МУҤХА – 2023
Харбалаах нэһилиэгэр бүгүн муҥха!
“Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах” Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биһирэмэ.
Бүгүн Харбалаахпыт нэһилиэгин уструоруйатын биир лииһин арыйар бэрт интэриэний, ааҕааччыны угуйар кинигэ биһирэмэ ыытылынна. “Харбалаах нэһилиэгэ, алаас ааттаах, дойду сурахтаах” диэн кинигэ ааптара СӨ култууратын туйгунун, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа бочуоттаах үлэһитэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, И.Н. Барахов – аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ, биэс кинигэ ааптара Светлана Даниловна Копыленко Кинигэ “Дани-Алмас” […]
Харбалаах нэһилиэгин символлара
Алтынньы 31 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэ тэриллибитэ 115 сылыгар аналлаах нэһилиэкпит символларын билиһиннэрэр тэрээһин буолла.
«Толерантность, равноправие, интеграция»
Харбалаах нэһилиэгэ 115 сыла
Ханнык күҥҥэ, дьылга Үөһээ Бүлүү улууһун уонна I Чочу нэһилиэгин 8 аҕа уустара сөбүлэһэн Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар илии баттаабыттарай? (1907 сыл сэтинньи 4 күнүгэр) Ханнык күҥҥэ, дьылга Ходатайствоны Саха Уобалаһын генерал-губернатора Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар бигэргэппитэй? (1908 сыл балаҕан ыйын 13 күнэ) 1919 сыллаахха Харбалаахха туох аһыллыбытай? (оскуола) 1936 сыллаахха муус устар ыйга аан […]
САСПЫТ СААҺЫМ
“САСПЫТ СААҺЫМ” Трушкова Галина Александровна-Калисфена Күн сирин көрбүппүнэн Күөх окко түспүппүнэн Бараахап дойдутугар Дьаарбайбыт хонуутугар Харбалаахха үүммүтүм Көрүлүү көччүйбүтүм. Кэнэли күөл сыырыгар Кэккэ сүүрэр ыллыгар Лыахтыын тэҥҥэ сырсыһан Дьиэрэҥкэйдии кылыйсан Оонньуу түһээт бэрт начаас Элэс гыммыт оҕо саас. Биитэр ааспат ахтылҕан, Тыалы кытта кыттыһан, Билигин да күннүктээн Үөрэ-көтө мэниктээн Оройунан көрөр дуу, Чачыгырыы күлэр дуу? […]
ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨР
“ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨР” Дмитрий Кононов Сэтиэнэх атахпар сөрөнөр, Уйалаах сылгычыай көҥөнөр. Тиэргэҥҥэ аар хатын көҕөрөр, Суугунас сипсиэри көтөҕөр. Мин эһэм, Чамарык өтөҕөр, Кэллим дии, күүттэҕин өр да өр. Аал баһа дьэ хоҥнон, өндөйөн, Уолбунаан, хойутаан өйдөнөн. Ахтабын Тоҥуулаах эбэтин, Унаара мэндээрэр кэрэтин. Халдьаайы, бу Нуучча сирдэрин, Ампаардаах, Таай Күөлэ эҥээрин. Өйдүүбүн эһээбин эйигин Тиргэлээн эмис кус […]
ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…
“ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…” Дмитрий Кононов Сырал куйаас бүтүүтэ, Сөрүүн күлүк түһүүтэ, Чыбыыдаҕа киириэххэ, Чалым ууну кэһиэххэ… Күммүт арҕаа көһүүтэ, Салгын сиигэ көтүүтэ, Саҥа түспүт сыа хардыы, Кыычыгырыыр хас хардыы. Тунал маҥан кумахха Чыбырҕата хаамыахха, Хаарга атах сыгынньах Сылдьар курдук саныахха… Тилэххинэн хаһыйыаҥ, Ытыскынан тарыйыаҥ, Кырыымпалыы аалыллар, Дьикти дорҕоон сыыйыллар… Ыраах көстөр саҕахха, Кытыл устун барыахха. […]
“ДӨЛӨКӨЙ”
“Дөлөкөй” Дмитрий Кононов Халлааҥҥа кый үөһэ күөрэгэй, Бу күнү уруйдаан эн күөрэй, Сэргэҕэ кистээбит дьөһөгөй, Ыһыахха киэргэммит Дөлөкөй! Кымыһа, быырпаҕа бэрт дэлэй, Эмис эт, саламаат, иэдьэгэй, Аһыахха ас манна дэлэгэй, Айхаллан эн бүгүн, Дөлөкөй! Кыргыттар тэптилэр дьиэрэҥкэй, Тыллаахтар эттилэр эһиэкэй, Күүстээххэ, быһыйга өрөгөй, Өрүүтүн тупса тур, Дөлөкөй! Сэгэриэм, эн миигин итэҕэй, Бу манна ыһыахтыыр үчүгэй, […]
“ДОЙДУМ МИЭНЭ”
“Дойдум миэнэ” Дмитрий Кононов Алаастардаах сыһыылаах, Толооннордоох бырыылаах. Мэччирэҥнээх хонуулаах, Дулҕалардаах хоруулаах. Илин, Арҕаа бастардаах, Үрдүк хойуу мастардаах, Эмис Элгээн аартыктаах, Хомус, харба хаттыктаах. Тэптэгииннээх Тоҥуулаах, Хочот, Тойон Уйалаах, Чөҥөрөлөөх Кэникээн, Чымчаах уонна Элгээкээн. Кыталыктаах, Кубалаах, Былбаан, Ытыыр Баҕалаах, Харыйалаах, Арыылаах Уонна Саһыл уйалаах. Үөгүлээбит, Хохотто, Бырдьыгына, Мороохто, Улуу Сыһыы, Дөлөкөй, Чойдоох Токур, Бүөчүкэй. Бэрэлэрэ, […]