Харбалаах оскуолатын өрөгөйүн ырыата

Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин сылыгар анаан.

Харбалаах оскуолатын өрөгөйүн ырыата

Ыччаты сырдыкка сирдээри,

Эдэркээн учуутал кэлбитэ.

Ол иһин сайылык дьиэлээҕин,

Никииппэр Бараахап биэрбитэ.

Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар,

Омоонноох суоллары ыйаҕын.

Үрдүккэ, кэскилгэ уһуйар

Оскуолам өрүүтүн сайдаҕын.

Ньукулай Дьокуускай аан бастаан

Ол күһүн үөрэнэ киирбитэ.

Дьэ, кини бу мантан саҕалаан,

Илини, арҕааны тэлбитэ.

Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар,

Омоонноох суоллары ыйаҕын.

Үрдүккэ, кэскилгэ уһуйар

Оскуолам өрүүтүн сайдаҕын.

Билиигэ-көрүүгэ тардыһан,

Бэрт үгүс көлүөнэ аастаҕа…

Чуораанын тыаһыгар уйдаран,

Киэн олох аартыгар дайдаҕа.

Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар,

Омоонноох суоллары ыйаҕын.

Үрдүккэ, кэскилгэ уһуйар

Оскуолам өрүүтүн сайдаҕын.

Дмитрий Иванович Кононов тыллара