Харбалаахтар 2 миэстэ

2025 сылга нэһилиэктэр комплекснай  Спартакиадаларыгар 20 көрүҥ түмүгүнэн, орто нэһилэктэр ортолоругар Харбалаах нэһилиэгэ 2 миэстэ буолла уонна 250000 тыһыынча сертификатынан наҕараадаланна.

“Бу 🏆 нэһилиэгим көхтөөх спортсмен дьонум бары ситиһиилэрэ буолар, сылы быһа араас спорт 20 көрүн киирсии түмүгүнэн.👍🏼 Кыттыбыт, күүс-көмө буолбут дьоммор махтал бастына 🙌🏼 Харбалаах спортка үчүгэй көрдөрүүтэ, көхтөөх, түмсүүлээх, спорду өрө тутар нэһилиэк буоларын бу сылга хат дакаастаата. Маны тэҥэ биһиги дьоммут Үөһээ Бүлүүбүт улууһун чиэһин араас күрэхтэргэ, көрүҥнэргэ көмүскээтилэр.👍🏼 Ол курдук Манчаары оонньууларыгар,Республикаҕа, Федерация кубоктарыгар🏆 Гиирэҕэ, Хапсаҕайга, Мас тардыһыытыгар, Хабылык-хаамыска көрүҥнэригэр ситиһиилээхтик кыттан улууспут кыайарыгар элбэх очколары аҕаллылар. Ону таһынан оскуолабыт оҕолоро комплекснай уонна араас аһаҕас турнирдарга элбэх ситииһиилэрдээхтэр.👍🏼 Харбалаах бары бииргэ, биһиги күүспүт түмсүүгэ!✊“

Баһылык Платонов Константин Данилович

Хаартыскаҕа Харбалаах нэһилиэгин спортсменнара