Исидор Барахов пааматынньыга

Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр Саха сирин автономиятын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов пааматынньыга ураты суолталаах.

Пааматынньык историята:

Мэҥэ таас 1998 сыллаахха, Исидор Барахов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан туруоруллубута. Бу бырайыак олоххо киирэригэр ФК «САПИ» тэрилтэ сүрүн сакаасчыт уонна үбүлээччи быһыытынан кыттыыны ылбыта.

Пааматынньык мрамортан оҥоһуллубута. Оҥорон таһаарбыт маастардар:

Сүрүн ааптар: Семен Кириллович Прокопьев — Саха сирин биллиилээх скульптора-монументалиһа, Россия үтүөлээх худуоһунньуга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина.

Пааматынньык арыллыаҕыттан ыла Харбалаах нэһилиэгэ улуус таһымнаах үгэс буолбут тэрээһиннэр кииннэринэн буолбута. Сылын ахсын муус устар 27 күнүгэр — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр — пааматынньыкка өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үрдүкү таһымнаах миитин уонна сибэкки ууруутун сиэрэ-туома ыытыллар.

Бу миитиҥҥэ Исидор Барахов Саха сирин сайдыытыгар киллэрбит сүүнэ кылаатын үйэтитиигэ ананар. 2016–2017 сыллартан ыла бу тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын анал делегацията хайаан да кыттыыны ылара үгэскэ кубулуйда.

Уйбаан Ороһуунускай

БАРААХАП ПААМАТЫННЬЫГАР

Oһyo-oһyo oһуокай,

Оһуокайдыыр оһуокай.

Харбалаахха киириигэ

Хаарыан хотой киһибит

Күндү өйдөбүнньүгэ

Күлүмүрдээн көһүннэ,

Илиибитинэн уруйдаан,

Иннигэр киирэн тохтоон,

Уруу-хаан Бараахап

Ураты мөссүөнүгэр

Сүһүөхтүүн сүгүрүйэн,

Хоолдьуктуун да хонкуйан,

Утары көрөн тураммыт,

Улуу Сыһыы уолугар

Удьуор Исиидэр аатыгар

Махтал, баһыыба тылларын

Махтайан эттэхпит буоллун!

Кыра-хара норуоппут

Хараҕын арыйарга,

Кыһалҕаттан тахсарга

Кыраҕыттан ыҥыртыҥ.

Сахам сирэ сайдыаҕар

Санаатын ууран, кини,

Сайаҕас ыччат буолан,

Чаҕылҕаммыт уотунуу

Кылгастык да олоорто…

Сырдык дьыалабыт иһин

Өлөртөн да куттаммат,

Өстөөхтөн да самныбат,

Чаҕылхай да Максимныын,

Хоһоонньут Былатыанныын

Хоһулайан тураннар,

Хотойдор буолар сыалга

Хотуулаахтык кииртэрэ.

Ленинниин үлэлээбит

Эмэлдьээннээх Серготтан

Эрчимнээхтик үөрэнэн,

Эр бэртэрэ буолтара.

Ульянов Лениммит

Муударайкаан сүбэтин

Мындырдаан иҥэрэннэр,

Саха саргытын салайсан,

Сайдан-үүнэн бартара…

Биһиги улууспутугар

Бастакы бассабыыкпыт,

Бараахап Исиидэрбит

Тэрийсибит тэрээһинэ

Тэтимник тэнийбитэ,

Халаан халыҥ уутунуу

Халыйан тарҕаммыта.

Харалдьыкка ньургуһун

Сандаарбытын кэриэтэ,

Сириэдийэн чэлгийбитэ.

Устаап сокуон ылынан,

Уопсай колхоз суолугар,

Оҥочолуу дьулуһан,

Устан-эрдэн кииртэрэ.

Онтон туран, доҕоттоор,

Совхозтары тэринэн,

Социализмы туппуппут,

Бараахаппыт совхоһун

Билигин суохтуур курдукпут.

Биэстии, сэттэлии сыллаах

Былааннары аһарарбыт,

Бараммат элбэх тутуунан

Баараҕай да этибит…

Бараахаппыт барахсан

Быһалыыр суолга ыйбытын

Билигин кэлэн биллибит.

Барҕарыыны тэлэбит

Саҥа сахабыт саргытын

Саҥалыы үөскэтэргэ,

Сайдамнык үөрэтэргэ

Санаабытын түмүөҕүҥ,

Сахабытын түһүмүөҕүҥ! …

…Арай Исиидэр барахсан

Тиийэн кэллин билигин,

Төрүт буора, дойдута

Тупсубутун көрүөхтүн,

«Сүүрбүт-көппүт эрэйим,

Охсон кээспит эркээйим

Олохтонон испит» диэн,

Үөрэн-көтөн уруйдаан,

Тыл этиэҕэ айхаллаан.

Онтон тохтуу түһүөҕэ,

Олох билигин хайдаҕын

Оройдотон ылыаҕа,

Өтө көрөн, сэрэйэн,

Быһа барар суолбутун

Бөлөһүөктээн этиэҕэ,

Сүгэ-балта тылынан

Сүбэ-ама биэриэҕэ.

Быйыл манна мустаммыт,

Бараахаптыыр совхоһу

Ахтан-санаан ааһыахпыт,

Үөрүү-көтүү үөһүгэр

Сиэннэрин ыҥыраммыт,

Уруй-айхал үрдүгэр

Ыһыахпытын ыһыахпыт.

Сарсыҥҥыга саргылаах

Өйдөбүнньүк күөнүгэр

Сибэккибит тыллыаҕа,

Өрүү ахтылла туруоҕа.

Саха норуотун суобаһа –

Бараахаппыт уобараһа

Мэлдьи тыыннаах буолуоҕа,

Махтал тылын аныаҕа.

Эһиэ-эһиэ-эһиэкэй

Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

Харбалаах, 16.02.98.