Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сылынан.
Автодесант “ZАПОБЕДУ”
Кулун тутар 28 күнүгэр, Бүлүү куоратыгар биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сааҺыгар, Кыайыы 80 сылыгар аналлаах Автодесант күрэҕэр Харбалаах нэҺилиэгин ыччата ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Үөһээ Бүлүү улууһуттан автодесаҥҥа икки хамаанда кыттыыны ылла, ол курдук, “Хотун Бүлүү” Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлин хамаандата уонна “Илин уонна арҕаа” Харбалаах нэһилиэгин ыччатын хамаандата. Автодесант тэрийээччилэринэн […]
“МУУС УСТАР – 2025” ыччат бэстибээлэ
Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Владилена Платонова, Илена Кузьмина уонна Саргылана Алексеева өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үрдүк таһымнаах “Муус устар – 2025” ыччат бэстибээлигэр улуус чиэһин көмүскүү барбыттара. Күрэх барыта 3 түһүмэҕинэн барда. Ол курдук,1 түһүмэххэ “Первые вместе!” диэн хамаандалар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.2 түһүмэххэ “Полезные советы Первых” хамаандалар маастар кылаас көрдөрдүлэр. Бу түһүмэххэ биһиги кыргыттарбыт 15 мүнүүтэ иһигэр туойтан […]
Харбалаахха Бүлүү куорат күнэ
Кулун тутар 14 күнэ, Харбалаахпытыгар Бүлүү куорат күнэ буолла. Бэлиэ күн судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Барахов мэҥэ тааһыгар сибэкки ууруутуттан саҕаланна. Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтигэр төгүрүк остуол буолла. Манна, Харбалаах дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, депутаттара, Ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин кыттыылаахтара Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтин көрүстүлэр. Төгүрүк остуолга Бүлүүттэн улуус, куорат дьаһалтарын эппиэттээх үлэһиттэрэ, куорат Сэбиэтин депутаттара, Чочу нэһилиэгин […]
Кумаахы кыыс
Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаан, бүгүн Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтигэр, Семенова Евдокия Павловна И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннас түмэлин сүрүн үлэһитэ, Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын алын кылаас кыргыттарыгар 70-с, 80-с, 90-с сылларга кыргыттар кумаахы кыыс кырыйан, уруһуйдаан оонньуулларын туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан, бэйэтэ оҕо сылдьан оонньообут кумаахы кыргыттарын көрдөрдө. Түмүккэ, кыргыттар бэйэлэрэ оҥостон […]
Ини-бии Максимовтар
Кындыл Уйбаантан силис-мутук тардар Махсыым Дарбыана- Максимов Илларион Максимович, кэргэнэ Огдооччуйа Ийэ дойду көмүскэлигэр үс көмүс сымыыттара Охонооһой, Ньукулай, Ылдьаа, бырааттара Дьөгүөр оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн улааппыт, бастакы кустарын бултаан үөрбүт, көмүс хатырыктааҕынан маанылаппыт, өлгөм үүнүүлээх ходуһатын тиритэ-хорута отттообут тапталлаах Муҥдуҥда алаастарыттан букатыннаахтык, төннүбэттии утуу-субуу барбыттара. Оҕонньордоох эмээхсин урааннаах уһун түөрт сыл кэриҥэ, саатар биирдэрэ эмит ордон […]
ХАНЫЫ КҮН – ДОРУОБУЙА КҮНЭ
Харбалаах нэһилиэгэ, И.Н. Барахов аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ сэрээккэлээтилэр (function() { VK.Widgets.Post(“vk_post_716564415_41”, 716564415, 41, ‘vd1WDo5su6S8ljhicXedGpFcx73m’); }());
2025 сыл
Тохсунньу 22 күнэ, сарсыарда 11 чаастан сынньалаҥ кииҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын 2024 сыллааҕы улэтин отчуота буолла. Мунньахха кыттыыны ыллылар: 1. Уларова Анна Михайловна 2. Николаев Николай Николаевич – Председатель УСД 3. Архипов Никита Деевич – депутат 4. Гаврильев Кирилл Васильевич – МКУ «УСХ» 5. Арбыкина Сардаана Александровна – МКУ «УО» 6. Колтовской Семен Александрович […]
Саҥа кинигэлэр
Уб. Харбалаах нэһилиэгин кинигэни таптаан ааҕааччылар, оҕолор! Сабыс-саҥа бибилэтиэкэҕэ, сабыс-саҥа кинигэлэри кэлэн көрүҥ, уларсын!
Кыайыы Знамята Харбалаахха кэллэ
Харбалаах нэһилиэгэр, Исидор Барахов аатынан култуура киинигэр, Улуу Кыайыы Знамятын өрөгөйдөөхтүк көрүстүлэр. Кытыастар кыһыл Знамяны знаменнай бөлөх улуус Баһылыга Валерий Николаевка туттарбытын кэнниттэн Валерий Валерьевич Улуу Кыайыы ытык символын салгыы Харбалаах нэһилиэгин баһылыгар Константин Платоновка туттарда. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр харах уулаах кыайыыны уһансыбыт күндү бэтэрээннэрбит сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут. Харбалаах нэһилиэгин […]