“СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ-2023”

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар ананар «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» улуус иһинэн аахсыйа буолла.

Сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕарга көҕүлээһин.

Суруйуу тиэкиһэ Н. Г. Золотарев – Якутскай айымньытынан, 16 саастарыгар диэри оҕолорго туспа “Ойуур луохтуура” , улахан дьоҥҥо “Төлкө” арамааныттан быһа тардан ыытылынна.

Быһаарыы: Көппүт тыллары кэпсээн ис хоһоонунан сөпкө суруйар, биир көппүт тыл – биир сурааһынынан, икки көппүт тыл икки сурааһынынан бэлиэтэммит. Сыаналыырга көппүт тыл сөптөөх түһүккэ (падежка), куормаҕа (формаҕа) турара көрүллэр. Холобура, оҕонньорго сыһыарыы түһүгү оҕонньор диэн төрүт түһүккэ туруорбут буоллаҕына сыыһанан ааҕыллар.

Харбалаахха уопсайа 41 киһи суруйда, олортон 22 оҕо.

https://onxoy.vvlibr.ru/news/3019/
Онхой нэһилиэгэр 15 оҕо суруйда.
https://dulluku.vvlibr.ru/news/3048/
Дүллүкү нэһилиэгэр 31 киһи суруйда, олортон 27 оҕо
https://magas.vvlibr.ru/солотуураптыы-суруйуу-аахсыйа/
Маҥаас нэһилиэгэр 25 киһи суруйда, олортон 15 оҕо

Хоро нэһилиэгэр 5 киһи суруйда, олортон 3 оҕо

Тамалакаан нэһилиэгэр 2 киһи суруйда

Хомустаах нэһилиэгэр 17 киһи суруйда, олортон 10 оҕо

Ботулуу нһилиэгэр 7 киһи суруйда

Суруйуу ыарахан буолан биэрдэ, эһиил арыый уларытынан оҥоруохпут! Кыттыбыт дьон сэҥээрбиттэрин, сонун, ураты тэрээһин буолбутун биллэрдилэр. “Солотуураптыы суруйуу” аахсыйаҕа кыттыбыт дьоҥҥо, тэрийсибит нэһилиэктэр библиотекардарыгар барҕа МАХТАЛ!

Тэрийээччилэр: Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката, Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлэ.