Ини-бии Ноттосовтар

Ноттосов Алексей Алексеевич

Алексей Алексеевич Бөгдьөөн Миитэрэй уола Ноттос Өлөксөй дьиэ кэргэнигэр 1904 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох. Холкуостар тэриллибиттэригэр Өлөксөй биир бастакынан киирбитэ уонна күүһэ-кыаҕа тиийэринэн колхуос сайдарыгар, атаҕар турарыгар үлэлээбитэ. Үүт табаарынай ферматыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Сэриигэ бастакы ыҥырыкка бронь биэртэрэ. Иккис ыҥырыкка 1942 сыллаахха барбыта. Кэргэнигэр Софья Егоровнаҕа бараары туран соҕотох уол оҕотун, кыракый Миитэрээһи, үчүгэйдик көрөн-харайан, харыстаан иитэригэр көрдөспүтэ, кыыһа Нина ийэтин иһигэр сылдьара. Өлөксөй Сталинградскай фроҥҥа түбэспитэ уонна бу куорат көмүскэлигэр 1943 сыллаахха кулун тутарга сырдык тыына быстыбыта

“Мин аҕам Ноттосов Алексей Алексеевич (Хотон Кыыһа диэн хос ааттаах үһү) 1942 сыллаахха от ыйыгар сэриигэ ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан барбыт. Аҕам барарыгар мин балтараа саастаах, куор ыарыыга симэтэн икки харахпынан көрбөт уол хаалбыппын, оттон балтым Нина ийэ иһигэр сылдьара. Быраата Ноттосов Макар Алексеевич Дьокуускайга национальнай  байыаннай оскуоланы бүтэрдэҕин сыл сэриигэ ыҥырыллыбыт, оттон кыра быраат Николай 18 сааһын туолар-туолбат сылдьан бэйэтэ тылланан барбыт. Сэрии толоонуттан кыра уол Ньукулай эрэ аҥаар хараҕын сүтэрэн, иһигэр улахан араанньылаах, инбэлиит буолан, дойдутугар эргиллибитэ.

Аҕам бастакы кэргэнэ уончата оҕоломмутуттан 1930 сыллаахха төрөөбүт Балбаара диэн кыыс ордон хаалбыт, уоннааҕылар бары биирдэрин туолбакка сылдьан туораабыттар. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ аҕам кыыһынаан эбэм көрүүтүгэр хаалбыт уонна кыыһыгар доҕор гынаары Харбалаахтан Татаар Ньукулайа диэн элбэх кыыстаах киһиттэн Анна диэн 1928 сыллаахха төрөөбүт кыыһы ииттэ ылбыт. Аҕам 1938 сыллаахха Харбалаахха от үүммэккэ Өргүөт Муоҕаныгар сылгы аһатыытыгар барбыт. Ол кыстаан олорон, эмиэ биир уол оҕолоох Баченкоров Дьөгүөр кыыһын кэргэннэнэн кэлбит. Онон икки өттүттэн 3 оҕолоох дьон ыал буолбуттар. Кэлин мин уонна Нина төрөөбүппүт. Убайым 1933 сыллаахха кулун тутарга төрөөбүтэ. Онон Ноттос Өлөксөйүттэн биэс оҕо буола түспүппүт.

Аҕам сэриигэ барарыгар балтараалаах уол харахпын симэ сылдьар үһүбүн, ону аҕам атыта-атыта көрөр үһү, арааһа харахтанарым дуу, харахтамматым дуу туһунан санаабыт буолуохтаах.”

   Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бочуот Знага, Норуоттар доҕордоһуулара орденнар кавалердара, Таатта, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Харбалаах, Ороһу нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина Дмитрий Алексеевич Ноттосов аҕатын туһунан ахтыыта

Ноттосов Макар Алексеевич

Ноттосов Макар Алексеевич Харбалаах нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Үс бырааттыылартан орто уол.

Макар бастакы комсомолец этэ, бу нэһилиэк комсомольскай ячейкатын бастакы секретарынан үлэлээбитэ. Кэлин колхоз председателинэн, райсовекка сир салаатыгар үлэлээбитэ. Үөрэхтээх буолан салайар үлэҕэ сылдьыбыт.

Макар Алексеевич, Дьокуускайга национальнай байыаннай оскуоланы бүтэрдэҕин сыл сэрии буолан, армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Кини сэриигэ түөрт төгүл бааһыран, Сталинград, Курскай, Орловскай кыргыһыыларыгар кыттан, 1943  сыллаахха Украина сиригэр хабыр хапсыһыыга эдэр олоҕун толук уурбута.

Кэлин биллибитинэн, Смоленскай уобалас Вележ куоратыгар көмүллүбүтэ.

Сэриигэ барыан иннинэ Семенов Терентий кыыһын Семенова Ирина Терентьевнаны кэргэн ылбыта. Харбалаах нэһилиэгэр Аана алааһыгар олорбуттара. Кэргэнэ кини барбыт сылыгар 1941 сыллаахха уол оҕоломмута. Өрүүнэ уолун Володя диэн ааттаабыта.

Владимир Макарович Ноттосов, сэрии кэмин оҕото, төрүкү ыарыһах буолан кыайан үөрэммэтэҕэ. Мебельнэй комбинакка үлэлээбитэ. 1963 сыллаахха Долгунова Мария Егоровна диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Людмила уонна Валентина диэн кыргыттар төрөөбүттэрэ. Владимир кэргэнин кытта 10 эрэ сыл олорбута, 1973 сыллаахха баара-суоҕа 32 саастааҕар ыарахан ыарыыттан бу дойдуттан арахсыбыта.

«Володя аҕата сэриигэ өлөрүгэр олох кыра буоллаҕа дии. Арыый да улааппытын кэннэ, абаҕата Николай Алексеевич Ноттосов иитэ ыла сатаабыта. Эдьиийэ Довна эмиэ ыла сатаабытын уол сөбүлэспэтэх. Ииппит аҕата, Өлөөнтөн төрүттээх Семенов Баһылай Уйбаанабыс наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһан ииппит, ол иһин «ииппит аҕабыттан ханна да барбаппын» диэбит. Володята өлбүтүгэр ииппит аҕата көмүс  уҥуоҕун көтөхпүтэ. Баһылай Уйбаанабыс сэбиэккэ үлэлээбитэ.

Володябын кытта 22 ссаспытыгар холбоспуппут уонна баара эрэ 10 сыл бииргэ олорбуппут. Людмила диэн кыыһым 20 саастааҕар өлбүтэ. Валентинам 1966 с төрүөх, үрдүк үөрэхтээх начальнай кылаас учуутала. Д. С. Спиридонов аатынан № 4 нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлиир. Эһэтин аатынан Ноттосов Володя диэн уоллаах.

Бэйэм аҥардас хаалан баран, иккиһин Алексеев диэн Туобуйаттан төрүттээх инвалид киһиэхэ кэргэн тахсыбытым. Александр диэн уоллаахпын.

Эһэбит Макар Алексеевич ыыппыт үс муннук суруктара бааллара, ону хаһан эрэ наада буолуо диэн сиэркилэ быыһыгар уган кэбиспитим. Эргэ мал диэн сиэркилэни ампаарга таһаарбыппытын билиҥҥи кэргэним свалкаҕа таһааран кэбиспитэ. Суруктар баалларын хантан билиэҕэй?

Эбэбит Өрүүнэ лапа сааһыран баран өлбүтэ. Оҕолорум удьуордарын билиэхтээхтэр диэммин хам-түм да буоллар Ноттосовтары кытары билсэбин. Ол иһин бу кинигэ тахсарыттан үөрэммин, Макар Алексеевич бэйэтин, уолун, сиэн кыргыттарын хаартыскаларын аҕаллым. Ноттосов Макар Алексеевич удьуора салгыы тэнийиэ диэн эрэнэбин».

Кийиитэ Долгунова Мария Егоровна ахтыытыттан.

Ноттосов Николай Алексеевич

Николай Алексеевич Ноттосов, Ноттос Өлөксөй кыра уола, 1923 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. Сэрии саҕаланарыгар саҥардыы сокуоннай сааһын ситэн эрэрэ. Сэрии бастакы сылыгар орто уол Макар ыҥырыллыбыта, нөҥүө сылыгар убай Өлөксөйдүүн Ньукулай фроҥҥа аттаммыта. Иркутскай уобаласка Мальтаҕа байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, 1943 сыллаахха олунньуга фроҥҥа барбыта. Ньукулай 57-с аармыйа 19 стрелковай дивизиятын 1310-с полкатыгар автоматчигынан сылдьыбыта. Сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар, үчүгэйдик ытар уолу разведчигынан анаабыттара. Биирдэ Харьков туһаайыытынан кыргыһыыга өстөөхтөр Ньукулай полкатын төгүрүйбүттэрэ. Полк знамятын быыһыыр, өстөөх төгүрүктээһиниттэн таһаарар сорудаҕы Ньукулай лейтенант Жуковы, сержант Хотямы кытта чиэстээхтик толорсубута. Разведчик буоларын быһыытынан “тыл” ылыыга, араас бойобуой сорудахтарга хорсуннук кыттыһан “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Уҥа хараҕын сүтэрэн, иһинэн ыараханнык бааһыран, Ньукулай 1944 сыллаахха 2-с группалаах инбэлиит буолан дойдутугар тыыннаах кэлэр үлүскэн үөрүүтүн билбитэ. Убайдара Өлөксөй, Макаар кыргыс хонуутугар сырдык тыыннара быстыбыта.

Ньукулай сэрииттэн кэлээт да айгыраабыт “Бааһынай” холкуоска ханна наадалаах сиригэр үлэлээн барбыта. Хонуу үлэтэ, сылгы, таба көрүүтэ, арыт биригэдьиирдиирэ. Онтон 12 сыл устата кырымахтаах хара саһылы иитиигэ кэргэнэ Евдокиялыын үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта. Саһыл ферматын эспиттэрин кэннэ олоҕун тиһэх күннэригэр диэри күндү түүлээх соноругар сыратын-сылбатын биэрэн туран сылдьыбыта. Коммунист Николай Алексеевич ханна да буоллун, сэриигэ да, эйэлээх  олоҕу да тутууга өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыта, эдэр ыччакка үтүө холобур буолар курдук бу орто дойдуга дьоһуннаахтык, чаҕылхайдык олорон ааспыта.

Бастакы кэргэнэ Евдокия Дмитриевна сэриигэ өлбүт Федоров Николай Гаврильевичтан уола Спартагы, уопсай оҕолоро Макары, Евдокията өлбүтүн кэннэ хойут Мария Варфоломеевналыын холбоһон, Варя, Тамара диэн кыргыттарын сиэрдээхтик иитэлээн, үлэһит оҥортоон, ыал гынаттаан баран, 1994 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.

Сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Николай Алексеевич Ноттосов “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Германияны кыайыы 20 сыла” мэтээллэрдээх, Үлэ Кыһыл Знамята орденнаах, бэрт элбэх знактардаах, грамоталардаах.

“Мин өйбөр билигин бааһырбыт дьон сэрииттэн эргиллэн кэлиилэрэ суруллан хаалбыт. Абаҕам сэрииттэн эргиллэн кэлбитин мин син үчүгэйдик өйдүүбүн. Сэриигэ лаппаакынан окуопа хастан буулдьаттан хайдах көмүскэнэллэрин туһунан кэпсээбитэ. Ону мин алаадьы эргитэр уһун уктаах лаппаакыны саныы биэрбитим уонна ол лаппаакынан буор хаһа оонньообуппун көрөн ийэм мөхпүтүн өйдүүбүн. Абаҕам миэхэ иһин араанньытын көрдөрбүтэ, онто бэрэбээскилээх этэ. Ону уларытта олордоҕуна көрдөххө хааннаах этэ, манан очоҕоһум тахсан кэлэр, ол иһин бүөлүүбүн диэн кэпсээбитэ. Онтон хаҥас хараҕын устан ылан, болотуогунан сотон баран, төттөрү уган кэбиспитигэр мин киһи эрэ буоллар улаханнык дьулайбытым”.

Быраата Д.А. Ноттосов ахтыыта

1942 сыл от ыйыгар биһиги армияҕа ыҥырыллыбыппыт. Сэриини эт бэйэтинэн билгэлии, быһата дьылҕабытын сапка иҥиннэрэн барбыппыт. Ама да ааспытын, билигин сэһэн киэргэлэ буолбутун иһин, оччолорго төгүрүк алаастан төргүү уһунун саҕа ыраата илик туҥуй дьоҥҥо сэрии дуораана ынырыктык иһиллэрэ… Бастаан Харьков куорат таһыгар мотострелковай полкаҕа сулууспалаабытым. 1943 сыллаахха  Харьков куорат көмүскэлигэр биһиги чааспытын киллэрбиттэрэ. Өстөөх Сталинград, Харьков куораттарга саамай күүһүн-уоҕун уурбут сирэ этэ. мин манна автоматчигынан сылдьыбытым, полк штабын харабыллыырбыт. Немецтэр Харьков куораты төгүрүччү өттүттэн сэриилээбиттэрэ. Биһиги чааспыт биир сиринэн көҥү көтөн тахсыбыта. Бу кыргыһыыга эдэркээн саха уолаттара элбэхтэрэ. Кинилэртэн үгүстэрэ манна өлбүттэрэ, сорохторо билиэн түбэспиттэрэ. Төгүрүктээһинтэн тахсан баран, кыргыһыыга саҥа бэлэмнэммиппит. Миигин полковой разведкаҕа саллаатынан ылбыттара. Сайын биир дэриэбинэ кытыытыгар фашистар пулеметунан биһиги элбэх саллааттарбытын өлөрбүттэрэ. Ол иһин биһигини өстөөх огневой точкаларын картаҕа бэлиэтээҥ диэн заданиеҕа ыыппыттара. Командирбытынаан 6 буолан барбыппыт. 3 огневой точканы бэлиэтээн баран, төннөн испиппит. Бу иһэн өстөөх разведкатыгар кэтиллэ түспүппүт. Кинилэр урут саҥаран биэрбиттэрэ, биһиги ытыалаан барбыппыт. Мин ханаабаҕа сытан ытыаласпытым. Табаарыс уолбун сүтэрэн кэбиспитим, кэлин билбитим өлбүт этэ. донесениебын илдьэ чааспар тиийбитим. Ити иһин “За отвагу” медалынан наҕараадаламмытым. Онтон Днепри туораһан, Днепропетровскай куорат көстөр буолбутун кэннэ миинэҕэ түбэһэн ыараханнык бааһырбытым. 4 ый госпитальга эмтэммитим. 1944 сыллаахха дойдубар төннөн кэлбитим”.

Н.А. Ноттосов бэйэтин ахтыыта

«Саллаат дьылҕата» (Судьба солдата).
Оҕолор “Память Народа” сайтан булбут дөкүмүөннэрэ

Туһаныллыбыт литература:

Балбаара, Сэмэн Тумууһаптар. Ыал удьуор утума XX үйэ / [киирии тыл, барыл авт. Ф. С. Тумусов ; хомуйан оҥордо М. Н. Васильев]. – Дьокуускай : Салама, 2016. – 251 с. : ил., портр. ; 32 см. + 2 л. генеал. схем.

Харбалаахтар уоттаах сэрии сылларыгар : [ахтыы-кинигэ] / [“Харбалаах нэһилиэгэ” муниц. тэриллии ; хомуйан оҥордулар Р. Е. Филиппова, Л. А. Барахова, С. Е. Филиппова]. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2015. – 400 с. : портр. ; 21 см. – (Улуу Кыайыы 70 сылыгар). – 300 экз.