ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

ҮС ИНИ-БИИЛЭР

Үс ини-биилэр бааллара үһү. Кинилэр биир балыстаахтар. Кыра уол Хаһыырар диэн ааттаах, икки улахан уол ааттара биллибэт. Бу уолаттар ханнык да сүүрэр атахтааҕы тулуппат дьон эбит. Кинилэр кыылы, тайаҕы, чубукуны атахтарынан ситэннэр, уҥаран өлөрөр идэлээх дьоннор. Бу курдук бултааннар-астааннар бэрт өр олооттор.

Аан дойду иччитэ бу үс ини-биигэ анаан, кинилэр сүүрүктэрин билээри, үстээх үөҥэс тайаҕы дьиэлэрин таһыгар аҕалан кээһэр.

Утуйан туран баран, сарсыарда Хаһыырар көрдөҕүнэ: муоһа саҥардыы үүнэн эрэр үөҥэс тайах чигдигэ кэлэн киһи иигин салыы турар эбит. Уол: “Убайдарбын ыҥыраммын, бу бэйэтинэн кэлэн биэрбит тайах барахсаны начаас уҥараммыт, быһаҕынан кэйэн өлөрөө инибит”, – дии санаан баран, дьиэтигэр киирэн хаалар.

Убайдарыгар киирэн этэр: ,,Убайдар, туруҥ, тайах чигдибитигэр кэлэн турар. Ону тахсан быһаҕынан кэйэн өлөрөн кээһиэҕиҥ”, – диир. Убайдара сарыы этэрбэһинэн, халтаҥ болтуонан, сырайдарын сууммакка эрэ «билигин өлөрөө инибит» дэһэн, быһахтарын туппутунан тахсаллар. Үс уол үс өттүттэн тайаҕы хаайа сүүрэллэр.

Тайах бастаан сиэлэр, онтон атаралыыр, онтон кыратык сүүрэн барар. Уолаттарга ситтэриэхчэ ситтэрбэт, ситтэриэхчэ ситтэрбэт. Уолаттар сайыалаан иһэллэр, тайахтара куоттар куотан испит. Икки улахан уол хааллар хаалан, кыра уол тайахтан төрүт хаалсыбат, сыыһа халты быһаҕынан анньан иһэр. Икки улахан уол тайахтаах уолу куоттаран кээһэллэр.

Биир үс көс төгүрүмтэлээх сыһыыга икки улахан уол тиийбиттэрэ тайахтаах уол сыһыыны туораан эрэллэр үһү. Тайаҕы уол быһаҕынан санныга анньа иһэр үһү. Тайах үрдүгэр биир мэкчиргэ тахсан олорон, уолу өлөрүмэ диэбиттии икки кынатынан даллаҥнаан, киниттэн көрдөһөр курдук үһү.

Икки улахан уол күүстэрэ баранан, сэниэлэрэ эстэн, сыһыы ортотугар кэлэн олорунан кээһэллэр. Уонна сүбэлэһэллэр: “Биһиги уоллаах тайаҕы батыстахпытына, киһи буолбат дьоммут. Онон куобахтаан сиэн сэниэ киллэринэн баран, дьиэбитигэр төннүөх”, – дэһэллэр да, дьиэлэригэр төннө тураллар.

Кыра уол сыһыыны туораан баран, быһаҕынан кэтэн, өлөрөн кээспит. Тайах иччитэ биир мэкчиргэ көтөн тахсан тииккэ олорбут уонна эппит: „Миигин аан дойду иччитэ эн ааттаах-суоллаах быһыйыҥ иһин ыыппыта. Кырдьык аатырыаххын аатырдаллар эбит, быраһаай!” – диэн баран көтөн хаалбыт.

Уол утатан, аччыктаан, уот оттунан, тайаҕыттан быһан ылан, үөлэн сиэри гыммыта баара: атар айахтаах амсайбат гына собообут эбит.

Уол туран, хайыах да сирэ суох буолан, тула эргичийэн көрбүтэ: бу иннигэр чубука олоҕо хадаар таас турар эбит. Хаһыырар табахтаан баран, бу тааһы өрө сүүрэн тахсар. Чубуканы булбакка, төһө эмэ өр көрдүүр. Күн түөттүүр ынах буолуута отут үөрдээх биир чубуканы булар. Маны ханна да хаалларбакка, дьиэтигэр тоҕо үүрэн илдьэр.

Улахан уолаттар дьиэлэригэр кэлэннэр, саҥардыы чэйдээри тэринэн эрдэхтэринэ, түннүгүнэн бэт улахан хаһыы иһиллэр. Уолаттар тахсан көрбүттэрэ: Хаһыырар отут үөрдээх чубуканы үүрэн аҕалан иһэр эбит. Маны үһүөн биири да хаалларбакка, өлөрөн кээһэллэр.

Хаһыырар уһун күн устатыгар арай биир чубука ыҥааҕын кэлин атаҕын быһан ылан сиэн өйүөлэммит.

Уолаттар бу курдук олороннор, сүүрэр атахтааҕы сүүрпэккэ, көтөр кынаттааҕы көтүппэккэ үһүөйэҕин баһылаан олорбуттара үһү.