ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

“ДӨЛӨКӨЙ”

“Дөлөкөй” Дмитрий Кононов

Халлааҥҥа кый үөһэ күөрэгэй,

Бу күнү уруйдаан эн күөрэй,

Сэргэҕэ кистээбит дьөһөгөй,

Ыһыахха киэргэммит Дөлөкөй!

Кымыһа, быырпаҕа бэрт дэлэй,

Эмис эт, саламаат, иэдьэгэй,

Аһыахха ас манна дэлэгэй,

Айхаллан эн бүгүн, Дөлөкөй!

Кыргыттар тэптилэр дьиэрэҥкэй,

Тыллаахтар эттилэр эһиэкэй,

Күүстээххэ, быһыйга өрөгөй,

Өрүүтүн тупса тур, Дөлөкөй!

Сэгэриэм, эн миигин итэҕэй,

Бу манна ыһыахтыыр үчүгэй,

Сай ахсын эйиэхэ элэккэй,

Мичээрдээх кэлэбин, Дөлөкөй!