Хаар бырааһынньыга

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үгэс буолбут “Хаар бырааһынньыга” алтыс төгүлүн буолла. Бу бырааһынньык Руслан, Александр Кривошапкиннарга аналлаах. Сыллата кинилэр хоһооннорун ааҕыы буолара. Биир сыл Александр Кривошапкин “Хаар” диэн хоһоонугар ырыаҕа клип сүрэхтэммитэ. Былырыын, 2024 сылга улуустааҕы кэтэхтэн хоһоон айыытын күрэҕэ буолта. Манна Кривошапкиннар дьиэ кэргэттэр сыаналаах бэлэхтэри туттарбыттара. Быйыл күрэххэ киирбит хоһооннору түмэн “Руслан, Александр Кривошапкиннарга аналлаах хоһоон аһаҕас күрэҕин кыттыылаахтарын ХОҺООННОРУН ХОМУУРУННЬУГА” диэн электроннай кинигэ сүрэхтэннэ. Александр уонна Руслан Кривошапкиннар ааттарын үйэтитээри, бу бырайыак ааптардарынан И.Н. Барахов аатынан түмэл специалиһа Евдокия Павловна Семенова уонна Харбалаах нэһилиэгин кулуубун художественнай руководителя Людмила Николаевна Гаврильева

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн, нэһилиэкпит харыйатын уотун Тымныы оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын кэлэн оҕолор үөрбүт-көппүт хаһыыларынан доҕуһуоллатан сандаарыччы уматтыбыт. Саҥа дьыл кэлиитин оҕо-аймах үөрэ көрүстэ.

Аптаах, кэтэһиилээх Саҥа Дьылбытын көрсөргө оҕолорбут санаалара өрө көтөҕүллэн, бэлэм буоллулар.