“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” чэрчитинэн аффирмация диэн тугун билиһиннэрии.
Аффирмация диэн тугуй? Аффирмация диэн позитивнай санааны бөҕөргөтөр кылгас этии. Аффирмацияны күн аайы хос-хос хатылаатахха киһи өйө-санаата үчүгэй өттүгэр үлэлиир, тупсар.
Квантовай физиктэр этэллэринэн, киһи санаата эмиэ эниэргийэ буолар. Ол аата биһиги олохпут – биһиги саныыр санаабыт түмүгэ. Куруутун сатамматын, кыаллыбатын эрэ саныыр киһи бэйэтин олоҕор мөкүнү тардан ылар. Мэлдьи үчүгэйи ыраланар киһи санаата үксүгэр табыллар, туолар.
Муусуканан сүргэни көтөҕүү. Муусука мэйии үлэтин бытаардар да, түргэтэтэр да кыахтаах эбит Учуонайдар муусука киһи уйулҕатыгар дьайар күүстээҕин дакаастаабыттара. Онон эрчимнээх тэтимнээх ырыаны сүргэни көтөҕөргө туттуохха сөп эбит.





