УУСТУК ҮЛЛЭРИИ

Биир баай киһи ыал тойонугар кэһиитин биэс хааһы аҕалбыт. Онуоха биирдэрэ бэркэ үөрбүт итиэннэ:

– Дьэ, доҕоор, баһыыбата тут! Бу үтүө кэһиигин үчүгэйдик үллэрэн кулу эрэ, – диир. – Хайабытын даҕаны баттаабатаххына хардары харчынан, үбүнэн бэлэхтиэм. Сатаан үллэрбэтэргин эрэ хоргутумаар, хардары тугу даҕаны биэриэм суоҕа, – диир.

Ол тойон ойоҕунуун, икки уолунуун, икки кыыһыныын – барылара алтыа эбиттэр. Дьэ бии киһи ол курдук, бу курдук ууран көрө сатыыр да, хайаан да тэбис-тэҥ гына үллэрбэт, кэтэҕин эрэ тарбанаахтыырын билэр.

Онуоха тойон ыал олорор дьадаҥы киһини ыҥыртаран ылар. Ол киһитэ, кэлэн, хотуннаах тойоҥҥо биир хааһы биэрэ туран: “Эһиги билигин үһүө буоллугут”, – диир. Биир хааһы уолаттарга биэрэ туран: “Эһиги эмиэ үһүө буоллугут”, – диир. Биир хааһын кыргыттарга биэрэ-биэрэ эмиэ ити тылын этэр. Икки хааһы кыбынан баран: ,,Биһиги даҕаны үһүө буоллубут”, – диир.

Тойон күлэ түһэр:

– Дьэ киһи да киһи буолаахтыыр эбиккин, доҕоор! Хайабытын да баттаабатыҥ, бэйэҕин да умнаахтаабатыҥ, – диэн дьадаҥы ыалын маанылыыр, кэһиилээх баайын мэлитэн ыытар.

Остуоруйа садаача:

  1. Абааһы кыыһа Хайҕамсык Хара Хаан тойон дьиэтин таһыгар тиийэн кэлбитигэр, ат тэһиинин тутуохпут диэн тоҕус уол, бииринэн аҕыйах кыыс тахсан сэргэ төрдүһэр мустубуттар. Хас кыыс тахсыбытый? Ат тэһиинин тута барыта хас киһи тахсыбытый?

Эппиэтэ: 8 кыыс, 17 киһи

  • Ыһыах буолбут, уруу буолбут. Үөһээ дойдуттан тоҕус биис ууһа тоҕуоруйбут. Орто дойду уон ордуга икки биис ууһа мунньустубут. Барыта хас биис ууһа мустубутуй?

Эппиэтэ: 9+12=21 биис ууһа

  • Сэттэ күннээх түүнү мэлдьи ыһыахтаабыттар, оонньообуттар – көрүлээ-биттэр.ыһыах барыта хас чаас устата буолбутуй?

Эппиэтэ: 24+7=168 чаас

  • Холорук уол ууска тиийэн 3 ампаарыгар хас биирдиитигэр 3-түү көмүс, алтан, тимир күлүүстэри оҥороругар соруйбут. Уус барыта хас күлүүһү оҥорбутуй?

Эппиэтэ: 27 күлүүс

Кыайыылахтар: