
Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар иккис төгүлүн ыытылынна. 11 нэһилиэк кыттыыны ылла, уопсайа 154 киһи суруйда, олортон 80 оҕо кыыттыны ылла.
Аахсыйа сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕарга көҕүлээһин. Аахсыйа уратыта, көппүт тыллары кэпсээн ис хоһоонунан сөпкө суруйуу. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит 👏🏻👏🏻👏🏻







