2024 сыл

Тохсунньу 15 күнэ,  сарсыарда 11 чаастан Харбалаахтааҕы сынньалаҥ кииҥҥэ Үөһээ-Бүлүү улууһун дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота буолла.

Кыттыыны ылаллар:

1. Тойтонова Л.С.- улуус Баһылыгын солб.

2. Дмитриев Н.Н. – управление промышленности;

3. Миронова Тамара Никифоровна – муниципальный дорожный фонд;

4. Петрова Наталья Кирилловна – ВВМБЦС;

5. Деллохов Василий Петрович –МКУ УСХ;

6. Николаева Екатерина Васильевна – УСЗН и Т;

7. Тимофеев Павел Викторович – Верхневилюйское лесничество;

8. Платонов Николай Андреевич – Управление образования;

9. Догоюсова Валентина – Редакция газеты 1 группа.

Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Ольга Уларова улуус киинигэр таһар маршрутнай автобус сырыытын туоһуласта.

Оскуола дириэктэрэ Васмар Руфов саҥа оскуола тутуутун боппуруоһун сураста. Бэлиэтээн эттэххэ, Харбалаах орто оскуолата 1969 сыллаах эргэ тутуу. Оскуолаҕа чугастыы сытар Тамалакаан, Ороһу нэһилиэктэриттэн тиийэ кэлэн, барыта оҕо 98 үөрэнэр. Эппиэти биэрдэ улуустааҕы Промышленность уонна Тутуу управлениетын салайааччыта Николай Дмитриев.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэк олохтооҕо Прокопий Ноговицын өртөөһүн курдук сытыытык турар кыһалҕаны сураста.

Олунньу 7 күнэ, сарсыарда 10 ч. кулууп дьиэҕэ бырабыыталыстыба сыллааҕы отчуота буолла.

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө бүгүн Харбалаах дьонун-сэргэтин кытары көрсөр. Бөлөҕү Үп-харчы миниистирин солбуйааччы Николай Старостин салайар.

Үгэс быһыытынан, отчуот Улуу Россия уонна Саха сирин гимнэриттэн саҕаланна.

Мунньах үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна, ол курдук Харбалаах орто оскуолатын учууталыгар Мария Кузьминаҕа Үөрэх министиэристибэтин Бочуотунай грамотатын туттардылар.

Харбалаах орто оскуолатын Васмар Руфов кэккэ боппуруостары ыйытта:

– интэриниэт тарифын көрүү, чэпчэтии

– оҕо босуобуйатын ийэлэргэ барыларыгар тэҥнээхтик анааһын

– ОДьКХ боппуруоһа

– Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, онуоха үп-харчы анаарааһына

– Оскуола тутуута. Оскуола эргэрэн турар.

– Учебник атыылаһааһыныгар эбии үбүлээһин тоҕо көрүллүбэтий? 

– Лааҕыр тэрийиитэ. Хамнас оскуола өттүттэн барар буолан, учууталлар стимулларыгар охсор. Эбии үп көрүллүө наада

– Оҕолору сылаас аһылыгынан хааччыйыы бэрээдэктээһинэ

– Хамнас үрдээһинэ. Иитээччи хамнаһын үрдэтии.

Босуобуйа туһунан хоруйга Социальнай харалта үлэһитэ Михаил Сибиряков хоруйдаата:

– Босуобуйа төлөөһүнэ федеральнай сокуонунан бигэргэнэр. Төрөппүттэр хамнастара дохуот алын кээмэйиттэн тахсар буоллаҕына, ол аата кинилэр бэйэлэрэ оҕолорун иитэр кыахтаахтар диэн.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов:

– Оскуола тутуута приоритекка турар. Хас биирдии аварийнай туруктаах оскуолалаах нэһилиэккэ саҥа  оскуола үлэҕэ киирэрин ситиһиэхтээхпит.

Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйини көрүү-харайыы уонна мелиорация департаменын салайааччы Вячеслав Владимирович хоруйдаата.

– Бу боппуруоһунан анал хамыыһыйа дьарыктанар, боппуруоһу боротокуолга киллэрэн ыйыталаһыахпыт, – диэн эттэ.

Олохтоохтору тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһа ордук долгутар.

– Өртөөһүн

– Дулҕа оҥорооһуна

– Сүөһү төбөтүгэр көрүллэр субсидия харчыта

Департамент салайааччыта Вячеслав Гаврильев олохтоохтор этиилэрин боротокуолга киллэттэрдэ.

Харбалаах ыччата Максим Иванов спорт инструкторын штатын миэстэтин туруоруста.

Маныаха ити боппуруос кыалларын, Үөһээ Бүлүү улууһугар 3-4 эрэ спорт инструктора баарын, өссө туруорсуохха наадатын туһунан Егор Иванов эппиэттээтэ.

Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Николай Прокопьевичка олохтоохтор ааттарыттан махтанан туран “Хас биирдии салайааччыга улуу киһибит Исидор Барахов сырдык мөссүөнэ ыйанан турарыгар баҕарабын”, – диэн портретын бэлэх уунна уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө мунньах кэнниттэн оскуола иһ ин-таһын көрдүлэр-иһиттилэр.

Оскуола аварийнай туруктаах, муостата онон-манан түһэн, истиэнэтэ хамсаан оҕолорго, учууталларга кутталы үөскэтэр.

Дириэктэр Васмар Анастасьевич Руфов оскуола тутуутун үлэлиэҕиттэн туруорсар.

Харбалаах уһуйаана – урукку УСПО маҕаһыынын дьиэтэ диэн баһылык кэпсээтэ.

Билиҥҥи туругунан, уһуйаан дьиэтэ аварийнай туруктаах. Истиэнэтэ суулла турар, муоста хамсыыр, түспүт, тэллэй үүнэн оҕолор доруобуйаларыгар охсор, олохторугар кутталы үөскэтэр.

Иитээччилэр: “биирдэ бу барыта сууллан хаалыа диэн куттанабыт” – дииллэрин истэн киһи сонньуйар.

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө баар балаһыанньаны кытары билистилэр.

Олунньу 12 күнэ, Бүгүн уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл ИСИИДЭР БАРААХАП төрөөбүт күнэ! Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл И.Н.БАРАХОВ мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла. Улууспут баһылыга Валерий Николаев кэлэн кыттыыны ылла.

Олунньу 13 күнэ, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан “Төлө туппат төрүт баайыҥ-төрөөбүт ийэ тылыҥ” өй күрэҕэ Харбалаах нэһилиэгэр буолла. Күрэх 9 түһүмэхтээх: тылы билиигэ, быһаарыыга, айымньыны, таабырыны, өс хоһоонун, сомоҕо домоҕу тургутууну 5 хамаанда ааста. Оскуола оҕолоро, ыччаттар, ийэлэр, эбэлэр кэлэн кыттан бардылар. Араас бииртэн биир түһүмэхтэри ааһан Н.Якутскай аатынан оскуола учууталлара кыайдылар. 

Муус устар 26 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн Харбалаах нэһилиэгэр уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлэтиичэскэй диэйэтэл И.Н. Барахов мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу үөрүүлээх миитин буолла. Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччыта Джулустан Анатольевич Борисов Үөһээ Бүлүү дьонун-сэргэтин, мустубут Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев махтал суруктарын туттарда. Ону таһынан, оҕо уһуйаанын, оскуоланы, тутулла турар түмэли көрдө. Билигин оҕолор үөрэнэ олорор оскуолаларын, оҕо уһуйаанын туруга хаарбаҕын сөбө суох усулуобуйалааҕын көрдө.

Ил Түмэн депутата Филиппов Федот Сергеевич ыалдьыттаата.

Муус устар 28 күнэ. Дойду Президиэнэ Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ, “Сахафильм” киинэ хампааньыйатын дириэктэрэ, Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Алексей Егоров – Өркөн Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, Быыбарга үрдүк көрдөрүүбүтүнэн, бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр босхо эҕэрдэ кэнсиэрин бэлэхтээтэ.

Санатар буоллахха- Харбалаах нэһилиэгэ Дойду Президенын быыбарыгар көхтөөхтүк кыттан 95,13% Владимир Путины өйөөбүтэ. Үөһээ Бүлүү улууһа Сахабыт Сирин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарыгар 3-с үрдүк көрдөрүүлээх улуус буолбута.

Түгэнинэн туһанан Дойдубут Президиэнин итэҕэллээх киһитигэр, быыбар түмүктэммитэ ырааппытын да иһин, Харбалаах нэһилиэгэр эппит тылыгар туран, Алексей Егоровка  босхо кэнсиэрт бэлэхтээбитигэр махталбытын тириэрдэбит!

Ыам ыйын 1 күнэ. Күөх маайы көрсө Харбалаахпыт нэһилиэгэр биир үөрүүлээх түгэн👏🏻👏🏻👏🏻Нэһилиэкпитигэр 6 үлэһиттээх баһаарынай чаас арылынна 🚒🚒🚒

Бу күн Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһу, Өргүөт, Сургулуук уонна Туобуйа нэһилиэктэригэр баһаарынай чаас үлэҕэ киирдэ. Куйаар ситимин нөҥүө быһа сибээскэ тахсан, бары биир бириэмэҕэ аалай кыһыл лиэнтэни үөрүүлээх быһыыга кырыйдылар.

Олохтоохтор өр кэтэспит баҕабыт туолан астынныбыт, дурда-хахха буолар биир сүрүн тэрилтэ нэһилиэкпитигэр баар буолбута үөрдэр эрэ.

Бүгүн ыам ыйын 28 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр “Сайыны көрсүү”, маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр оһуохай декадатынан диэн бэт үчүгэй сэргэх тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк олохтоохторо эрэ буолбакка ыалдьыттар эмиэ кэлбиттэр.  Тэрээһин күөххэ үктэммиччэ Айыыларга, сир-дойду иччилэригэр cүгүрүйүү, ыраастаныы, арчыланыы сиэрин – туомун Светлана Даниловна Копыленко ыытта. Ол кэннэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан ыалдьыттарбыт Ай Куо Егорова, Тома Омукчанова, СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ Хаарчаана Семенова уонна улуус, республика Дархан оһуохай этээччитэ Валентина Семенова Оһуохайы оройуттан туттулар. Улуустан кэлбит ыалдьыттарбытын кытта нэһилиэк талба талааннаахтара кыттыгастаах кэнсиэрт туруордулар. Нэһилиэкпит эр дьонноро Баай Байанай бэссибит куһуттан, балыгыттан миин буһаран амсаттылар, “Талбаана” түмсүү алгыстаах арыылаах алаадьыннан, саламаатынан күндүлээтилэр. Сахалыы төрүт оонньуулары оҕолор да аҕам саастаахтар олуһун интириэһиргээн,  сөбүлээн оонньоотулар. Бүгүҥҥү тэрээһиммит хамаанданнан көрдөөх эстафетаннан түмүктэннэ. Кэлбит дьоммут-сэргэбит,  үөрэн- көтөн махтанан тарҕастылар.

Бэс ыйын 23 күнэ, Култуура миниистирэ Харбалаах тутулла турар түмэлин көрдө.

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр Саха  Өрөспүүбүлүкэтин култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ  Афанасий Ноев кэлэн ыалдьыттаата.

Тутулла турар Саха автономиятын төрүттэспит уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов аатынан түмэллээх култуура киинин көрөн-истэн, үлэ хаамыытын билсэн барда.

Бэс ыйыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин Аҕа баһылыга Константин Данилович Платонов  салалтатынан нэһилиэк ыччата, дьоно халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит  Хатырык нэһилиэгэр  кэлэн, икки күн  устата күүстээх көмөнү онордулар.

Элбэх оҕолоох  Кутуковтарга, улаханнык ууга барбыт ыалларбытыгар Обутовтарга, Сухановтарга,  Александра Слепцова  бааһынай хаһаайыстыбатыгар чөлүгэр түһэрии үлэлэргэ көмөлөстүлэр.

Улуу убайдарбыт  Исидор Барахов уонна Максим Аммосов доҕордоһуулара  өрүү ыарахан түгэҥҥэ  бэйэ-бэйэни өйөһүүлээх буоллун. Улахан махтал Харбалаах нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр!    “Хатырык нэһилиэгэ” МТ  дьаһалтата

Атырдьах ыйын 6 күнэ, Ил Дархан А.С. Николаев саҥа тутулла турар И.Н. Барахов аатынан култуура Киинин тутуутун билистэ. Салгыы И.Н. Барахов аатынан уулусса саҥа аспаал суолун оҥоруутун көрдө-иһиттэ.

В с. Харбалах проверил ход строительства Центра культуры им. И.Н. Барахова. Объект строится по Инвестиционной программе республики, в нем разместятся музей им. Исидора Барахова, библиотека и совмещенный кинотеатр с актовым залом на 150 мест. Строительство приостанавливалось из-за несоответствия температуры грунтов основания к расчетным показателям. Эти проблемы все были решены и стройка идет полным ходом. Есть уверенность, что этот важный объект будет введен до конца года.

Балаҕан ыйын 8 күнэ, Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын талар быыбарга Платонов Константин Данилович 179 куолаһы ылан иккис болдьоҕор баһылыгынан талылынна.

(Харбалаа5ым олохтоохторугар иккис болдьохпор миэхэ эрэнэн куолас биэрбит дьоммор улахаан2  махталбын тиэрдэбин!😄🙌🏻 Ситэри эһиги өйөбүлгүтүнэн күүс ылан, бииргэ нэһилиэкпит туһугар үлэни-хамнаһы өрө тутуохпут, Харбалаах нэһилиэгэ Республикаҕа биир үрдүк сайдыылаах нэһилиэк буоларын туһугар ситиһиэхпит! Хомолтоҕо үөрүүгэ биир сомоҕо буолан түмсэн күүстээх-кыахтаах буоларга дьулуһуохпут! Мичил Владиславович бэйэм уолум инники диэкки харса суох хааман ис, Эдэр саас эрчимин кытары биирбгэ үүнэ сайда тур, үөрэхтээх  киһи буола улаат, патриот буолан дойдун дьонун эрэбилин бу курдук куруутун ыла сырыт диэн алгыс тылбын тиэрдэбин!✊🏻 Барыгытыгар өссө төгүл махтал, дьоллоох доруобай буолун бар дьонум!👍🏻✊🏻😄🙌🏻)

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө уһулуччулаах бэлэтиичэскэй диэйэтэл, Саха Сирин автономиятын төрүттэспит улуу убайбыт Исидор Барахов мэҥэ тааһыгар сибэккии дьөрбөтүн ууруу, сүгүрүйүү сиэрэ-туома тэрилиннэ.

Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Михайлов Георгий Николаевич кыттыыны ылла.

Ыччаттарбыт, дьоммут-сэргэбит чулуу киһибит Исидор Барахов сүдү кылаатын өйдүү-саныы, сырдык аатын киэн тутта ааттыы сылдьарбыт саха омуга кэскиллээҕин бэлиэтэ буолар.

Быйыл Исидор Барахов аатын сүгэр аныгылыы көстүүлээх култуура киинэ тутуута түмүктэнэрин улуус дьоно-сэргэтэ бары долгуйа кэтэһэбит.

Бараахаппыт аата үйэлэргэ ааттана турдун! Саха Сирэ өрүү сайда турдун!

Харбалаах нэһилиэгэр бүгүн — ураты күн. Исидор Барахов аатынан уулуссаҕа анылыгыы тупсаҕай көстүүлээх асфальт суолу арыйыы үөрүүлээх, долгутуулаах түгэнэ ыытылынна. СР правительствотын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, республика транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев, улуус аҕа баһылыга Валерий Николаев, нэһилиэк баһылыга Константин Платонов, суолу туппут «Инблавер» тэрилтэ салайааччыта Иван Николаев уонна нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Розалия Филиппова истиҥ эҕэрдэлэрин, суолу тутааччыларга дириҥ махталларын тиэртилэр уонна суолу арыйар аалай лиэнтэни кырыйдылар. 

Айан суолун көнө ньуурунан “Инблавер” тэрилтэ суолу оҥоруутугар үлэлэспит тимир көлөлөрө, араас массыыналар парадтаан киирдилэр.  Саҥа суол үйэлээх, айана алгыстаах буоларын туһугар алгысчыт Трофим Миронов ытык алгыһын түһэрэн арчылаата, араҥаччылаата. 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсөр бэлиэ түгэҥҥэ Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Бараахап аатынан уулусса асфальт суола арылынна.

Исидор Барахов 125 сылын үбүлүөйүн бэлиэтиир сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин конкуруһун түмүгүнэн уопсайа 671 м. уһуннаах суолу асфальтынан бүрүйүүгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ.

Исидор Барахов аатын сүгэр уулусса тупсаҕай көстүүлээх асфальт суолламмыта Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторугар, Үөһээ Бүлүү улууһугар бэлиэ түгэн буолар.

Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, СӨ тыраанспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев кыттыыны ыллылар.

Тыа сиригэр маннык хаачыстыбалаах, аныгылыы быһыылаах асфальт суоллар улууспутугар элбии туруохтара диэн эрэллээхпит. Саҥа суол үйэлээх, айана алгыстаах буоллун.

Алтынньы ый 31 күнүгэр. Сегодня, 31 октября 2024 состоялось выездное заседание Комиссии по делам несовершеннолетних и защите их прав при администрации МР «Верхневилюйский улус (район)» под председательством заместителя главы МР по социальным вопросам и семейной политике А.М. Уларовой в село Харбалах.

На заседании приняли участие глава МО “Харбалахский наслег” Платонов К.Д., глава МО “Тамалаканский наслег” Иванов П.П., директор МБОУ “Харбалахская СОШ им. Н.Г. Золотарева-Якутского” Филиппов Ф.С., заместитель директора по воспитательной работе МБОУ “Харбалахская СОШ им. Н.Г. Золотарева-Якутского” Колтовская Т.Т., заместитель директора по воспитательной работе МБОУ “Тамалаканская СОШ” Бабаранова Н.В. и специалисты МО “Харбалахский наслег”.

Комиссией была заслушаны информации о работе общественных советов по делам несовершеннолетних и защите их прав МО “Харбалахский наслег” и МО “Тамалаканский наслег” по итогам 10 месяцев 2024 года.

Также заслушали информацию руководителей Харбалахской и Тамалаканской СОШ об организации воспитательной работы и профилактике правонарушений и безнадзорности несовершеннолетних.

Обсудили план дальнейшей профилактической работы.

Члены районной КДНиЗП высказали свои пожелания и предложения по усилению системы профилактики для недопущения роста правонарушений несовершеннолетних и раннего выявления неблагополучных семей.

Сэтинньи ый 8 күнүгэр, Бүгүн, Н.Г.Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолата 105 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир💐💐💐

Сарсыардаттан оскуола иһэ үөрбүт-көппүт оҕолорунан, учууталларынан, выпускниктарынан туолла. Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов, оскуола дириэктэрэ Федот Филиппов, урукку сылларга үлэлээн кэлбит дириэктэрдэр мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.

Салгыы учууталларга аналлаах  быыстапкалар, оҕолор туойтан оҥорбут оҥоһуктара турдулар. Ону тэҥэ “Нэһилиэги үөрэхтээбит учууталлар” кабинеттары үөрүүлээхтик арыйдылар. Ыалдьыттарга анаан үбүлүөйдээх уруоктар, кылаас чаастара буоллулар.

Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар,

Омоонноох суоллары ыйаҕын.

Үрдүккэ, кэскилэ уһуйар

Оскуолам өрүүтүн сайдаҕын…

                                    Дмитрий Кононов хоһоонуттан

Харбалаах орто оскуолатын төрүт култуура учуутала Валентина Даниловна Васильева оҕолорго 6-с сылын туой оҥоһуктары оҥорор эбии дьарыгы ыытар.

Оҕолор умсугуйан туран туойтан араас хартыыналары, сахалыы көмүлүөктэри, оҥоһуктары оҥороллор. Маны  таһынан, оҥоһуктарын атыылаан, хамнас аахсаллар.

Оскуолаҕа гончарнай сыах бу иннинэ үлэлии олорбут дириэктэр Васмар Руфов көҕүлээһининэн арыллыбыта, оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлар. Валентина Даниловна энтузиаст учуутал, туойун ыраах Москваттан сакаастаан ылар. “Мин биисинэһим” тэрилтэ салайааччыта Мария Александрова кэпсэтэн, граҥҥа кыттыахтарын сөбүн сүбэлээтэ, оҕолор оҥоһуктара улуус киинигэр атыыланарын курдук үлэлэһиэх буолла.

Дьэ бэт юбилейга сырыттыбыт  олох кун биллибэккэ ааста сурдээх тэрээьиннээх терут  улэьит учууталлардаах этэ билигин да кестер оскуолабыт барахсан куруук ситиьии аргыстаах буоллун  Махтал !

Бэрт тэрээһиннээх, ис хоһоонноох(содержательнай) юбилейга ыалдьыттаан астынан кэллибит Ыалдьытымсах дойдум дьоно-сэргэтэ,түмсүүлээх үлэһит оскуола коллектива бииргэ түмсэн ,тэрээһин тэтимнээхтик интэриэһинэйдик ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан,бастакы учууталларбытын ахтан-санаан кырачаан оҕо сааспытыгар санаан төннөн,эдэр оҕочоос сааспытын эргитэн,кылааһынньыктарбытын көрсөн үөрэн-көтөн   астынан тарҕастыбыт.

Махтал бастыҥын  тиэрдэбит.Аны 5 сылынан аныгылыы саҥа оскуолаҕа көрсүөхпүт дэстибит.Саҥа эрчимнээх,толкуйдаах, кыахтаах  эдэр салайааччы Ил Түмэн депутата Федот Сергеевич саҥа оскуола дьэндэйэн тахсарыгар туруулаһан үлэлиэҕэ диэн бигэ эрэнэбит

Оскуола 75с.выпускниктара.

Сэтинньи 29 күнүгэр, Харбалаахха “Хаар бырааһынньыга” быйыл ыытыллыбыта 5  сыла. 5 сыл устата оҕолорго, улахан дьоҥҥо эһэлэрин Руслан Михайлович, убайдарын Александр Кривошапкиннар ааттарын үйэтитэр тэрээһини киэргэтэр дьоммутугар БАРҔА МАХТАЛБЫН тиэрдэбин.

Бу сыллар усталарыгар ситими быспакка тэрийсэр Кривошапкиннар аймахтарыгар дьол-соргу эрэ аргыстастын,дьиэ кэргэҥҥитигэр нус- бараан олоҕу,чэгиэн сылдьаргытыгар баҕарабын!

Быйыл айар куттаах аҕалыы-уол Руслан уонна Александр Кривошапкиннарга анаан Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр улуустааҕы хоһоон айыытыгар кэтэхтэн күрэх ыытылынна. Оскуола саастаах оҕолорго – “хаар”, улахан дьоҥҥо “харыйа” диэн тиэмэҕэ уопсайа 33 үлэ киирдэ.

Ол иһигэр улахан дьон – 22. Нам, Ньурба, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан кытыннылар. Харбалаахтан 3 үлэ киирдэ. Бэлиэтээн аһардахха Руслан Михайлович сиэннэрэ: Спиридон Спиридонович Семенов, Дайаана Владиславовна Кривошапкина, быстах байыаннай дьайыыга сылдьар сиэн уол Роман Сергеевич Кривошапкин кытыннылар. 

Оҕолорго – 16 оҕо. Тамалакаан, Ороһу, Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин үлэлэрин туттубут. Харбалаахтан 11 хоһоон киирдэ.

Хоһооннору сыаналаабыт тойон сүбэни билиһиннэрэбит:

Галина Александровна Трушкова – Калисфена, хас да кинигэ ааптара, Үөһээ Бүлүү улууһун “Чэчир” түмсүү чилиэнэ.

Дмитрий Иванович Кононов – хас да кинигэ ааптара, Үөһээ Бүлүү улууһун “Чэчир” түмсүү салайааччыта.

Руслан уонна Александр Кривошапкиннар ааттарыттан сиэн кыыс Матрена Георгиевна Иннокентьева, уһуйаан иитээччитэ.

Оҕолорго кыайыылаахтар ааттара:

1 үрдэл – Авелия Кириллина, Ороһу (сал.Михайлова Н.Н.)

2 үрдэл – Софрон Тимофеев, Үөһээ Бүлүү спортивнай оскуолата.

3 үрдэл – Милада Бабаранова, Тамалакаан (сал.Гаврильева Ф.И.)

Улахан дьоҥҥо кыайыылаахтар:

1 үрдэл – Надежда Николаевна Рыкунова-Кыыдаана. Нам улууһа, “Отуу уота” түмсүү.

2 үрдэл – Александр Михайлович Васильев-Арчын ( “Уран кут” литературнай түмсүү, Чуукаар нэһилиэгин аатыттан, Мэҥэ – Хаҥалас улууһа, Аллараа – Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо).

3 үрдэл – Анна Илларионовна Мойтохонова (Үөһээ Бүлүү, Нам нэһилиэгэ.)

Кыттыбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!

Сэтинньи 29 күнэ. Улуус бэтэрээннэрин спартакиадатыгар Харбалаах нэһилиэгин аҕам саастаахтара кыайыы көтөллөөх кэллилэр.  

Спартакиада кыайыылаахтарын 🏆 Аҕам саастаа дьоннорбор уонна дьарыктаабыт Иринаҕа Сергейга, үҥкүүгэ бэлэмнээбит кулуубум үлэһиттэригэр, хамаанданы түмпүт кэргэммэр Марияҕа, спортсменнары таспыт🚙🚐 суоппардарга С.Таняҕа, К.Таняҕа Н.Сергейга, П.Сашаҕа бары түмсэн Харбалаах чемпион🥇 буолбутунан эҕэрдэлиибин- махтанабын!✊🏻 Бу спартакиадаҕа бастаан уопсай сыллааҕы комплекснай спартакиада5а Харбалаах 2 миэстэ буолла! Кырдьа5ас аксакалларбыт точканы туруордулар, дьэ чахсы сыал-сорук туруоран, киирсэн бу ситиһии кэллэ👍🏻 Барыгытыгар дьолу, чэгиэн доруобуйаны, бэйэҕитин харыстана сылдьын, бу курдук дойдугут туһугар эрэллээх, көхтөөх, түмсүүлээх буолун!🙌🏻✊🏻

Ахсынньы 4 күнэ, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, 5-6-7 кылаас оҕолоро Олоҥхо декадатын түмүктүүр К.Н.Никифоров “Хабытта Бэргэн” олоҥхотун туруордулар.