
Биир дойдулаахпыт, эдэр кэскилбит, аан дойду саамай улахан авиакомпаниятыгар стюардессанан үлэлиир Альбина Николаевалыын көрсүстүбүт.
Альбина оҕо эрдэҕиттэн ыра санаатын хайдах ситиспитин, туох ыарахаттары көрсүбүтүн оҕолор да, улахан да дьон сэҥээрэ иһиттибит. Оҕолорго “боростуой буолуҥ, элбэх кинигэтэ ааҕыҥ” – диэн бэйэтин баҕа санаатын эттэ. Альбина кыра оҕо эрдэҕиттэн Харбалаах библиотекатыттан элбэх кинигэ уларсан ааҕааччы, сыл бастыҥ ааҕааччыта буолааччы. Альбина бастаан Москаҕа “Победа” авиакомпаниҕа үлэлээбитэ, онно үлэлии сылдьан амбассадор буолта. Амбассадордуун олус эппиэтинэстээх диир, билигин да хаартыската баар үһү. Бу аан дойдуга саамай улахан авиакомпанияҕа хорсун санааны ылынан, атын дойдуга баран үөрэнэн, эксээмэнин туттаран ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Үлэ сылаалаах, ол эрэн олус интириэһинэй, элбэх дойдуларга сылдьаҕын диир. Биир да алҕаһы оҥорбокко буола сатыыбыт, бырастыы гымматтар, баҕалаах элбэх диир. Араас дойдуттан мунньустан үлэлии сылдьар буоламмыт, атын киһи курдук санаммаппын диир. Икки төгүл сахалары көрсөн, аймахтарын көрсүбүт курдук үөрбүтүм диир. Үөрэнэрин сөбүлүүр буолан билигин заочно СВФУга үөрэнэ сылдьар, 3 куурус.
Оҕолор сэҥээрэн, ыйытан, хаартыскаҕа түһэн, астынан тарҕастылар. Кыыспытын кытта ис киирбэх кэпсэтии буолла. Оҕобутугар өссө да ситиһиилэри баҕарабыт:)







