
“Көтөр -өҥүнэн, киһи- өйүнэн” өй күрэҕин бырайыак чэрчитинэн, “Быракаантан-Берлиҥҥэ”.
Үгэс буолбут өй оонньуута Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаан буолла, барыта 4 хамаанда кытынна. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн учууталлар хамаандалара 1 үрдэлгэ таҕыста, кыһыылаахтык Талбаана түмсүү хамаандата 1 баалынан 2 үрдэл буолла, сынньалаҥ киин үлэһиттэрин хамаандата 3 үрдэл уонна оҕолор 4 үрдэл. Оонньуубутугар куруутун көхтөөх кыттыыгыт иһин барҕа махтал!





