Ахсынньы 3 күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы инбэлииттэр күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күн доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уопсастыба олоҕор кыттыһалларыгар көмөлөһөр, кинилэр бырааптарын көмүскүүр сыаллаах олохтоммута.
Инбэлииттэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1992 сыллаахха ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята ылыммыта.
Бу күн 184 дойдуга бэлиэтэнэр. 2012 сыллаахха Арассыыйаҕа ратификационнай сурукка илии баттаммыта, ол эбэтэр, аан дойдутааҕы таһымҥа инбэлииттэр бырааптарын көмүскүүргэ, араас миэрэни ылынарга, о.д.а. быһаарыы ылыныллыбыта. Хаһыс да сылын «Доступная среда» федеральнай бырагыраама үлэлиир.
Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката сылын аайы бу күнү инбэлиит оҕолорго анаан араас тэриһиннэри ыытар. Ол курдук бүгүн “Аптаах күн” диэн ааттаан гиипсэнэн харыйа оонньуурун араас, дьэрэкээн өҥүнэн кырааскалаатыбыт. Айыллаан астынан аҕай барда, дьиэтигэр номнуо харыйаларын туруорбуттар, бэйэтэ уруһуйдаабыт оонньуурун харыйатыгар ууруох буолла. Айыллаан улааттаҕына уруһуйдьут буолар баҕалаах эбит. Оҕобут талаана арыллан, айар дьоҕура күүһүрдүн.
