ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨР

ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨРДмитрий Кононов

Сэтиэнэх атахпар сөрөнөр,

Уйалаах сылгычыай көҥөнөр.

Тиэргэҥҥэ аар хатын көҕөрөр,

Суугунас сипсиэри көтөҕөр.

Мин эһэм, Чамарык өтөҕөр,

Кэллим дии, күүттэҕин өр да өр.

Аал баһа дьэ хоҥнон, өндөйөн,

Уолбунаан, хойутаан өйдөнөн.

Ахтабын Тоҥуулаах эбэтин,

Унаара мэндээрэр кэрэтин.

Халдьаайы, бу Нуучча сирдэрин,

Ампаардаах, Таай Күөлэ эҥээрин.

Өйдүүбүн эһээбин эйигин

Тиргэлээн эмис кус сиэтэргин,

Куйуурдаан күөнэҕи баһаргын,

Сохсолоон куобаҕы таһаргын.

Көрөргө дылыбын эбээбин

Ынах ыан, үүт кутан биэрэрин.

Көтөҕөн олорон бу миигин,

Балтыбын ырыалаах бигиирин.

Саҥата суох тура түһүөххэ,

Чуумпуран, соҥуоран сүһүөххэ.

Тоҕойуом, иһийэ сөҥүөххэ.

Сыл-хонук эбитин сөҕүөххэ.

Сиэннэрим кэлбиттэр диэн көрөн,

Махтаныа үөһэттэн өҥөйөн.

Аал уотун аһатан, чэй өрөн,

Олоруох күрүөҕэ өйөнөн.

Өбүгэм Чамарык өтөҕөр

Кур лаҥха атахпар бөрөнөр.

Арай бу аар хатыҥ көҕөрөр,

Санньыйбыт санаабын көтөҕөр…