Уот кыһыл Ат сыла.

Сыл уратыта: ыраас күүс-уох эйгэтэ Уот кыһыл Ат сылын дьиҥ ис күүһүн өйдүүр туһугар, икки элэмиэни холбуохха наада: харамайы уонна уоту.

Ат илиҥҥи астрологияҕа – көҥүл, түргэн, сылайбат-элэйбэт буолуу, саҥаны-сонуну көрдөөһүн уонна дьулуур бэлиэтэ. Кини дьону-сэргэни кытта алтыһарын, болҕомто киинигэр буоларын сөбүлүүр уонна хааччаҕы тулуйбат.

Уот күүһэ  – иэйии, сырдык, баһылааһын-көһүтүү, дьулуур күүһэ. Уот кыымынан сылдьыбат, эбэтэр чаҕылыччы умайар, эбэтэр уостар. Бу икки күүс холбоһон, икки бүк күүстээх сылы үөскэтэллэр. Ол аата, 2026 сыл көннөрү көхтөөх эрэ буолбакка, чахчы  уот чаҕылыччы буолуоҕа. Бу кэмҥэ түгэннэр харах да сөп буолбатын курдук түргэнник солбуйсуохтара, оттон намыын, уу-чуумпу олох кэнники күөҥҥэ тахсыа.

2026 сылга кимиэхэ табыллыай?

Уот кыһыл Ат сылын күүһэ барыларыгар тэҥник тиксиэ суоҕа. Сорох бэлиэлэргэ кини көмө күүс буоллаҕына, атыттарга – күүстээх силлиэ-буурҕа тэҥинэн буолуон сөп.

Сыл сүрүн дьоллоохторо:

Баабыр. Баабыр уонна Ат – биир үс бэлиэҕэ киирсэллэр. Ат күүһэ-уоҕа Баабыр дьулуурун уонна быһаарыныытын өссө күүһүрдүө. Киниэхэ бу – карьераҕа үрдүк ситиһии, бырайыактар табыллыыларын уонна аптарытыат үрдээһинин сыла. Баабыр тугу барытын толкуйдаабыта чэпчэкитик, түргэнник олоххо киириэ.

Ыт. Ат өссө биир доҕоро, өйөбүлэ. Ыт чиэһинэйэ, бэриниилээҕэ уонна үлэһитэ бу сыл күүһүн кытта дьүөрэлэһиэ. Ыты саҥа, итэҕэллээх партнердар, уопсастыбаҕа балаһыанньата бөҕөргүүрэ уонна хамаанданан үлэни ирдиир дьыалаларга ситиһии күүтэр.

Хой. Хой – Ат «кистэлэҥ доҕоро» буолар. Кинилэр майгылара атын-атын курдугун иһин, холбоһуктара олус табыгастаах. Бу сыл айар-тутар кынаттаныыны, эргэ кыһалҕалар быһаарыллыыларын уонна сабыдыаллаах дьонтон күүтүллүбэтэх өйөбүлү аҕалыа. Сөбүлүүр дьарыгы дохуоттаах үлэҕэ кубулутар кэм.

Кимиэхэ сэрэхтээх буолуу ирдэнэрий?

Кутуйах. Кутуйах – Ат астрологическай утарылаһааччыта. Киниэхэ 2026 сыл «харгыс» кэмэ буолуо. Сыл күүһэ Кутуйах былааннарын, баҕа санааларын утары барыа. Айдан-иирсээн, дьыалаҕа мэһэйдэр уонна үп-харчы өттүнэн ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Кутуйахха сүрүн сүбэ – саҥа дьыаланы саҕалаама, кутталтан туттун, барытын ырыҥалаан, сэрэнэн оҥор.

Ат. Дьиктитэ баар, Ат бэйэтин сыла (кытайдыы «Бэнь Мин Нянь» диэн ааттанар кэмэ) биир саамай уустук кэминэн ааҕыллар. Кини болҕомто киинигэр сылдьыа, ол эрээри ити болҕомтону эрэ буолбакка, элбэх тургутууну, ыарахаттары аҕалыа. Аттар бэйэлэрин уоттарыгар «умайан хаалбат» гына олус сэрэхтээх буолуохтаахтар.

Оҕус. Бытаан уонна олохтоох Оҕус Уот кыһыл Ат сылын ыксал-тиэтэл тэтимигэр атыҥырыы, табыгаһа суох буолууну билиэ. Киниэхэ түргэн уларыйыыларга үөрэнэрэ уустук буолуо, ол истириэскэ, хомолтолоох алҕастарга тиэрдиэн сөп.

Бары бэлиэлэргэ сүбэ

Уот кыһыл Ат сыла – олорон эрэ кэтэһэр кэм буолбатах. Табыллыыны тутар туһугар хамсаныахха, үлэлиэххэ наада. Өрө күүрээннээх күүһү туһалаахха туһаайыҥ: успуорка, айар үлэҕэ, үөрэххэ, айаҥҥа-сырыыга. Уларыйыыларга бэлэм буолуҥ, саҥаҕа аһаҕас буолуҥ, ол эрээри мындыр буолуугутун сүтэримэҥ. Бу уоттаах ат үрдүгэр олорсон, салайан иһэр киһи үрдүктэри ситиһиэ.

Уот кыһыл Ат сылыгар дьоммутугар тугу бэлэхтиибит?

Саҥа дьыллааҕы бэлэх — көннөрү мал эрэ буолбатах, бастатан туран болҕомто, сылаас сыһыан уонна таптал бэлиэтэ. Ол иһин бэлэх таларга дууһалыын сыһыаннаһыахха, киһи интэриэһин, баҕатын учуоттуохха наада.

Төрөппүттэргэ – сылааһы уонна болҕомтону

Күндү дьоммутугар — ийэҕэ уонна аҕаҕа бэлэх таларга сүрүнэ кинилэр сынньалаҥнарын, доруобуйаларын, уйгулаах олохторун туһунан толкуйдуур тоҕоостоох.

  • Истиҥ бэлэхтэр: Тыйыс тымныылаах кыһыммытыгар ичигэс халаат, сымнаҕас cуорҕан эбэтэр сыттык, натуральнай түүттэн оҥоһуллубут былаат эбэтэр унтуу үөрүүнү эрэ аҕалыа.
  • Доруобуйаҕа туһалаах: Кырдьаҕас дьоҥҥо этин-сиинин чэбдигирдэр массажердар,  салгыны ыраастыыр тэриллэр эбэтэр санаторийга путевка бастыҥ бэлэҕинэн буолуо.
  • Өйдөбүнньүк бэлэхтэр: Дьиэ кэргэн хаартыскаларыттан хомуллубут кэрэ ойуулаах фотоальбом, эбэтэр хаартыскалары уларыта тутан көрдөрөр цифровой фоторамка күндү өйдөбүнньүгү хаалларыа.

Оҕолорго – үөрүүнү уонна сайдыыны

Оҕолор Саҥа дьылы өссө күүскэ күүтэллэр. Кинилэргэ бэлэх талар — улахан эппиэтинэс.

  • Кырачааннарга (1-5 саастаахтарга): Сайдан иһэр оҕоҕо толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар  оонньуурдар (конструктордар, мозаикалар), сахалыы остуоруйалардаах, хоһооннордоох кинигэлэр олус туһалаах буолуохтара.
  • Оскуола саастаах оҕолорго: Билигин оҕолор көмпүүтэр технологиятын сэҥээрэллэр. Смарт-чаһы, үчүгэй хаачыстыбалаах наушник, эбэтэр дьиэ кэргэнинэн оонньуур остуол оонньуулара үөрүүнү аҕалыахтара. Уот кыһыл Ат сылыгар сөп түбэһиннэрэн, көхтөөх сынньалаҥҥа уонна успуордунан дьарыктанарга анаан хаҥкы эбэтэр хайыһар бэлэхтиэххэ сөп.
  • Улахан оҕолорго: Устудьуоннарга уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар кинилэр интэриэстэринэн сирдэтиэххэ наада: кинигэ, киинэҕэ билиэт, араас куурустарга (холобур, омук тыла) сэртипикээт эбэтэр сөбүлүүр бөлөҕүн кэнсиэригэр билиэт.

Доҕотторго уонна биир идэлээхтэргэ – ытыктабыл бэлиэтэ

Үлэлэһэр дьоҥҥутугар уонна доҕотторгутугар бэлэх сэмэй, ол эрээри сонун буолуон сөп.

  • Туһалаах сувенирдар: Кэрэ быһыылаах уруучука, былаанныыр блокнот, үлэ остуолун киэргэтэр кыра статуэтка (сыл бэлиэтэ — ат ойуулаах буолуон сөп).
  • Минньигэс бэлэхтэр: Үчүгэй хаачыстыбалаах сакалаат, кофе эбэтэр чэй набора, сахалыы үүнээйиттэн оҥоһуллубут барыанньа эбэтэр мүөт.
  • Бэлэх сэртипикээтэ: Ханнык эрэ маҕаһыыҥҥа, успуорт саалатыгар эбэтэр косметика салонугар сэртипикээт бэлэхтээн, киһи бэйэтэ баҕарбытын таларыгар кыах биэриэххитин сөп.

Сахалыы тыыннаах бэлэхтэр – ураты суолталаах

Кэнники кэмҥэ олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардара улаханнык сыаналанар буолла. Сахалыы тыыннаах бэлэхтэр кими баҕарар үөрдүөхтэрэ.

  • Сахалыы киэргэллэр: Үрүҥ көмүстэн эбэтэр алтантан оҥоһуллубут бастыҥа, илин кэбиһэр,  харысхаллар — бу үйэлээх, кэрэ өйдөбүнньүк.
  • Сиэлтэн оҥоһуктар: Уот кыһыл Ат сылыгар сылгы сиэлиттэн өрүллүбүт дэйбиир, сэлээппэ, суумка, кыбытыылаах хаппар эбэтэр араас киэргэллэр ордук суолталаах бэлэх буолуохтара.
  • Саха быһаҕа: Эр киһиэхэ анаан саха норуотун киэн туттуута — саха быһаҕа бастыҥ бэлэх.
  • Саха аһа-үөлэ: Күндү дьоҥҥутун доруобуйаҕа туһалаах саха аһынан үөрдүөххэ сөп: сылгы этэ, балык арааһа, куобах, кус.

Түмүктээн эттэххэ, бэлэх сүрүнэ — сыаната буолбатах, киниэхэ иҥэриллибит болҕомто, дууһаттан тахсар истиҥ сыһыан. Кэлэн иһэр 2026 сылынан! Дьоллоох буолуҥ!