2025 сыл

Тохсунньу 22 күнэ, сарсыарда 11 чаастан сынньалаҥ кииҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын 2024 сыллааҕы улэтин отчуота буолла.

Мунньахха кыттыыны ыллылар:

1.         Уларова Анна Михайловна

2.         Николаев Николай Николаевич – Председатель УСД 

3.         Архипов Никита Деевич – депутат 

4.         Гаврильев Кирилл Васильевич  – МКУ «УСХ»

5.         Арбыкина Сардаана Александровна –  МКУ «УО»

6.         Колтовской Семен Александрович – руководитель МКУ «КУМИ»

7.         Хобусаров Роман Иннокентьевич – МКУ «УПСиРИ»

8.         Саввинова Изабелла Петровна – МБУ «ВМИиЭ»

9.         Матвеева Агафия Николаевна – эксперт УСЗНиТ

10.       Ефремов Семен Семенович -ГУП «ЖКХ РС(Я)»

11.       Иванова Туяра Дмитриевна – Верхневилюйская  ЦРБ

12.       Алексеев Еремей Еремеевич – начальник ГКУ “Верхневилюйское лесничество”

13.       Ильина Анастасия Николаевна – УПФР в Верхневилюйском районе

14.       Хобусаров Иннокентий Романович – РЭС

 Нэһилиэкпит олохтоохторо актыыбынай кыттыыны ыллылар

            Олунньу 15 күнэ, Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үөрүүлээх күн. Өр күүппүт Исидор Никифорович Барахов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин таас дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Алгысчыт Трофим Миронов аал уоту оттон айах тутта, кучу от сытын дыргытан мустубут дьону-сэргэни арчылаата.

Бүччүм нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах түмэллээх култуура дьиэтин уораҕайын арыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтинэн кэллэ. Саҥа таас дьиэҕэ киирии бэлиэтин – аалай кыыл лиэнтэни Ил Дархан Айсен Николаев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев уонна Харбалаахтааҕы  култуура киинин дириэктэрэ Татьяна Сергеева кырыйдылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ автономияны турууласпыт Исидор Барахов биир санаалаах доҕотторун кытта, билиҥҥи кэмҥэ бааллара буоллар эдэркээн уолаттар, хаартыскаҕа түспүттэрин кэриэтэ худуоһунньуктар холустаҕа түһэрбит хартыыналарын уонна култуура киинигэр наадалаах тэрилинэн хааччыналларыгар аналлаах сертификаты бэлэх уунна.

            Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин саҥа хоһугар Ил Дархан Айсен Николаев бастакы ыалдьыт буолла.

Ааҕааччылар баҕа санааларын суруйар кинигэлэригэр бастакынан баҕа санаатын суруйан илии баттаан хаалларда.

Исиидэр Бараахаптыын биир тэтиминэн, биир санаанан салайтаран сылдьыбыт Максим Аммосов төрөөбүт дойдутуттан, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн анаан-минээн кэлбит ыалдьыттар – “Махсыым уолаттара” ырыа бөлөҕө киэргэттилэр.

И.С.Семенов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра Борис Павлов “Сюзанна” айымньытынан “КЭРЭТЭ СУОХ ОЛОХ ТУРУГУРБАТ” 70 кыттааччылаах музыкальнай испэктээгин Харбалаах нэһилиэгэр туруорда.

Бу тэрээһин уһулуччулаах бэлэтиичэскэй диэйэтэл, Саха сирин Автономиятын төрүттэспит И.Н.Бараахап аатын сүгэр саҥа култуура киинин арыйан үөрүүлээх күҥҥэ бэлэх кэриэтэ буолла.

Харбалаах олохтоохторугар саҥа дьиэҕэ бастакынан турбут испэктээк сонун буолан, көрөөччүлэр биир тыынынан көрдүлэр.

Норуот тыйаатырын артыыстара уонна салайааччы Сайыына Васильева итии чэйдээх, сылаас аһылыктаах көрсүбүт Харбалаах нэһилиэгин ытык мааны дьонугар махтанан, уруй-айхал тылларын аныыр.

Олунньу 17 күнүгэр,  “Бары бииргэ – Кыайыыга” эстафета иитинэн Улуу Кыайыы Знамята өҥ буордаах Үөһээ Бүлүү сиригэр  кэллэ.

Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Улуу Кыайыы 80 сылынан Үөһээ Бүлүү улууһугар Патриотизм сылыгар  Улуу Кыайыы Знамятын көрсүһүүгэ Кыайыы Знамятын ытык Бүлүү сириттэн күөрэччи тутан арыаллаан аҕаллылар Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон Баһылыга Сергей Николаевич Винокуров,  Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Корякин Гаврил Семенович, Чочу нэһилиэгин баһылыга Догоюсов Петр Александрович, Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон  социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн, ыччат политикатыгар салаа салайааччыта Елена Николаевна Федорова,,  Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николаев Федор Федорович,  Советскай сойуус дьоруойа Николай Саввич Степанов аатынан Бүлүүтээҕи үһүс нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрин  знаменнай бөлөҕө.

Муниципальнай тэриллиилэртэн  бастакынан Кыайыы Знамятын эстафетата саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Исидор Никифорович Бараахап төрөөбүт нэһилиэгиттэн  Харбалаахтан саҕаланар.

Знамя эстафетатын салгыы ыытарга оройуон баһылыга Валерий Валерьевич Николаев Знамяны Харбалаах нэһилиэгин  баһылыга Константин Данилович Платоновка ытыс дохсун тыаһын доҕуһуолугар туттарда.  

Харбалаах нэһилиэгэр Улуу Кыайыы Знамятын өрөгөйдөөхтүк көрсүһүү Исидор Барахов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинигэр ыытылынна.

Кытыастар кыһыл Знамяны знаменнай бөлөх улуус Баһылыга Валерий Николаевка туттарбытын кэнниттэн Валерий Валерьевич Улуу Кыайыы ытык символын салгыы Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платоновка туттарда.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр харах уулаах кыайыыны уһансыбыт күндү ветераннарбыт сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ улуус Баһылыга Валерий Николаев, Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов, Үөһээ Бүлүү улуустарын ыксаллаах быһыыга-майгыга быһыыр сулууспатын начальнига, анал байыанный дьайыы ветерана, “Саллаат аҕата” мэтээл хаһаайына Ан Михаил Васильевич эҕэрдэлэрин тиэртилэр, билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга кыайыыны баҕардылар.

Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Софья Евсеевна

Филиппова, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ ветерана, сэрии кэмин оҕото Розалия Евсеевна Филиппова сэрии кэминээҕи ыар сыллары ис-истэриттэн долгуйан кэпсээтилэр.

Салгыы Кыайыы Знамята Тамалакаан нэһилиэгэр айаннаата.

Олунньу 20 күнэ, СӨ Промышленноһын уонна геологиятын миниистирин солбуйааччыта Антон Андросов салайааччылаах Бырабыыталыстыба ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур үһүс бөлөҕө бүгүҥҥү үлэтин Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаата.

Отчуоттуур бөлөххө улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар солбуйааччыта Анна Уларова, СӨ тутуу министиэристибэтин тутууга уонна олох-дьаһах политикатын департаменын салайааччытын солбуйааччыта Марианна Соловьева, “Тарыып агентствота” судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэтин дириэктэрэ Никита Лебедев, СӨ “Судаарыстыбаннай баһаары утары охсуһар сулууспа” ГБТ салайааччытын бастакы солбуйааччыта Анатолий Павлов үлэлииллэр.

Бааһынай хаһаайыстыбалаах Мичил Иванов сүөһү төбөтүн ахсаанын элбэтэн саҥа хотон туттар баҕалааҕын, онуоха анаан кооператив тэринэн эрэллэрин этиннэ.

– Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр өрөспүүбүлүкэ салалтата быйыл 15 млрд солк.көрүллүбүтүн, субсидия арааһа элбэҕин, хотон тутуутун боппуруоһугар үлэлэһиэхпит диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын специалист хоруйдаата. 445 нүөмэрдээх дьаһалга уларыйыылар киирэ тураллар. Онно биир хайысханан кыра кыамталаах эбийиэктэри тутуу баар. Манна 25 төбөтө 100 төбөҕө диэри эбийиэги тутуу, өрөмүөннээһин о.д.а. баар. Бу кулун тутарга уларытыылар улуус өттүттэн эмиэ киллэриллэн, бэрээдэктэнэн бүтүөхтэрэ, онно үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Владислав Иванов эдэр специалистарга анаан тутуллуохтаах дьиэ боппуруоһун ыйытта. Бу эбийиэк докумуоннара ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиирин тутуу  уонна олох-дьаһах политикатын департаменын аатыттан Марианна Соловьева эппиэттээтэ, ол эрэн үп суоҕуттан иҥнэн, тохтоон турарын иһитиннэрдэ. Куонкуруска иккистээн киллэрэри сүбэлээтэ.

Түмэл үлэһитэ Сандаара Кузьмина ТКО боппуруоһун туоуорда, өр сылларга Харбалаах орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит Максим Шестаков оскуолаларга математика учууталлара тиийбэтин, хамнас кыратыттан ыччат тыаҕа үлэлии кэлбитин бэлиэтээтэ.

Александр Копыленко Харбалаах нэһилиэгэр оптоволокно сибээһэ киирэн төлөбүрэ улааппытын, ол эрээри хаачыстыбата урукку сибээстээҕэр мөлтөҕүн иһитиннэрдэ.

Ону тэҥэ уот ситимигэр өрөмүөн үлэтин кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ буолбакка, халлаан сылааһыгар ыыталларын этиннилэр. Итиэннэ уот, газ тарыыба тоҕо хонтуруолламматын ыйыттылар.

Үөһээ Бүлүүтээҕи РЭС салайааччыта Александр Алексеев -40 кыраадыстан саҕалаан уот араарбат ирдэбил турарын иһитиннэрдэ. Саахал тахсар эрэ түгэнигэр тымныыларга уот арахсарын, дизель 2-лии чаас үлэлиирин эттэ.

Федот Филиппов, оскуола дириэктэрин, Ил Түмэн депутатын быһыытынан  нэһилиэк сайдарын туһугар бастакы уочарат оскуола тутуута турарын, хаарбах эбийиэктэр үлэлииргэ, үөрэнэргэ табыгаһа суохтарын, ол эрэн үлэ бара турарын иһитиннэрдэ.

Ону тэҥэ олохтоохтор өртөөһүн тоҕо көҥүллэммэтин, түмэл пуондатын хаҥатыыга үп үгүөрү соҕустук көрүллэригэр, төрөөбүт ийэ тылынан үөрэтиини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барарын бэлиэтээн туран, алын сүһүөх кылаастарга саха тылын чааһа аҕыйаҕын, уһуйаантан саҕалаан бастакы кылаастан дириҥник үөрэтэр наадалааҕын этии быһыытынан киллэрдилэр.

Төрөөбүт тылларынан ыраастык сахалыы саҥарар буоллахтарына эрэ оҕолор атын омук тылын үчүгэйдик үөрэтэллэрин бэлиэтээн туран, букубаарга автономияны төрүттээбит дьоммут мөссүөннэрин, ол иһигэр Исидор Барахов мөссүөнүн киллэрэллэригэр этиннилэр.

Кулун тутар 14 күнэ, Харбалаахпытыгар Бүлүү куорат күнэ буолла.

Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтигэр төгүрүк остуол буолла. Манна, Харбалаах дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, депутаттара, Ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин кыттыылаахтара Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтин көрүстүлэр.

Төгүрүк остуолга Бүлүүттэн улуус, куорат дьаһалтарын эппиэттээх үлэһиттэрэ, куорат Сэбиэтин депутаттара, Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов, култуура тэрилтэлэрин салайааччылара уо.д.а. кытыннылар.
Төгүрүк остуолу киирии тылынан аспыт Исидор Бараховка аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын түмэлин дириэктэрэ Светлана Копыленко судаарыстыбаннай диэйэтэллэр Исидор Барахов, Степан Аржаков ааттарын үйэтитии санаа атастаһыы сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ.
Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов, Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов, Бүлүү куорат депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Харлампьев, Ил Түмэн депутата Федот Филиппов уо.д.а. саха автономиятын турууласпыт Степан Аржаков уонна Исидор Барахов ааттарын үйэтитиигэ дириҥ суолталаах көрсүһүү тэриллибитин, күүһү ситими сайыннарыыга уурарга бэлиэтээтилэр, бииргэ үлэлэһии кэскиллээх былааннарыгар санааларын атастастылар. Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийдилэр. Харбалаахтар дьаарбаҥкаттан хамаҕатык атыыластылар.

Саха чулуу уолаттара Исидор Барахов уонна Степан Аржаков автономияны төрүттэһиигэ бииргэ ыыппыт суолталаах үлэлэрин, доҕордуу ситимнэрин үйэтитиигэ аналлаах Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар ыытыллыбыт Бүлүү куорат күнүн чэрчитинэн Исидор Барахов аатынан Култуура киинигэр Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов уонна Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Константин Платонов култуура, үөрэҕирии, эдэр ыччаты иитии, туризмы, спорду сайыннарыы хайысхаларыгар бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһии түһэристилэр.

Муус устар 22 күнэ. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” Харбалаах сиригэр кэллэ…

Үөһээ Бүлүү улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” аахсыйа олунньу 19 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри, уопсайа 80 хонук устата тыа нэһилиэктэринэн, улуус тэрилтэлэринэн айанныы сылдьар. Ол курдук, муус устар 22 күнүгэр Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Харбалаахха кэллэ. Чороону туттарда Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Христофор Владимирович Никифоров аҕалан Харбалаах нэһилиэгин баһылыгар Платонов Константин Даниловичка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьытынан буолла үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Софья Евсеевна Филиппова. Кыайыы Чороонун көрсө эҕэрдэ кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык ааста.

Кыайыы Чорооно бу нэдиэлэ устата Харбалаахпыт нэһилиэгин тэрилтэлэрин кэрийиэҕэ. Онтон салгыы Тамалакаан нэһилиэгэр айанныа.

Ыам ыйын 1 күнэ. Харбалаахха күргүөмнээх субуотунньук. Үлэ, Эйэ, Күөх Маай күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо баһаарынай минерализованнай балаһа кэҥэтиитигэр уонна  ыраастааһыныгар көхтөөх субуотунньукка таҕыстылар. 5 тиэхиньикэ, 60-ча киһи нэһилиэк хоту өттүгэр, саамай бүтэй ойуурдаах сирин солоон ыраастаатылар. Саҥа оскуола тутуллуохтаах сирин таһынан ойуур баһаарыттан харыстыыр аналлаах балаһа баар буолла.

Ыам ыйын 8 күнэ. ГОСДУМа депутата Тумусов Федот Семенович Харбалаахха ыалдьыттаата.

Ыам ыйын 9 күнэ. Кыайыы 80 сылыгар аналлаах “Харбалаахтар Кыайыыны уҺансыбыттара” быыстапка И.Н.Барахов аатынан түмэлгэ арылынна. Манна буорах сыттаах суруктар, сэрии кэмигэр илдьэ сылдьыбыт блокноттара, байыаннай киниискэлэрэ о.д.а. баай матырыйаал турда. Тыыл кэмин көрдөрөр оччотооҕу мал-сал, Кыайыыны уҺансыбыт көлүөнэ хаартыскалара ыалдьыттар болҕомтолорун тарта.

Бэс ыйын 22 күнэ. Бүгүн быстах байыаннай дьайыыга кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт кэриэстэригэр аналлаах “Сүрэхпитигэр өрүү тыыннааххыт” диэн быыстапка И.Н.Барахов аатынан түмэлгэ арылынна. Кыттыыны ыллылар ҮөҺээ Бүлүү улууҺун баҺылыга Николаев В.В., депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Николаев Н.Н., быстах байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр гос.фонда координатора Трофимов И.В.,Харбалаах нэҺилиэгин,улууспут олохтоохторо уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара.

От ыйын 1 күнэ. А.А. Семенов – СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Нь.М.Павлов-үөрэх миниистирин солбуйааччы, делегация түмэли көрдүлэр. И.Барахов оло5ун,үлэтин сиҺилии билистилэр

От ыйын 23 күнэ. Россия Геройа Алексей Рафаэлович Петров төрөөбүт төрүт дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ кэллэ. Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар Геройу уруйдаан-айхаллаан биир дойдулаахтара, анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, улуус общественноһа алгыс сиэрдээх-туомнаах Чыбыыда үрэх кытылыгар көрүстүбүт.

*Улуу Кыайыы 80 сылын* өрөгөйүн чэрчитинэн Саха сирин устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн иилээһининэн, билим үлэһиттэрэ улуустарынан сылдьан, Саха сирин, саха омугун устуоруйатын нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрэр соруктаах Харбалаахха ыалдьыттаатылар.

1) *Петров Пантелеймон Пантелеймонович,* устуоруйа билимин хандьыдаата, Дьокуускай куорат, Саха сирэ сэрии сылларынааҕы олоҕун уонна Бүлүү сүнньүгэр нууччалар бастаан кэлиилэрин чинчийээччи.

2) *Николаев Николай Степанович,* устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха сирин кырасдааныскай сэриитин уонна сахалар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын чинчийээччи.

3) *Васильев Василий Егорович,* устуоруйа билимин хандьыдаата, этнограф, ойууннааһыны чинчийээччи, Дүллүкүттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Харбалаахпыт нэһилиэгэр саха саарына, бөдөҥ судаарыстыбаннай, общественнай-политическай деятель Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэринэн-туомунан саҕаланна. Кыттыыны ыллылар СР баһылыгын дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Михайлов, улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, улуус салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара уонна улуус общественноһа. РФ Президенин бу дьыл муус устар 25 күнүнээҕи уурааҕынан анал байыаннай дьайыы кэмигэр көрдөрбүт хорсун санааларын, Ийэ дойдуга бэриниилэрин иһин «Эр санааланыы» уордьанынан (өлбүтүн кэннэ) Михаил Михайлович Сергеев, «За отвагу» мэтээлинэн (өлбүтүн кэннэ) Валентин Прокопьевич Ноговицын наҕараадаланнылар. Сырдык тыыннарын толук уурбут тапталлаах уолаттарын оннугар наҕараадалары Михаил күн-күбэй ийэтэ Зоя Тарасовна Павлова, Валентин күндү ийэтэ Тамара Васильевна Ноговицына харах уулаах туттулар. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Егор Иванов, улуус  социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан Бочуотунай грамотатын СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Людмила Акимовна Бараховаҕа уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Розалия Евсеевна Филипповаҕа туттарда. Маны таһынан РФ гражданина буолбуттарын туоһулуур докумуону — паспордары туттарыы үөрүүлээх түгэнэ ыытылынна. Бу бэлиэ күн паспордарын Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччитэ Кыталыына Саввинова, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай оскуола үөрэнээччитэ Артемий Жендринскэй уонна Николай Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Мила Николаева, Александра Филиппова, Айыллаана Петрова туттулар. Россия үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Тамара Сергеевна Николаева бу үөрүүлээх күн Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр бэлэҕин ыыппытын салайааччы Светлана Даниловна Копыленкоҕа ытыс тыаһын доҕуһуолунан Егор Дмитриевич туттарда. Үөһээ Бүлүү улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээн туран, махтал суруктарынан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах учуутала, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Полина Георгиевна Платонова уонна үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Дьоруой ийэ, сэрии кэмин оҕото Анна Михайловна Томская туттарда. Салгыы өрөгөйдөөх мунньах кэннэ СР баһылыгын дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Николаевич Михайлов Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатын көрдө — иһиттэ, баҕа санаатын суруйан хаалларда.

Алтынньы ый 1 күнүттэн 7 күнүгэр дылы Харбалаах нэһилиэгин Аҕам саастаах дьоммутугар ананна. И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр 2 күн устата буор босхо киинэ көрдөрдүлэр. Алтынньы 1 күнүгэр күнүс 15ч 00м «Слоны мои друзья», киэһэ 20ч 00м «Не могу сказать «прощай»». Алтынньы 2 күнүгэр күнүс 15ч 00м «Зита и Гита», киэһэ 20ч 00м «Невероятные приключения итальянцев в России».

Бүлүү куоракка сынньанан кэллилэр. Нэһилиэк баһылыга Константин Данилович Платонов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. П.Х. Староватов түмэлигэр, саҥа арыллыбыт «Поющие пески» диэн Бүлүү өрүс кытылыгар уонна д.а. сирдэргэ сылдьан, ытык-мааны дьоммут астынан, дуоһуйа сынньанан, илэ-хоро кэпсэтэн кэллилэр. Константин Даниловичка махталлара муҥура суох.

Харбалаах нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара уһун үйэлээхпитигэр Филиппова Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт

«Дэйбиир» сахалыы сувенир оҥоруутугар маастар кылаас буолла. МК-ны иилээн-саҕалаан ыытта Агафья Дмитриевна Николаева.

Харбалаахтааҕы ФАП фельдшера Марина Миссаиловна «Чөл олох» диэн тиэмэҕэ бэсиэдэ ыытта, араас хамсаныылары көрдөрдө, доруобуйаларын көрдө-иһиттэ, сүбэ-ама буолла.

Исидор Барахов аатынан Саха судаарыстыбаннаһын түмэлэ «День открытых дверей» ыытта. Ол курдук, ҮөҺээ Бүлүү Намын ытык-мааны саастаахтара, Үөһээ Бүлүүтээҥи көрбөттөр уопсастыбаларын харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьон түмэли көрөн бардылар.

Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката сылын аайы уот төлүүр киниискэни бэлэх уунар. «… Аахпыт ааспат ахтыл5ына» кинигиэ быыстапката турда. Ону таһынан, «Саамай сөбүлээн аахпыт кинигэн» диэн социальнай ситиминэн ыйытык ыытта.

Түмүктүүр тэрээһининэн, итии үүттээх чэйдээх, минньигэс астаах остуол тула олорон оонньоон, үҥкүүлээн, сэһэргэһэн бэрт сэргэх тэрээһиҥҥэ сылдьан астынан, сынньанан тарҕастылар.