ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…

ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…Дмитрий Кононов

Сырал куйаас бүтүүтэ,

Сөрүүн күлүк түһүүтэ,

Чыбыыдаҕа киириэххэ,

Чалым ууну кэһиэххэ…

Күммүт арҕаа көһүүтэ,

Салгын сиигэ көтүүтэ,

Саҥа түспүт сыа хардыы,

Кыычыгырыыр хас хардыы.

Тунал маҥан кумахха

Чыбырҕата хаамыахха,

Хаарга атах сыгынньах

Сылдьар курдук саныахха…

Тилэххинэн хаһыйыаҥ,

Ытыскынан тарыйыаҥ,

Кырыымпалыы аалыллар,

Дьикти дорҕоон сыыйыллар…

Ыраах көстөр саҕахха,

Кытыл устун барыахха.

Таптал кыымын саҕыахха,

Кылгас түүнү барыахха…

Ыллыыр кумах Чыбыыда,

Ыаммыт үүттүү сылыйар.

Чаҕыл күммүт тахсыыта,

Чараас туман халыйар…