«Харбалаахтар»
«Харбалаахтар» (ахтыы-поэма) Сэмэн Уруукап I Иллэрээ күн харбалаахтар Тустарынан кинигэ туттум, Ыллым да – ону аахтар Ааҕан бара турдум… Харбалаах – мин төрөөбүт Аан бастакы нэһилиэгим, Онон өр соҕус өрөөбүт Уоспун өһүлэр иэһим. Нэһилиэкпит иһиттэн Харбалаахха – онно эрэ Саҥа олох дибилийэн Оргуйбут күөстүү үллэрэ. Тамалакаан, Тоҥуулаах Тарҕаан сытар ыаллара, Харахтара син ыраах Харбалаахха […]
Харбалаах нэһилиэгэ 115 сыла!
Тургутугу бу сигэни баттаан толор https://www.testwizard.ru/test.php?id=160670 Эппиэттэри нэһилиэк библиотекатыгар, эбэтэр 89142681237 Рузанна Ахмедовнаҕа хаартыскалаан (скриншоттаан) ыытаргытын, алтынньы ый 12 чыыһылатыгар дылы күүтэбин:)
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ Харбалаах нэһилиэгэр
Харбалаах нэһилиэгин оҕолоро, дьоно-сэргэтэ уонна ыалдьыттар сарсыарда 11 чаастан үгэс быһыытынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу убайбыт Исиидэр Бараахап пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Ону таһынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит Улуу убайбыт, биир дойдулаахпыт И.Н. Бараахап 125 сааһыгар аналлаах улуус үрдүнэн ыытыллыбыт Эстафета күрэҕэр кытынныбыт. 1кыластан 11 кылааска диэри оскуола оҕолоро, ыччаттар, улахан дьон […]
“КРОСС НАЦИИ – 2023”
Балаҕан ыйын 22 күнүгэр, Бүтүн Россиятааҕы сүүрүү уонаа хаамыы күнүн бырааһынньыгар Харбалаах нэһилиэгэ кытынна. Харбалаах нэһилиэгэ бу бырааһынньыгы сылын аайы көхтөөхтүк кыттар. Уопсайа 70-ча киһи кыттыыны ылла. Саастарынан, кылаастарынан арахсан сүүрдүлэр, хаамтылар. Ол курдук, 1-4 кылаастарга уоллаттарга 1 миэстэ – Кузьмин Арылхан (3 кылаас), 2 миэстэ – Максимов Денис (2 кылаас), 3 миэстэ – Туманов […]
«Ийэ тыл – көмүстэх үрүйэ»
Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтэ «Ийэ тыл – көмүстэх үрүйэ» диэн тэрээһини Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр тэриллибит Ийэ тыл түмсүүлэрин түмэр сыаллаах тэрилиннэ. Тэрээһин сүрүн сыалынан: Ийэ тылы хараанныырга үлэни сүрүннээһин. Соруктарынан: саха норуотун суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Н.Якутскай 115 сааһын бэлиэтээһин; Харбалаах нэһилиэгэр тэриллибит “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былааныгар олоҕуран, нэһилиэктэр […]
«Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтүн сыллааҕы былаана
“Төлкө” Ийэ тыл түмсүү
“Ат уонна атыыр оҕус” уонна “Ыт” остуоруйа
“Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыак иһинэн Харысхал уонна Мария Уларовтар остуоруйалыылларын көрүҥ, сэргээҥ!
ҮС ИНИ-БИИЛЭР
Үс ини-биилэр бааллара үһү. Кинилэр биир балыстаахтар. Кыра уол Хаһыырар диэн ааттаах, икки улахан уол ааттара биллибэт. Бу уолаттар ханнык да сүүрэр атахтааҕы тулуппат дьон эбит. Кинилэр кыылы, тайаҕы, чубукуны атахтарынан ситэннэр, уҥаран өлөрөр идэлээх дьоннор. Бу курдук бултааннар-астааннар бэрт өр олооттор. Аан дойду иччитэ бу үс ини-биигэ анаан, кинилэр сүүрүктэрин билээри, үстээх үөҥэс тайаҕы […]