2026 сыл
Тохсунньу 3 күнэ Ил Дархан Айсен Сергеевич кэргэнэ Людмила Валерьевна Николаева Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр ыалдьыттаата. Кинини кытта Айсен Сергеевич бииргэ төрөөбүт балта Аяна Сергеевна Николаева, Арыйаана Романовна Михайлова, Роза Семеновна Егорова. Тохсунньу 12 күнэ. И.Н.Бараахап аатынан культура киинигэр Үөһээ Бүлүү улууҺун дьаһалтатын 2025 сыллааҕы улэтин отчуота буолла. Мунньахха кыттыыны ылаллар: Мунньахха […]
ТАҤХА

Кырдьаҕастар “таҥха” күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстииллэр. Былыр этэллэр этэ, “сүллүүкүттэр” диэн уу абааһылара тохсунньу ыйга орто дойдуга тахсаллар. Маҥнай “балаҕан хайааччылар” диэн, ол кэнниттэн тохсунньу 13 күнүгэр оҕолоро-уруулара, дьахталлара, эр дьонноро, кырдьаҕастара тахсаллар. Оттон сүллүүкүттэр төттөрү ойбонноругар тохсунньу ый 19 күнүгэр киирэллэр. Кинилэр ойбонунан тахсаллара дуу, биитэр күөл мууһун хайа анньан дуу, биитэр курдат […]
Уот кыһыл Ат сыла.

Сыл уратыта: ыраас күүс-уох эйгэтэ Уот кыһыл Ат сылын дьиҥ ис күүһүн өйдүүр туһугар, икки элэмиэни холбуохха наада: харамайы уонна уоту. Ат илиҥҥи астрологияҕа – көҥүл, түргэн, сылайбат-элэйбэт буолуу, саҥаны-сонуну көрдөөһүн уонна дьулуур бэлиэтэ. Кини дьону-сэргэни кытта алтыһарын, болҕомто киинигэр буоларын сөбүлүүр уонна хааччаҕы тулуйбат. Уот күүһэ – иэйии, сырдык, баһылааһын-көһүтүү, дьулуур күүһэ. Уот кыымынан сылдьыбат, […]
“Гордость на века”

9 декабря ежегодно в России отмечают День Героев Отечества. В этот день чествуют Героев Советского Союза, Героев Российской Федерации, кавалеров ордена Святого Георгия и ордена Славы.
Харбалаахтар 2 миэстэ

2025 сылга нэһилиэктэр комплекснай Спартакиадаларыгар 20 көрүҥ түмүгүнэн, орто нэһилэктэр ортолоругар Харбалаах нэһилиэгэ 2 миэстэ буолла уонна 250000 тыһыынча сертификатынан наҕараадаланна. “Бу 🏆 нэһилиэгим көхтөөх спортсмен дьонум бары ситиһиилэрэ буолар, сылы быһа араас спорт 20 көрүн киирсии түмүгүнэн.👍🏼 Кыттыбыт, күүс-көмө буолбут дьоммор махтал бастына 🙌🏼 Харбалаах спортка үчүгэй көрдөрүүтэ, көхтөөх, түмсүүлээх, спорду өрө тутар нэһилиэк […]
Андреевтар
Түөкэй Киргиэлэй сыдьааннара
Ини-бии Будищевтар

Будищев Петр II Спиридонович (1915-1944 с.с.) Мутук Испирдиэн уола Бүөтүр-II 1915 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха маҥнайгы ыҥырыкка Ийэ дойдутун көмүскүү Бүлүү военкоматыттан барбыт. Сэриигэ барыаҕыттан арҕаа фроҥҥа хорсуннук сэриилэспит. 1944 сыллаахха өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбит. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт. Оҕото, ойоҕо суох. Будищев Семен Спиридонович (1922-1943 с.с.) Мутук Испирдиэн уола Кылаахы Сэмэн 1922 […]
Аптаах күн

Ахсынньы 3 күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы инбэлииттэр күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күн доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уопсастыба олоҕор кыттыһалларыгар көмөлөһөр, кинилэр бырааптарын көмүскүүр сыаллаах олохтоммута. Инбэлииттэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1992 сыллаахха ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята ылыммыта. Бу күн 184 дойдуга бэлиэтэнэр. 2012 сыллаахха Арассыыйаҕа ратификационнай сурукка илии баттаммыта, ол эбэтэр, аан дойдутааҕы таһымҥа […]
Хаар бырааһынньыга

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үгэс буолбут “Хаар бырааһынньыга” алтыс төгүлүн буолла. Бу бырааһынньык Руслан, Александр Кривошапкиннарга аналлаах. Сыллата кинилэр хоһооннорун ааҕыы буолара. Биир сыл Александр Кривошапкин “Хаар” диэн хоһоонугар ырыаҕа клип сүрэхтэммитэ. Былырыын, 2024 сылга улуустааҕы кэтэхтэн хоһоон айыытын күрэҕэ буолта. Манна Кривошапкиннар дьиэ кэргэттэр сыаналаах бэлэхтэри туттарбыттара. Быйыл күрэххэ киирбит хоһооннору түмэн “Руслан, Александр Кривошапкиннарга […]