2022 сыл

Тохсунньу 16 күнүгэр, күнүс 3 чаасска Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон 2021 сыллааҕы үлэлин отчуоттаата. Отчуокка кытыннылар:

  1. Гурьева Наталья Филипповна-улуус баһылыгын солбуйааччыта;
  2. Дмитриев Николай Николаевич-МКУ УПСРиРИ салайааччыта;
  3. Эппэхов Александр Николаевич-Тыа хаһаайыстыбатын управлениятын специалиһа;
  4. Павлова  Сардана Николаевна-Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччыта;
  5. Егомина Зоя Валентиновна- улуустааҕы социальнай харалта отделын салайааччыта;
  6. Арбыкина Сардана Александровна- Үөрэх управлениетын үпкэ начальнигын солбуйааччыта.

Олунньу 22 күнүгэр, мобильнай амбулатория Харбалаахха кэлэн үлэлээтэ. Үрүҥ халааттаах аанньаллар Аҕа Дойду көмүскэли бырааһынньыгын көрсө Харбалаах нэһилиэгин эр дьонун уопсай туруктарын көрдүлэр – иһиттилэр.

Кулун тутар 12 күнүгэр, Харбалаахха «Олоҥхо ыһыаҕын» ыытыһар  сүрүннүүр салайааччылара,  режиссердара, сценаристара нэһилиэк дьонун  кытта көрүстэ, кэпсэттэ. Ол курдук,  ыалдьыттар:

1. Петрова Сардана Сергеевна- руководитель МКУ «ДКиДР»;

2. Брызгалова Сардана Семеновна- руководитель Дирекции «Ысыах Олонхо»;

3. Турантаева Мария Васильевна- руководитель режиссерско- постановочной группы,труководитель АУ РС(Я) «Театр Олонхо»;

4. Tapaxовский Руслан Игоревич- главный режиссер, главный режиссер АУ РС(Я) «Саха академический театр им. П.А. Ойунского»;

5. Власьева Майя Николаевна- главный сценарист, руководитель литературно-драматической части АУ РС(Я) «Театр Олонхо»;

6. Шапошникова Екатерина Ефимовна- главный художник-постановщик, главный художник АУ «Национальный театр танца Республики Саха (Якутия) им. С.А. Зверева – Кыыл Уола»;

7. Алексеева Василиса Алексеевна- ассистент режиссер, помощник режиссера АУ РС(Я) «Театр Олонхо».

Кэпсэтии – сэһэргэһии олус итэҕитиилээхтик ааста. Нэһилиэк дьоно, өссө кыах – күүс, тыын ылбыт курдук олоҥхо ыһыаҕар кыттыан, бэйэтин кылаатын киллэрэр санааланна.

Кулун тутар 19 күнүгэр, Бүгүн Харбалаах модельнай библиотекатыгар биир дойдулаахпыт Дмитрий Иванович Кононов буруолуу сылдьар аан бастакы кинигэтин “Сайар иэйиим кылынан” сүрэхтэниитэ буолла. Ыҥырыылаах ыалдьытынан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,”Чэчир” литературнай түмсүү салайааччыта Николай Васильев- Харыйалаах уола кыттыыны ылла.

Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Надежда Нехорукова Ньурбаттан кэлэн быраатын үөрүүтүн үллэһиннэ. Өр сылларга үлэлээбит оскуолатын кэллэктиибэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Розалия Евсеевна Филиппова, Александра Николаевна Шестакова Дмитрий Иванович кинигэтэ тахсыбыт үөрүүтүн үллэһиннилэр. Улуус баһылыгын солбуйааччы Люция Спиридоновна, нэһилиэк баһылыга Константин Данилович өссө да айа-тута, хоһооннорун бэчээттэтэ турарыгар баҕардылар.

Маны таһынан оҕолоро, аймах-билэ дьоно үтүө-мааны тыллары анаатылар. Кинигэ аҕыйах ахсааннаах экземплярынан ” Дани-Алмаска” бэчээттэммитэ.

Хоһоонноругар төрөөбүт дойду, таптал, тапталлаах сиэннэрэ хоһуллубуттар. Көр-күлүү хоһооннорунан кинигэ түмүктэнэр. Дмитрий Иванович хоһооннорун Светлана Егорова-Тулуйхаана, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тыл үөрэхтээҕэ ырытыы суруйбутун истибит дьон олус астыннылар. Кинигэ сүрэхтэниитин Харбалаах орто оскуолатын уолаттара ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан киэргэттилэр. Манна даҕатан эттэххэ Дмитрий Иванович 4 хоһооно ырыа буолан ылланаллар.

Дмитрий Ивановичка “Тыл сүмэтэ”, “Чэчир” түмсүү истиҥ тыллаах эҕэрдэлэрин Николай Васильев-Харыйалаах уола туттарда. Айар үлэ толоонугар өссө биир бэйээт Харбалаахтан үүнэн тахсан иһэриттэн кэлбит ыалдьыттар олус үөрдэ.

⠀Семенова Евдокия Павловна, И.Барахов аатынан үлэһитэ.

Кулун тутар 30 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин дэлэгээттэрэ, Саха Автономиятын  100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн уонна Автономияны төрүттэспит Исидор Бараховка, Былатыан Ойуунускайга, Максим Аммосовка, Степан Аржаковка аналлаах ” Доҕордоһуу түһүлгэтэ” диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.

Сарсыарда 09:00 чаастан Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар, нэһилиэк актыыбын, олохтоохтору кытта көрсүстүлэр. И.Н.Барахов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Сынньалаҥ кииҥҥэ П.В.Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатырын туруоруутугар ” Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин” диэн дьүһүйүү көрдөрдүлэр.

Улуу Бараахаппытын убаастаан-чиэстээн Таатта курдук ыраах сиртэн кэлэн ыалдьыттаан, сэһэргэһэн, доҕордоһон, үөрэн-көтөн салгыы Бүлүүнэн, Намынан бардылар.

Муус устар 13 күнүгэр,  Харбалаах нэһилиэгэр өбүгэбит үтүө үгэһин тарҕата сылдьар, биллэр олоҥхоһут, “Ыччат  Олоҥхоһут” уопсастыбаннай түмсүү бэрэсидьиэнэ ЮРИЙ БОРИСОВ: “БАҺЫРҔАСТААХ АЙАННААХ БААБЫЙ БООТУР” олоҥхону оллоонноон олорон олоҥхолоото,  илэ-бодо тутан олорон, эт кулгаахпытынан иһиттибит, “НОО” диэн тэптэрэн биэрэн, истэн сэргээтибит ,тула олорон олоҥхотун иһиттибит.Юрий Борисов чахчы былыргыны сөхсүтэн үүнэр ыччат   дьоҥҥо,кэнчээри ыччаттарбытыгар кэпсии-ипсии,көрдөрө тарҕата сылдьара  олус махталлаах дьыала.Баҕарыа этибит  эдэр олоҥхоһукка,өссө да үүнэ сайда турарыгар,олоҥхону өрө тутан, элбэх дьон сэҥээриитин ыларыгар  баҕарабыт уонна махталбытын аныыбыт!

Харбалаах, Методист Надежда Григорьева

Муус устар 15 күнүгэр, Харбалаахха дьоһун, дьоро күн буолла. Саха Аптаныамыйатын төрүттээбит  чулуу уолаттарбыт Максим Аммосов уонна Исидор Барахов ааттарын ааттаан, Харбалаахпыт сиригэр-уотугар Хатырык нэһилиэгин «Махсыым ыччаттара» доҕордоһуу муостатын тэрийээри “Мы будущее – республики”  диэн ааттаах десант тэрийэн, номнуо төрдүс улуустарыгар кэлбиттэр.

Бары даҕаны сэргэх сирэйдээх-харахтаах 11 эр бэртэрэ аан маҥнайгынан И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар сылдьан, кини олоҕун, политическай үлэтин билсиһэн, билиилэригэр билии эбиннилэр.

Бу кэннэ Исидор Барахов мэҥэ тааһыгар тиийэн хардары-таары эҕэрдэ тылын эттилэр, Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Владислав Афанасьевич Харбалааҕын ситиһиитин, инники баараҕай тутууларын сиһилии билиһиннэрдэ.

Хатырык нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Артур Егорович Ноговицын Максим Аммосов соратниктарын үйэтитээри доҕордоһуу муостатын тэрийэр көрсүһүүлэрин сыалын-соругун билиһиннэрдэ.

Түмүккэ И. Барахов мэҥэ тааһыгар биһиги ыччаттарбытын кытта үйэлээх хаартыскаҕа түстүлэр. Ону тэҥэ Исидор Барахов олорбут дьиэтин, аҕата туппут ампаардарын сэргии көрдүлэр, кулууп дьиэҕэ тиийэн дьэ сэһэргэһии, кэпсэтии сэргэҕэ буолла.

Кэпсэтиини Нам улууһун ыччат, дьиэ кэргэн специалиһа Семен Николаевич Жирков саҕалаата. Иккиһинэн лоп – бааччы саҥалаах, элбэх кэпсээннээх Хатырык нэһилиэгин ыччатын лидерэ Ариан Афанасьевич Татаринов ситиһиилэрин билиһиннэрдэ.

2016 сылтан саҕалаан түмсүүлэрэ күн бүгүнүгэр диэри үлэлии – хамсыы олороллор эбит, туспа юридическэй тэрилтэ эбиттэр. Инникитин даҕаны маннык көрсүһүүлэри тэрийэргэ диэн былааннаатылар, биһиги ыччаттарбытын аны күһүн сэтинньи ыйга ыытыллар конференцияҕа кыттарга ыҥырдылар уонна световой куорат диэн карталарын уотун Харбалаах ыччатын лидера Мичил Кривошапкинныын уматтылар.

Кэпсэтии кэннэ И. Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын научнай үлэһитэ Евдокия Павловна Семенова экскурсия түмүгүнэн интеллектуальнай оонньуу ыытта, икки буккаас хамаандаҕа арахсан бэрт көхтөөхтүк, астына – дуоһуйа күрэхтэстилэр, күрэхтэһии түмүгүнэн Бараховтар хамаандалара кыайыыны ситистэ👏🏻👏🏻👏🏻

Бу кэннэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ астаабыт минньигэс астарын кулууп дьиэҕэ мааны остуол тардан ыалдьыттары кулууп, музей, дьаһалта кыргыттара аһаттылар. Күнүс 15 чаастан кулуупка нэһилиэк дьоно “лыык” курдук мустан, Махсыым ыччаттарын эҕэрдэ кэнсиэртэрин дуоһуйа көрдүлэр.

Салҕыы Үөһээ Бүлүүнэн Исидор Барахов, Максим Аммосов соратниктара Степан Васильев төрөөбүт сиригэр Нюрба Маалыкайыгар айаннаатылар. Сэргэх көрсүһүү ити курдук түмүктэннэ, көрсүөххэ диэри диэн далбаатаһа хааллыбыт Харбалаахтар.

Харбалаахтан Людмила Васильевна Гурьева.

Муус устар 26 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр Исиидэр Бараахап аатынан судаарыстыбаннас түмэлин тэлгэһэтигэр бөдөҥ общественнай, политическай диэйэтэл Исиидэр Бараахап сырдык аатыгар сүгүрүйэн, өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут салалтата, Харбалаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ чулуу киһибит мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. 

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дарханын дьаһалтатын уонна правительствотын дьыалаларын салайааччыта Георгий Николаевич Михайлов, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ уонна общественнай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Васильевна Габышева, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Семенович Поскачин уонна Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов Исидор Барахов саха норуотун саргытын салайсыбыт  үтүөтүн, саха тылын уонна экономикатын сайдыытыгар киллэрсибит  сүдү кылаатын махталлаахтык ахтан-санаан аастылар. 

Салгыы мустубут дьон Харбалаах сынньалаҥ киинигэр Исиидэр Бараахап аатынан судаарыстыбаннас түмэлин үлэһиттэрэ бэлэмнээбит “Эти прекрасные люди” экспозициятын сэҥээрэ көрдүлэр. Ону тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьоҥҥо судаарыстыбаннай наҕараадалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһун икки нэһилиэгэр, Дүллүкү уонна Өргүөт нэһилиэктэрин баһылыктарыгар РФ государственнай геральдическай регистрыгар Дүллүкү уонна Өргүөт нэһилиэктэрин гербэлэрэ уонна былаахтара бигэргэнэн киирбиттэрин туһунан туоһу суруктары туттарбыттара эмиэ үөрүүлээх, улахан историческай суолталаах түгэн буолла. 

Улуу киһибит Исиидэр Бараахап саха норуота сайдарын туһугар үгүс сыратын, олоҕун толук ууран туран үлэлээбит үтүөтүн билиҥҥи сайдыылаах олоххо олорон, махталлаахтык саныыр, сырдык аатын үйэттэн үйэҕэ  ааттыыр ытык иэстээхпит.

Кардашевская Розалия Николаевна, Нарбыкова-Николаева Алла Петровна САССР 100 сыллаах үбүлүөйүнэн 1 м. уһуннаах 50 см. кэтиттээх торт оҥорон үөрүүлээх күн бар дьону миннигэс тордунан күндүлээтилэр.

Муус устар 26 күнүгэр, 15 үбүлүөйдээх олоҥхо ыһыаҕа, САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, тойуксут, олоҥхоһут, алгысчыт Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Кирилл Никонович Никифоров 80 сааһыгар оҥоһуллубут, дьону – сэргэни, норуоту сомоҕолуур күүстээх алгыстаах чороону көрүстүбүт.

Муус устар 27 күнүгэр, Муус устар 27 күнэ – саха норуотугар саамай үөрүүлээх уонна күндү күн. Бу күн, 100 сыл анараа өттүгэр, саха чулуу ыччаттара Исиидэр Бараахап, Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков уонна да атын кинилэр биир өйдөөх санаалаах үөлээннээхтэрэ Саха Автономиятын төрүттээбиттэрэ, саха норуотун саргытын түстээбиттэрэ.

Онон, бу улуу дьоммут албан ааттарыгар сүгүрүйэн, бүгүн өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. 

Харбалаах нэһилиэгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтээн,  улуу киһибит Исиидэр Бараахап мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн уурар кэрэ-бэлиэ тэрээһин ыытылынна.

Үөрүүлээх миитиҥҥэ улуус баһылыга Владимир Семёнович Поскачин Исиидэр Бараахап, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов  курдук улуу ыччаттардаах буоламмыт, күн бүгүн саха норуота атын сайдыылаах омуктар кэккэлэригэр киирэн, үүнэр-сайдар кыахтаммытыгар махтаныах тустаахпыт диэн бэлиэтээтэ. Улуу убайдарбыт курдук ыарахантан самныбат, күүстээх санаалаах, түмсүүлээх буолуохха диэн бар дьонун ыҥырда.

Харбалаах нэһилиэгиттэн Үөһээ Бүлүүгэ дылы “Үйэни уҥуордаан” диэн Сахабыт сирин былааҕын күөрэччи иилиммит 120 массыына 4 км устата параадтаан бардылар. Параады улуус баһылыгын  массыыната салайда.

Ил Дархан Айсен Николаев уонна Исидор Барахов сиэннэрэ Култуура киинин сыбаайатын түһэрдилэр. Бүгүн,  бэс ыйын 19 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар Исидор Барахов аатынан Култуура киинин бастакы сыбаайата түһэрилиннэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна И.Барахов сиэннэрэ Андрей Ярославович Барахов, Людмила Ярославовна Раевская, хос сиэнэ Ярослав Барахов кыттан, сыбаайаны үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрдилэр. Ону тэҥэ, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа салайааччыта Сергей Миронов,  Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Федот Тумусов, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, Ил Түмэн дьокутааттара, Харбалаах олохтоохторо кыттыыны ыллылар. — Саха АССР 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэбитин төрүттэспит, автономияны ылар иһин оччотооҕу уустук бэлитиичэскэй балаһыанньаҕа бэйэтин олоҕун да кэрэйбэккэ киирсибит, охсуспут, улахан эппиэтинэһи ылыммыт, саханы саха дэппит улуу киһибитигэр Исидор Никифорович Бараховка аналлаах мусуойунай-култуурунай киини тутуу саҕаламмыта улахан суолталаах. Онон бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан историческай суолталаах күн. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаатыбыт, ол эбэтэр, Исидор Бараховка эмиэ ананар. Кини бэйэтин кэмин улууканнаах уола этэ. Кини охсуһуулаах олоҕун, турууласпыт дьыалатын, киллэрбит сүҥкэн кылаатын умнуо суохтаахпыт. Исидор Барахов дойдутугар кэлэн туран, сиэннэрэ бу кэлэн турдахтарына, кини аатын үйэтитиигэ өссө биир хардыыны оҥорорбутуттан үөрэбин. Эһиил, И.Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар, бу киин тутуллан дьэндэйиэ диэн эрэннэрэбин, — диэн Айсен Николаев этиитин олохтоохтор ытыс тыаһынан уруйдуу көрүстүлэр. Салгыы Арассыыйаттан ыалдьыт быһыытынан кэлэ сылдьар улахан бэлиитик Сергей Миронов бу курдук эттэ: — Бэйэтин дьоруойдарын, судаарыстыбаннаһы төрүттэспит дьонун кэриэстиир, ытыктыыр норуот — улуу норуот. Саха норуота ону кэрэһилиирин бүгүн көрөбүт. Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир, судаарыстыбаннаһын төрүттэспит чулуу дьонун кэриэстиир, үйэтитэр. Биир оннук дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ кэлэн турарбыттан үөрэбин. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга биир сыл иһинэн  култуура-мусуой улахан киинин тутуохпут диэн эрэннэрбитигэр саарбахтаабаппын, туолуоҕа. Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр маннык түргэнник тутуу барара буоллар! Бу киин бытарҕан да тымныыга сылаас, сырдык буолуоҕа, дьоҥҥо үтүөнү, үйэлээҕи эрэ тарҕата туруо диэн эрэнэбин, — диэн эттэ.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/il-darhan-ajsen-nikolaev-uonna-isidor-barahov-siennere-kultuura-kiinin-sybaajatyn-t-erdiler/

Үөһээ Бүлүүлэр дьөһөгөй оҕотун өрө туталларын, номнуо икки төгүл аттары сэлэлии хаамтаран, бар дьоҥҥо кэрэ көстүүнү бэлэхтээн, түмэн, модун күүһү саҕан, саха буолуунан киэн туттууну иҥэрэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ туоһулаатылар.

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт өрөгөйдөөх Олоҥхо ыһыаҕын уруйдаан, бүгүн  “ОЛОҤХО МИҤЭТЭ – ЫҺЫАХ ИЛДЬИТЭ” диэн ааттаан,  Түгэхтэй алааһыттан Үөһээ Бүлүү киин уулуссаларынан 100 дьөһөгөй оҕотун (Ленин, Өктөөп уулуссаларынан) сэлэлии хаамтаран, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо илдьитин аҕалыахтара! Биһи нэһилиэктэн ….

Балаҕан ыйын 11 күнэ – быыбар күнэ. Харбалаах нэһилиэгэр быйылгы быыбарга олохтоох депутаттары таллылар.

  1. Андреева Саргылаана Николаевна
  2. Барахова Сардана Кимовна
  3. Иванова Варвара Семеновна
  4. Кардашевская Розалия Николаевна
  5. Колтовская Туйаара Трофимовна
  6. Копыленко Светлана Даниловна
  7. Кривошапкин Владислав Русланович
  8. Попова Анжелика Григорьевна
  9. Семенов Павел Павлович
  10. Туманов Евгений Анатольевич

Депутат дастабырыанньатын тутуохтара.

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр  ППМИ – 2023 (олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамма) сүбэ мунньаҕа буолла. Мунньахха бу бырагыраамма куонкуруһугар ханнык, туох проегынан кыттарбытын таллылар. Иккиһинэн частичнай мобилизация туһунан олохтоохторго баһылык Платонов К.Д. иһитиннэрдэ.

Балаҕан ыйын 27 күнэ. Харбалаахха Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах өй күрэҕэ буолла.

Өйү сытыылыыр араас оонньуулар Харбалаахха тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, Н. Якутскай үлэтин, айымньыларын үйэтитэргэ «Алмааһы көрдөөччүлэр» (ыытыллыбыта 20-тэн тахса сыл буолла), тыл күнүгэр, уһулуччулаах государственнай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл И.Н. Бараховка сыһынныах араас өй күрэхтэрэ буолаллар.

Судаарыстыбаннас күнүгэр анаан «Көтөр – өҥүнэн, киһи – өйүнэн» диэн ааттаах өй күрэҕэ 5 хамаанда кытынна: Н.Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлар, эдэр ыччаттар, аҕам саастаахтар, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ.

Тэрийээччилэринэн Харбалаах сынньалаҥ киинэ, модельнай библиотека, И.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейа буоллулар. Биэс хамаанда Саха сирин устуоруйатын, саха тылын, култууратын, Аптаныамыйа төрүттээччилэрин туһунан ыйытыыларга билиилэрин тургуттулар.

Оонньууга видео-ыйытыылары Намтан (Кириллин А.В., М.К.Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас устуоруйатын музейын сэбиэдиссэйэ), Тааттаттан (Барахова М.Е., Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ), Бүлүүттэн (Платонова Ф.К., Бүлүүтээҕи профес.-педагогическай колледж, библиограф), Ем.Ярославскай аатынан музейтан (Окоемов С.Ю., музей үлэһитэ) ыыттылар.

Оонньуу күөх экраҥҥа көстөр “Туох? Ханна? Хаһан?” нуорматынан ыытылынна. Хамаандалар остуол тула олорон алталыы ыйытыыларга мүнүүтэ иһигэр толкуйдаан баран хоруйдаатылар. Араас хабааннаах ыйытыы киирэн кыттааччылары ууга-уокка түһэртээтэ. Ол да буоллар кинилэр олус бэркэ эппиэттээн, балаһыанньаттан  таҕыстылар. 

Оҕолорбут кэнчээри ыччаттарбыт, иҥнэн-толлон турбакка, улахан дьону кытта тэҥҥэ олороллоруттан биһиги, тэрийээччилэр, олус үөрдүбүт.

Өйү сытыылыыр оонньуубутугар кэлэн кыттыбыт, хамаанданы туруорбут дьоммут олус астынан, дуоһуйан , билиилэригэр эбии билии эбинэн бардылар. Уустук ыйытыылары аныгы сырыыга өссө киллэрэн биэрэргэ этии киллэрдилэр. Кыттааччылар аны сэтинньи-ахсынньы ыйдарга ыытылларыгар, “матч-реванш” буоларыгар бэйэлэрин санааларын этиннилэр.

Семенова Евдокия Павловна,

И.Барахов музей үлэһитэ.

Алтынньы ый 10 күнүгэр быстах хомуурга биһи нэһилиэктэн Николаев Иннокентий Николаевич уонна Андреев Айаал Степанович пэбиэскэ тутан Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүү туруннулар. Эрдэ баҕатынан Павлов Ариан, нэһилиэккэ күтүөт уол барбыта. Уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр нэһилиэк дьоно атаарда. Нэһилиэнньэ уолаттарга таҥас – сап ылыналларыгар көмө хаччы хомуйан биирдии бэйэлэригэр ыыттылар.

Кэлин армияҕа сулууспалыы сылдьан контракт баттаан Андросов Петя Аҕа дойдутун көмүскүү барбыта, эчэйии ылан госпитальга киирбитэ. Кыпчыков Севастьян Николаевич эмиэ Аҕа дойдутун көмүскүү сылдьар.

Ахсынньы ый 13 күнүгэр, киэһэ 5 чааска Харбалаах сынньалаҥ киинигэр  Үөһээ Бүлүү улууһун  дьаһалтатын 2022 сыллааҕы үлэтин отчуота буолла.

 Отчуокка кыттыыны ылыллар.

  1. Тойтонова Люция Спиридоновна-улуус Баһылыгын социальнай боппуруоска солб.
  2. Павлов Алексей Семенович-улууска тутуу управлениетын гл. спец.
  3. Герасимова Васса Васильевна -тыа хаһаайыстыбатын департаменын гл. зоотехнига;
  4. Семенова Анна Егоровна- Үөһээ-Бүлүү улууһун социальнай управление гл спец. (кэлбэтэх)

Нэһилиэкпит олохтоохторо, мунньахха кэлэн боппуруостарын, этиниилэрин этинэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кэлэр 2023 сыл Харбалаах нэһилиэгэ үбүлүөйдээх дааталартан саҕаланна. Култуура киинигэр кыһыҥҥы сахалыы таҥас бэлэхтэнэрин олохтоохтор үөрэ иһиттибит. Биир дойдулаахпын, судаарыстыбаннас диэйэтэл И.Н. Барахов 125 сааһын көрсө нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан тэрииһиннэр буолаары туралларын иһитиннэрдилэр.

Оскуола тутуутун, алын кылаас оскуолата тэллэйинэн сууланан турарын лириэктэр Руфов В.А. этинэн туруоруста.

Музей салайааччыта Копыленко С.Д. Бараахап пааматынньыгар саҥардыллар үлэ наадатын эттэ.

Нэһилиэккэ УСХ специалиһа оттооһун 98% оттоммутун туһунан отчуоттаан, улахан ыараххаттары таһаарбыта билиннэ. Сайын ардах бөҕө түһэн дьон охсубут, оттообут ото ууга барбытын туһунан олохтоох дьаһалтаҕа биллэрэн туралларын, специалист наадалааҕынан аахпатаҕын түмүгэ. Ыт, свалка, сибээс боппуоруостара турдулар. Үөһээ Бүлүү оройуон иһигэр ууруна суоҕа кыһалҕалааҕын этилиннэ.