“Сахалыы дьыктаан”

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар “Сахалыы дьыктаан” ытыылынна. Дьыктааны 11 киһи суруйда. Дьыктааны аахта СӨ култууратын туйгуна, И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейын сүрүн специалиһа Семенова Евдокия Павловна аахта. “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” аат иҥэрилиннэ 5 суруйааччыга. Кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал!

Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт күнэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота

Олунньу 12 күнүгэр, уһулуччулаах политическай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө Харбалаах нэһилиэгэр үлэлээтэ. Мунньах иннигэр дэлэгээссийэ чилиэттэрэ Улуу киһи Исидор Барахов пааматынньыгар сүгүрүү бэлиэтин – тыыннаах сибэккилэри ууран ытыктыылларын, сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр. Сибэкки дьөрбөтүн ууруу дьоро түгэнигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Анатольевич Борисов, СӨ экономикаҕа миниистирэ Петр Иванович Попов […]

«Үрдүк Дабаан»

Бырайыак ааптара И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейын сүрүн специалиһа Семенова Евдокия Павловна. Бырайыак 2013 сылтан ыытыллар. Бүлүү умнаһын эдэр учууталларга аналлаах күрэх сылын аайы сайдан иһэр. Быйылгы “Үрдүк Дабаан” Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэҕирии сылыгар ананна. Барыта 20 эдэр учуутал кытынна. 1. Маргарита Абдалова, учитель технологии Сунтарской средней общеобразовательной школы-интерната им. Б.Г. Игнатьева (Сунтарский […]

Владимир Петрович Васильевский 

Владимир Петрович Васильевскай — Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын төрүттээччитэ уонна бастакы дириэктэрэ. Владимир Петрович Васильевскай Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын төрүттээһиҥҥэ уонна бастакы сылларыгар салайыыга сүүнэ оруоллаах: В. П. Васильевскай 1914 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын тэрийэригэр үөрэх бырагырааматын Арассыыйа империятын стандарттарыгар олоҕуран, ол эрээри Саха сирин уратытын учуоттаан оҥорбута.  Семинарияҕа үөрэх сүрүн хайысхалара манныктар этилэр: Семинария арыллыытын туһунан СӨ […]

Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин дьаралыга уонна былааҕа

Үөһээ Бүлүү улууһа  олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ. Билиҥҥитэ 21 муниципальнай тэриллии баар: Балаҕаннаах, Боотулуу, Кырыкый, Быракаан, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, Далыр, Үөдүгэй, Кэнтик, Маҥаас, Мэйик, Нам, Оҥхой, Өргүөт, Ороһу, Сургулуук, Тамалакаан, Туобуйа, Харбалаах, Хомустаах уонна Хоро нэһилиэктэрэ. 1917 с. диэри Үөһээ Бүлүү улууһа Бүлүү уокуругар киирэрэ, 24 нэһилиэктээх этэ: 1-кы Чочу, 2-с Чочу, Харбалаах, Кэнтик, Халбаакы, […]

«Салтыков-Щедрин – писатель мудрых сказок»

27 января 2026 года, в знаменательный день 200-летия со дня рождения великого русского писателя-сатирика М.Е. Салтыкова-Щедрина, для дошкольников МБОУ “Харбалахская СОШ им. Н.Г. Золотарева” было организовано увлекательное литературное мероприятие. Основная цель встречи заключалась в знакомстве юных читателей с творчеством выдающегося писателя и его поучительными сказками, которые не теряют своей актуальности и по сей день. В ходе мероприятия дети: Такой формат помог малышам в доступной игровой форме прикоснуться к классической литературе и извлечь первые уроки мудрости из произведений Щедрина.

“Сказочник справедливости – Салтыков-Щедрин”

К 200-летию со дня рождения Михаила Евграфовича Салтыкова-Щедрина, которое отмечается в 2026 году, предлагаем вам проверить, насколько хорошо вы знакомы с миром самого острого сатирика русской литературы. Приглашаем вас принять участие в тестировании и открыть для себя новые грани творчества великого сатирика. Пусть это станет вашим личным вкладом в празднование 200-летия со дня рождения М.Е. Салтыкова-Щедрина! Желаем успешного прохождения теста и новых открытий в мире классической русской литературы! Тест по Салтыкову-Щедрину “Сказочник справедливости – Салтыков-Щедрин” ⬇️⬇️⬇️ https://2v2w7c1f.forms.app/test-po-saltykovu-shedrinu-skazochnik-spravedlivosti-saltykov-shedrin

“Умнуллубат аат: Барахов Исидор Никифорович”

“Умнуллубат аат” диэн сиэрийэ иҺинэн аан бастакынан тахсыбыт “Барахов Исидор Никифорович” Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биҺирэмэ Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Харбалаах нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр ыытылынна. Кинигэни Үөһээ Бүлүү улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин уонна устуоруктарын түмсүүлэрин салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киэн туттар киһибит Иван Иванович Шамаев санаа ымыыта гынан таһаарарга этии киллэрбиттэрэ. Кинигэ икки сыл […]