥүө көрдөрдүлэр.

Харбалаах нэһилиэгин И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин дириэктэрэ Светлана Копыленко Саха Өрөспүүбүлүкэтин Автономията төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэтинэн наҕараадаланна.
Светлана Даниловна Дьокуускай куоракка сылдьар буолан, наҕарааданы уола Александр Копыленко миниистир Гаврил Кириллин илиититтэн тутта.
Харбалаах орто оскуолатын дириэктэрэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Васмар Руфов биир бастакынан санаатын этиннэ. Ол курдук, И.Н.Барахов судаарыстыбаннас түмэлин, ону тэҥэ Исидор Барахов дьонун дьиэтин, ампаардарын, хас да былыргы тутууну барытын түмэл миэстэтигэр улахан уһаайба оҥорордуу көһөрөн тутууга, улуус үбүнэн эрэ муҥурдаммакка, бырабыыталыстыба бюджетыттан эмиэ көмө быһыытынан харчы көрүллэрэ наадалааҕын бэлиэтээтэ. И.Н.Барахов уонна норуот суруйааччыта Николай Якутскай төрөөбүт нэһилиэктэригэр биир да саҥа тутуу суоҕун чопчулаата. Ону тэҥэ сэлээркэ сыанатын хонтуруоллуур, чуолаан сайыҥҥы өттүгэр, от кэмигэр чэпчэтиилээх сыана олохтоноро наадатын ыйда.
Тутуу боппуруостарыгар хоруйу тутуу министерствотын инженерэ Владислав Николаев биэрдэ:
– Оскуола тутуутун докумуона экспертизаны ааспыта, ол эрэн өрөспүүбүлүкэ тутууларын уочаратынан испииһэгэр 54-с миэстэҕэ сылдьар.
Судаарыстыбаннас түмэлин көһөрөн тутуу үлэтэ кулун тутар ыйтан саҕаланыаҕа.
Харбалаах баһылыгын солбуйааччыта Владислав Иванов нэһилиэккэ баһаарынай чаас наадалааҕын бэлиэтээтэ:
– Саҥа дьыл иннигэр эдэр ыал саҥа тутта сылдьар дьиэлэрэ лөкөччү умайбыта. Маныаха Тамалакаан нэһилиэгиттэн баһаарынайдар кэлэллэригэр бириэмэни ылар. Саҥа тутуулар элбиэхтэрэ, оччотугар уоттан сэрэхтээх, бэлэм буолар наадатыгар миэстэтигэр баһаарынай чаас баара наада.
Харбалаахтар баһаарынай чаас баар буоларын күүскэ туруорсалларын Семен Михалев бэлиэтээтэ. Тыын суолталаах боппуруоһу мунньах боротокуолугар киллэрдилэр.
Харбалаах нэһилиэгин бэтэринээрэ Анжелика Попова тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнаһын туруоруста.
– Тыа хаһаайыстыбатыгар көмө сыл аайы улаатар диигит, тыа сирин сайыннарабыт диигит даҕаны бэтэринээрдэр хамнаспыт олус кыра. Тымныыны, кири-хоҕу аахсыбакка түүннэри-күнүстэри ынах, сылгы сүөһүнү төрөтөбүт. Ону тэҥэ туох да чэпчэтии көрүллүбэт. Маннык кыра хамнаска тыаҕа эдэр дьон үлэлии кэлбэт, ол иһин үлэһит илии тиийбэт.
Харбалаах нэһилиэгин олохтооҕо Руслан Иванов биэнсийэҕэ ыстааһа тиийбэт буолан кыайан тахсыбакка сылдьарын этиннэ. Кырдьаҕас ийэтин көрөн, буостуктаан олорбут сылларын оҥорор кыаҕа суоҕун чопчулаата.Бу боппуруоһун тус кэпсэтии быһыытынан кыһалҕаны быһаарарга үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Ону тэҥэ Исиидэр Бараахап төрөөбүт дойдутугар биир да саҥа, сонун тутуу суоҕун эмиэ этиннэ. Ол курдук, кулууп, оскуола, оҕо саада барыта эргэ мас тутуулар.
Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа Марина Котоконова дьаһалта специалистарын хамнаһа кыратын, үрдүүрэ наадалааҕын бэлиэтээн туран боротокуолга киллэттэрдэ.
Харбалаах нэһилиэгин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Рузанна Николаева анал байыаннай эпэрээсийэҕэ бэбиэскэнэн ыҥырыылаах кэргэннээх киһи быһыытынан байыастар уоппускаларын хонугун туоһуласта.
– 15 хонуктаах уоппускаларыгар айаннарын күннэрэ киирэр дуу, киирбэт дуу? Оҕо босуобуйатын урукку өттүгэр ылбат этим, ол эрэн кэргэним анал эпэрээсийэҕэ барбытын кэннэ син-биир босуобуйаҕа хапсыбаппыт. Анал байыаннай эрэрээсийэҕэ барбыт байыастар уопсайынан хаһан төннөн кэлэллэрий? Болдьохтоох дуо?
Харбалаах оскуолатын үлэһитэ Анавера Максимова оскуола оҕотун күннээҕи аһылыгын сыанатын үрдэтэри туруоруста.
Харбалаах оҕо саадын иитээччитэ Акулина Иванова уот, газ тарыыбын сылга иккитэ үрдээһинин тохтотору туруоруста.
Олунньу 19 күнүгэр, улууспут аҕа баһылыга тыа хаһаайыстыбатын салайааччытын Сергей Иванову уонна Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын Константин Платоновы кытта Харбалаахтан икки көс ыраах сытар Тоҥуулаахха тиийэн, сылгыһыттары кытта көрүстүлэр.
Маҥнай 50 төбөлөөх Уларов Альберт Николаевич базатыгар сырыттылар. Альберт Николаевич базатын бэйэтин күүһүнэн туттан киирбит.
Салгыы эмиэ бу алааска базалаах, 80 төбөнү тутан олорор Николаев Ибрагим Ивановичка ыалдьыттаатылар. Ибрагим Иванович базатыгар саҥа толору хааччыллыылаах гараһы туттубутун көрөн хайҕаатылар. Ибрагим Иванович Олоҥхо ыһыаҕар сылгылар хаамыыларыгар атын сиэллэрэн кыттыбыта. Маны сэргэ лотереяҕа 4 убаһатын бириискэ биэрэн, олуһун көмөлөспүтэ.
Бэс ыйын 23 күнүгэр, «БАРААХАП БАРҔАРЫЫ СУОЛЛАРЫН ЫЙБЫТЫҤ» уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах Харбалаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа. Ыһыах арыллыыта, Бараахап төрүөҕүттэн саҕаланан, үлэтин-хамнаһын, олоҕун уустаан-ураннаан көрдөрдүлэр. Ыһыах сценарыйын түмэл сүрүннүүр үлэһитэ Семенова Евдокия Павловна оҥорбута. Өрөспүүлүкэтээҕи Суорун Омоллоон аатынан тыйаатыр артыыстара, Улуу дьоннорбут мөссүөннэрин тыынаҕымсытан көрдөрөн, ыһыах арыллыытын тупсаран биэрдилэр. Бочуоттаах ыалдьыттарынан кэллилэр улууспут аҕа баһылага Поскачин В.С. «Исидор Барахов» кинигэ ааптара Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду …
От ыйын 21 күнүгэр, правительство председателя Тарасенко А.В. Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэлээн барда. Хороҕо Сээҥээби күөлгэ, балыыһаҕа, Үөһээ Бүлүү аннынан биэрэги бөҕөргөтөр капитальнай үлэни, Үөдүгэйгэ тутулла турар спортивнай оскуоланы, Үөһээ Бүлүү биир улахан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр “Булгунньахтаах” крестьянскай хаһаайыстыбаҕа, ООО “Верхневилюйский” переработка собуотугар сырытта. Онтон предпринимателлэри кытта көрсүһүүгэ кыттыыны ылла. Салгыы Харбалаахха тутулла турар Барахов музейыгар таарыйан тутуу хаамыытын кытта билистэ.
Бу маннык кэрийэн, билсэн барбыта бэрт дьыала. Билигин протоколун уонна быһаарыыларын кэтэһэбит.
Атырдьах ыйын 11күнүгэр, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев улууспутугар оробуочай сырыытын кэмигэр Харбалаахха Исидор Бараахап аатынан судаарыстыбаннас түмэлин тутуу хаамыытын көрдө-иһиттэ. Бу сырыы түмүгүнэн киниттэн: “Улууска И. Н. Барахов аатын сүгэр түмэл норуот үгэстэрин, абыычайдарын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туох суолталааҕый?” – диэн ыйытыыбытыгар маннык хоруйдаата:
– Исидор Барахов Максим Аммосовтыын, Платон Ойуунускайдыын уонна да үгүс соратниктарын кытта өрөспүүбүлүкэни төрүттэспит ытык дьоммутунан буолаллар. Маннык түмэллэри тутаммыт, биһиги үйэлэртэн үйэлэргэ бэриллэр көлүөнэлэр ситимнэрин үөскэтиэхтээхпит. Ол сыалтан бу түмэл тэриллибитэ. Бу музей дьиэтэ эрэ буолбакка, иһигэр культура дьиэлээх, библиотекалаах, бэртээхэй улахан саалалаах эбийиэк бу сыл түмүгэр үлэҕэ киирэн, улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да ураты суолталаах, историяны үөрэтэргэ, оҕолорбутун патриотическай тыыҥҥа иитэргэ ураты суолталаах эбийиэгинэн буолуоҕа.
Балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр Быыбар-2023. Саха сирин баһылыгын, өрөспүүбүлүкэ народнай депутаттарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын Дууматын таллыбыт. Харбалаах нэһилиэгин 91 нүөмэрдээх быыбардыыр хамыыһыйаҕа барыта 251 киһи быыбарга кытынна. Куоластааччы испиэһэгэр 275 киһи баарыттан, ол аата 91.3% куолаһын биэрдэ. Айсен Сергеевич Николаевка куоластааччы 100% куолаһын биэрбитэ биһирэнэр, улууспут аҕа баьылыгар В.С. Поскачиҥҥа 75,5% куолаһын биэрдэ. Бу өрөспүүбүлэкэбит инникитэ өссө сайдар кыаҕар, быһаарыылаах быыбарыгар сөптөөхтүк талыы буолбутун, нэһилиэк дьоно талла.
Саха сирин баһылыгын талыыга:
Борисов И.А. – 4
Губарев В.Н. – 2
Николаев А.С. – 241
Парахин Г.П. – 0
Ааҕыллыбат бүллүтүөн – 4
Үөһээ Бүлүү уонна Горнай оройуоннарын уокуруган өрөспүүбүлүкэ народнай депутатын талыыга:
Габышева Ф.В. – 43
Захарова А.И. – 6
Ильин Н.Е. – 1
Поскачин В.С. – 190
Ааҕыллыбат бүллүтүөн – 2
Баартыйанан талыыга
Справедливая Россия – 40
ЛДПР – 1
Новые люди – 21
КПРФ 12
Единая Россия – 171
Родина – 2
Ааҕыллыбат бүллүтүөн – 4.
Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтэ «Ийэ тыл – көмүстэх үрүйэ» диэн тэрээһини Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр тэриллибит Ийэ тыл түмсүүлэрин түмэр сыаллаах тэрилиннэ. Тэрээһин сүрүн сыалынан: Ийэ тылы хараанныырга үлэни сүрүннээһин. Соруктарынан: саха норуотун суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Н.Якутскай 115 сааһын бэлиэтээһин; Харбалаах нэһилиэгэр тэриллибит “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былааныгар олоҕуран, нэһилиэктэр түмсүүлэрин үлэлэрин торумнааһын.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин сүрүн үлэһитэ Семенова Евдокия Павловна ыытта. Ийэ тыл сүбэтин салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров тыл эттэ. Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов суруйааччы Николай Якутскай псевдонимын хайдах ылыммытын туһунан кэпсээтэ. Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Иванович Кононов тыл эттэ. Харбалаах нэһилиэгин 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар. Түмэл дириэктэрэ Светлана Даниловна Копыленко суруйааччы Николай Якутскай олорон ааспыт олоҕун, айар үлэтин туһунан үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрдэ.
Суруйааччы киинэ түспүт уонна олорон ааспыт алаһа дьиэтигэр сырыттылар.
Николай Якутскай төрөөбүт алааһыгар – Дөлөкөйгө дьиэтин оннун көрдүлэр, ыалдьыттар сэргэ, дүлүҥ тыы көрдөөн бириис туттулар уонна тото-хана аһаатылар.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар Харбалаах нэһилиэгэр тэриллибит “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былаанын кэпсээтибит. Улуус Ийэ тыл түмсүүтүн сыллааҕы былааныгар этиилэр этилиннилэр, санаалар сааһыланнылар.
Алгыстаах тэрээһин Хоро кыыһа Хаарчаана Семенова оһуохайынан түмүктэннэ.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа 58 киһи кытынна, олортон 20 Үөһээ Бүлүү улууһун М.А. Алексеев аатынан лицей-интернатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ 20 буолан Ньукулай Дьокуускай туһунан билэн-көрөн бардылар. Хоро, Ороһу, Нам, Тамалакаан, Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрэ кыттыына ыллылар.
Балаҕан ыйын 22 күнүгэр, Бүтүн Россиятааҕы сүүрүү уонаа хаамыы күнүн бырааһынньыгар Харбалаах нэһилиэгэ кытынна. Харбалаах нэһилиэгэ бу бырааһынньыгы сылын аайы көхтөөхтүк кыттар. Уопсайа 70-ча киһи кыттыыны ылла. Саастарынан, кылаастарынан арахсан сүүрдүлэр, хаамтылар. Ол курдук, 1-4 кылаастарга уоллаттарга 1 миэстэ – Кузьмин Арылхан (3 кылаас), 2 миэстэ – Максимов Денис (2 кылаас), 3 миэстэ – Туманов Дьулуур (4 кылаас) буоллулар. Кыргыттарга 1 миэстэ – Семенова Анна (4 кылаас), 2 миэстэ – Тарговкина Вилена (2 кылаас), 3 миэстэ – Николаева Лада (3 кылаас) буоллулар. 5-8 кылаастарга уолаттарга 1 миэстэ – Филиппов Саша (7 кылаас), 2 миэстэ – Куприянов Капитон (8 кылаас), 3 миэстэ – Брощев Арылхан (6 кылаас) буоллулар. Кыргыттарга 1 миэстэ – Николаева Лина (6 кылаас), 2 миэстэ – Былачерова Ангелена (5 кылаас), 3 миэстэ – Николаева Сандра (6 кылаас) буоллулар. 9-11 кылаастарга уолаттарга 1 миэстэ – Алексеев Владик (11 кылаас), 2 миэстэ – Семенов Тимур (9 кылаас), 3 миэстэ – Петров Айдар (9 кылаас) буоллулар. Улахан дьоҥҥо 1 миэстэ – Семенова Евдокия Павловна, 2 миэстэ – Копыленко Светлана Даниловна, 3 миэстэ – Гаврильева Людмила Николаевна буоллулар. Миэстэлэспиттэргэ грамота туттардылар уонна саамай кыракый саастаах кыттааччыга уонна саастаах кыттааччыга анал биһирэбил туттардылар. Кэлбит кыттааччылар сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
22 сентября в Харбалахском наслеге прошел прошел Всероссийский день бега «Кросс нации». Харбалахский наслег ежегодно принимает участие во Всероссийском дне бега «Кросс нации». Кросс нации стал настоящим праздником спорта, вдохновляющим всех на активный образ жизни и заботу о своем здоровье. Всего приняли участие около 70 человек.
Балаҕан ыйын 27 күнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ. Харбалаах нэһилиэгин оҕолоро, дьоно-сэргэтэ уонна ыалдьыттар сарсыарда 11 чаастан үгэс быһыытынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу убайбыт Исиидэр Бараахап пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Ону таһынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит улуу убайбыт, биир дойдулаахпыт И.Н. Бараахап 125 сааһыгар аналлаах улуус үрдүнэн ыытыллыбыт Эстафета күрэҕэр кытынныбыт. 1кыластан 11 кылааска диэри оскуола оҕолоро, ыччаттар, улахан дьон уонна бэтэрээннэр кыттыыны ыллылар. Бары кыттыбыт дьон маладьыастар, өрүү маннык көхтөөхтүк, түмсүүлээхтик, чөл олоҕу тутуһан, спордунан дьарыктанын, чэгиэн доруобай буоларга Харбалаах нэһилиэгэ көхтөөх.
Ол кэннэ, «Күһүн Бэлэҕэ» дьаармарка буолла. Төрөппүттэр араас минньигэс ас дэлэйин буһаран аҕалан оҕолор атыылаатылар. Кылаастар бары хаартыскаҕа түһэр муннук оҥостубуттар. Култуура үлэһиттэрэ ырыа-тойук, араас көрдөөх оонньуулары ыыттылар. Кэлбит дьон, оҕолорун кылаастарын өйөөн минньигэс аһы астына атыылаһын тарҕастылар.
Дьэ бу курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ Харбалаах нэһилиэгэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сэргэхтик ааста.
Балаҕан ыйын 30 күнэ, Судаарыстыбаннас күнүгэр, И.Н.Барахов үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах “көтөр-өҥүнэн, киһи-өйүнэн” өй күрэспит буолла. Күөн күрэс 3 түһүмэхтээх. Саха сирин устуоруйатын билиини тургутуу ыытылынна. Маннык оонньуубутун 2022 сылтан саҕалаабыппыт. Дьиҥэр, бу курдук хомуур өй күрэҕэ 1998 сылтан саҕаламмыта. Саха тылын, литэрэтиирэтин тиэмэлэригэр үксүн буолар этэ. Онтон 2022 сылтан устуоруйаны билиигэ туһуланна. Аныгы оонньуубут саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Н.Якутскайга ананыа.
Алтынньы 11 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэр Исиидэр Бараахап 125 үбүлүөйдээх сааһын чэрчитинэн ыытыллар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара чулуу уолбут мэҥэ бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Харбалаах дьоно-сэргэтэ, оҕо аймах, улуус салалтата, Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дэлэгээссийэтэ, Бүлүү улууһуттан, итиэннэ Сыдыбыл нэһилиэгиттэн ыалдьыттар, бэл ыраах Чурапчы улууһуттан тиийэ кэлбиттэр.
Алтынньы 21 күнэ, Харбалаах сынньылыҥ киинигэр 16:00 чаастан, “Ийэ мичээрэ” ылбаҕай ырыалаах, алыптаах үҥкүүлээх эҕэрдэ кэнсиэр буолла.
Алтынньы 31 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэ тэриллибитэ 115 сылыгар аналлаах нэһилиэкпит символларын билиһиннэрэр тэрээһин буолла.
Дьаралык бэлиэтэ:
Төгүрүк быһыылаах куормалаах. Тас интигэр Харбалаах нэһилиэгэ диэн суруктаах, ис иитигэр ортотунан маҥан куба көтөн иһэр ойуута иннин икки аҥы араарар, үөһэ өттүгэр бааһына, солооһун ойуута көстөр уонна бурдук куоластара. Аллараа өттүгэр харыйа ойуута баар. Бу Харбалаах нэһилиэгин үс түөлбэтин туоһулуур: куба – Кубалаах, харыйа – Харыйалаах, бааһына – Майаахы. Куба маҥан өҥнөөх, куоластар, бааһына – араҕас, араҕас өҥҥө халлаан күөх харыйалар көстөллөр. Куба кэннэ эмиэ халлаан күөх.
Былаах:
Усталыы түөрт муннук быһыылаах. Былаабы үс гына араарар икки араҕас өҥнөөх долгун усталыы барар, долгуннар үөһэ – аллараа өттүлэрэ халлаан күөх өҥҥөөх. Ортото от күөх өҥнөөх. Долгуннар уонна халлаан күөх өҥ Харбалаах нэһилиэгэ атын нэһилиэктэртэн икки үрэҕинэн быысаһарын көрдөрөр. От күөх өҥө – нэһилэк сирин-уотун быйаҥын, өйүн-быйаҥа.
Өрөгөй ырыата:
Өрөгөй ырыатыгар Харбалаах сирэ-уота, турар балаһыанньата, айылҕата, нэһилиэк түөлбэлэрэ, улуу дьоммут И.Барахов, Н.Якутскай тустарынан, дьонун-сэргэтин ыччатын тустарынан суруллубут. Тыла нэһилиэкпит олохтооҕо Дмитрий Иванович Кононов, дьүрүскэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин мелодистарын сойууһун чилиэнэ, самодеятельнай композитор, Люция Слепцова – Бандерова – Айыллаана.
“Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах” Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биһирэмэ.
Бүгүн Харбалаахпыт нэһилиэгин уструоруйатын биир лииһин арыйар бэрт интэриэний, ааҕааччыны угуйар кинигэ биһирэмэ ыытылынна.
“Харбалаах нэһилиэгэ, алаас ааттаах, дойду сурахтаах” диэн кинигэ ааптара СӨ култууратын туйгунун, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа бочуоттаах үлэһитэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, И.Н. Барахов – аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ, биэс кинигэ ааптара Светлана Даниловна Копыленко
Кинигэ “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар быйыл бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ ахсаана 100 устуука. Аан тылыгар ааптар бу кинигэ тахсарыгар көмөлөспүт дьонугар махталын тиэрдибит. Кинигэ тас ойуутугар ааптар төрөөбүт алааһа Тоҥуулаах хаартыската, форзаһыгар учуутал Миронов Анисим Васильевич оҥорбут сирдэр барыллаан схемата киирбит. Кинигэҕэ араас сыллардааны 35 хаартыска киирбит. Нэһилиэк устуоруйатын туоһулуур кинига 6 төбөттөн турар:
Бастакы төбө “Нэһилиэним сирин-уотун, өтөхтөрүн, күөллэрин ааттара” ыйыннык
Икки төбө “Үйэлэр мындааларыттан”
Үһүс төбө “Нэһилиэкпит олоҕун ыллыктарынан”.
Төрдүс төбө “Сүрэхтэн сүппэт сырдык сыдьаайдар”.
Бэһис төбө “Кэм-кэрдии оһорботох баастара”.
Алтыс төбө “Тоҥуулаах – оҕо сааһым өлбөөдүйбэт өйдөбүлэ”.
Бастакы төбөҕө Харбалаахпыт 309 сирин аата киирбит. Алаастарга хайа ыаллар олорбуттара, тоҕо маннык ааттаммыта, суолтата суруллубут. Кэнчээри ыччакка олус туһалаах ыйынньык. Бу курдук нэһилиэкпит сирин-уотун ааттарын биир сиргэ түмүллүбүтэ аан бастакы. Светлана Даниловнаҕа махтаныах тустаахпыт.
Иккис төбөҕө нэһилиэк дьикти дьоҕурдаах дьоно ааҕааччы интэриэһин тардыа дии саныыбыт.
Үһүс төбө аата этэрин курдук нэһилиэкпитигэр олоро сылдьыбыт бэлиэ дьон олохторуттан ааптар тус бэйэтэ истибит, ахтыыларга олоҕурбут, ханна да бэчээттэммэтэх чахчылар киирбиттэрэ кинигэ ис хоһоонун байытар.
“Сүрэхтэн сүппэт сырдык сыдьаайдар” төбөҕө Харбалаахпыт 12 сис ыалын дьонун туһунан суруллубут. Ааптар субу аттыбытыгар баар-суох буолбут дьону уустан-ураннаан суруйан ааҕааччыга бу баардыы тилиннэрэн көрдөрөр.
Төрдүс төбөҕө киирбит сэттэ суруйуу Аҕа дойду Улуу сэриитин оспот бааһын тиэмэтин арыйар ахтыы-кэпсээннэртэн турар.
Кинигэ түмүгэр ааптар төрөөбүт ахтылҕаннаах алааһа Тоҥуулаах туһунан үтүө өйдөбүллэри арыйан суруйар.
Онон кинигэни ким баҕар илиитигэр ылан кырааска сыттаах лиистэрин арыйталаан Харбалаахпытыгар олорон ааспыт дьонун-сэргэтин, алаастарны ааттарын туһунан ааҕан тус бэйэтигэр үтүө өйдөбүлү хаалларыа.
Сэтинньи 1 күнэ, Харбалаахпыт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сылыгар анаан уонна саха норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай 115 сааһын көрсө улахан бырааһынньык буолла. Н.Г. Золотарев – Якутскай үбүлүөйдээх сылын көрсө, нэһилиэкпитигэр суруйааччы скверын арыллыытын сиэрэ-туома буолла. Ол кэннэ, нэһилиэкпит 115 сылынан сандалы остуолга олорон аһаатылар, кэнсиэрдээтилэр.
Сэтинньи 22 күнэ, Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н.Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, Үөһээ Бүлүү улууһун О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекатыгар кыракый, ол эрэн, суолталаах тэрээһин буолла. Норуодунай суруйааччы түмэлиттэн сэдэх экспонаттар, рукописьтар, ахтыылар, хаартыскалар быыстапкаларын арыллыытыттан саҕаланна. “Народный писатель РС (Я) Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутский” Биобиблиографическай ыйынньык сүрэхтэннэ. Ыйынньыгы Үөһээ Бүлүү улууһун киин библиотекатын библиографтара оҥорон-чочуйан таһаардылар. Улуу киһибит үбүлүөйдээх сылыгар сыаналаах бэлэх буолла. Тэрээһин олус үрдүк таһымҥа ааста. Кэлбит ыалдьыттар Ньукулай Дьокуускайга аналлаах ыытыллаары турар, ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдилэр, ол курдук, биир улахан үлэ, ахсынньы ыйга Үөһээ Бүлүү улууһун норуодунай тыйаатыра “Көмүстээх үрүйэ” айымньытын туруоруутун долгуйа кэтэһэбит. Режиссер бэйэбит, Харбалаахтар кыыспыт, эдэр кэскилбит Сайыына Константиновна Васильева.
Ньукулай Дьокуускай аатынан “Чуураат” лааҕыр туһунан истиҥник, иһирэхтик ахтылынна. Бу лааҕыры сөргүтүү туһунан этиилэр киирдилэр. Үөһээ Бүлүү улууһуттан делегация тэриллэн суруйааччы олорбут Тирасполь куоракка сылдьыбыттарын, ол саҕанааҕы, милиция үлэһиттэрэ ахтан-санаан ыллылар.
Ону таһынан, Ньукулай Дьокуускай ситэ тахса илик айымньыларын таһаартарыы туһунан этилиннэ. Улуу киһибит 120, 125 сааһыгар анаан ол аймньылар кинигэ буолан тахсалларын тус бэйэм баҕарабын.
Оттон, киэһэ Харбалаахха “Олоҕум – айымньыларбар” диэн дьүһүйүүнү, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ көрдөрдө. Дьүһүйүү Ньукулай Дьокуускай айымньыларыттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Дьүһүйүү ураты, сонун. Артыыстар бэккэ оонньоотулар, бэлэмнэммиттэр, сэҥээрдибит. Маладьыастар. Улуу киһибит үбүлүөйдээх төрөөбүт күнэ үрдүк таһымҥа ыытылынна, өссө да тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Ахсынньы 16 күнэ, Нь. Дьокуускай 115 сааһын көрсө, бэйэбит кыыспыт Сайыына Константиновна Васильева туруоруутунан «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнинэн испиктээги Харбалаах нэһилиэгэр көрдөрдө.