Алтынньы 14 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр бигэргэтиллибитэ. Бу күнтэн ыла Сахабыт сирин былааҕа Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ турар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа — дойдубут историятыгар, улуу култуурабытыгар, саха норуотун тыһыынчанан үгэстэригэр ытыктабыл бэлиэтэ.
Онон Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ биһиги историябытыгар тапталы уонна ытыктабылы иитиэхтиир.
Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын оҕолорун толорууларын көрүҥ, сэргээҥ.