Ньукулаайаптар дьиэ кэргэттэрэ

Үөһээ Бүлүү улууһун, Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо Николай Николаевич уонна Наталья Валериевна Николаевтар дьиэ кэргэттэрин туһунан.

Николай Николаевич уонна Наталья Валериавна 1981 сыллаахха ыал буолбуттара. 2 кыыс, 2 уол оҕону төрөтөн, улаатыннаран, киһи-хара, үлэһит дьон, гынан, 11 сиэн, 1 хос сиэн тапталаах эһэтэ, эбэтэ. Улахан кыыстара Федора Николаевна 3 оҕолоох, 1 сиэн кыыстаах. Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка олороллор. Улахан уоллара Аркадий Николаевич 3 оҕолоох Дьокуускай куоракка олорор. Кыра уол Иннокентий Николаевич Харбалаахха олорор, 1 оҕолоохтор. Кыра кыыс Елена Николаевна Харбалаахха олорор, 4 оҕолоох.

Николай Николаевич 1956 сыллаахха Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Николаева Пелагея Николаевна Харбалаах нэһилиэгэр дайаарканан, ньирэй көрөөччүннэн, субай сүөһүнү көрөн, үчүгэй үлэтин иһин элбэх бочуотнай грамоталардаах, мэтээллэрдээх. Кыра Коля соҕотох ийэҕэ иитиллибит буолан кыра эрдэҕиттэн эр киһилии улааппыта. Таайын Николаев Никифор Егоровиһы батыһа сылдьан тыраахтарга олорсон, тиэхиньикэҕэ сыстыбыта. Романов Владимиры кытта сылдьан сааннан ытарга, булт абыланын билбитэ. Кустуурга, балыктыырга, куобахтыырга уһуйуллубута.

Балта, Мария Николаевна Николаева, төрөппүт ийэтэ Марияны төрөөн баран өлөөхтөөбүт. Оччолорго Николай ийэтэ, Пелагея Николаевна балыыһаҕа остуорастыыра, онно ийэтин батыһа сылдьан Марияны аһынан ииттэ ылаллар.

Нэһилиэк урукку кырдьаҕастарын туһунан элбэҕи сэһэргиирэ, дуобаттаан хампыат сүүйэрин кэпсиирэ. Кэлин доҕотторунаан Николаев Аркадий Кирилловичтыын, Бушков Лоокуут Алексеевичтыын, кэлин сааһыран баран Николаев Иван Акимовиһы кытта улахан бултка сылдьаллара.

Оскуоланы бүтэрээт, 1976 – 1978 сылларга аармыйаҕа сулууспалаабыта. Аармыйаттаан кэлээт Харбалаах нэһилиэгэр хачыгаардыыр. 1979 сыллаахха суоппар идэтин Дьокуускай куоракка үөрэнэр. 1981 сылтан “Бараахап” аатынан совхозка Харбалаах отделениятыгар суоппарынан, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Илин баска саҥа хотон тутуу биригээдэтигэр тырахтарыыстаабыта. Кыһынын ыраах тыаҕа мас кэрдээһинигэр уһуннук үлэлээбитэ. Совхозка үлэлиир кэмнэригэр таһаҕас таһыытыгар Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр сылдьыбыта. Биир эрэ нэһилиэккэ сылдьыбатаҕым диирэ.  Доруобуйатынан айгыраан, уһуннук эмтэнэн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Ынах-сылгы иитэллэрэ, хаһаайыстыбатын көрөрө. Николай икки уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн тиэхиньикэҕэ үөрэтэн, иккиэн суоппар идэлээхтэр. Улахан кыыс Федора Алданнааҕы медколледжы бүтэрэн, Покровскай куорат киин балыыһатыгар олорор учаастак сиэстэрэнэн үлэлиир. Кыра кыыс Елена Харбалаах уһуйааныгар иитээччинэн үлэлиир.

Николай Николаевич бу дьыл, 2024 сылга, соһуччу олохтон туораабыта.

Наталья Валериевна 1958 сыллаахха Тамалакаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1975 с. Ороһу орто оскуолатын үөрэнэн, салгыы Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр. Үлэтин Балаҕаннаах начальнай оскуолатыгар саҕалыыр. Үлэлии-үлэлии Магадааннааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ. 1983 сылтан Харбалаах орто оскуолатыгар уһатыллыбыт күн иитээччитинэн, онтон начальнай кылаас учууталынан үлэлээн кэллэ. Начальнай кылаас учууталларын методическай холбуһуктарын салайбыта. Наставник учуутал буоларын быһыытынан эдэр коллегаларын уруоктарыгар сылдьан ырытара, сүбэлиирэ-амалыыра. Кэккэ сылларга үтүө суобастаахтык оскуола профсоюзнай комитетыгар үлэлээбит.

Наталья Валериевна сылын аайы үөрэтэр оҕолорун билиилэрин таһыма үрдүүрүгэр болҕомтотун уурар. Үөрэппит оҕолоро элбэх ситиһиилээхтэр. Үөрэппит кылааһын оҕолорун улахан да кылааска таҕыстахтарына хараҕын далыттан таһаарбат, ситиһиилэрин көрө-истэ сылдьар.

Харбалаах орто оскуолатыгар 41 сылын үлэлии-хамныы сылдьар. Бу сыллар сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанар, ол курдук: 2004 с. «Отличник образования Республики Саха (Якутия)”, 2019 с. «Почетный ветеран системы образования Республики Саха (Якутия)», 2019 с. «Учитель учителей», 2024 с.  «Почетный работник сферы образования Российской Федерации», 2024 с. «Почетный учитель», 2023 сыллаахха Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина уонна да атын наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Харбалаах нэһилиэгэ үрдүк категориялаах учууталлаахпытынан киэн туттабыт.

Николай Николаевич, Наталья Валериевна сөптөөх сүбэлэринэн-амаларынан оҕолоругар, сиэннэригэр күүс-көмө буолаллар.