Кулун тутар 14 күнэ, Харбалаахпытыгар Бүлүү куорат күнэ буолла.



Бэлиэ күн судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Барахов мэҥэ тааһыгар сибэкки ууруутуттан саҕаланна.










Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтигэр төгүрүк остуол буолла. Манна, Харбалаах дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, депутаттара, Ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин кыттыылаахтара Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтин көрүстүлэр.
Төгүрүк остуолга Бүлүүттэн улуус, куорат дьаһалтарын эппиэттээх үлэһиттэрэ, куорат Сэбиэтин депутаттара, Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов, култуура тэрилтэлэрин салайааччылара уо.д.а. кытыннылар.
Төгүрүк остуолу киирии тылынан аспыт Исидор Бараховка аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын түмэлин дириэктэрэ Светлана Копыленко судаарыстыбаннай диэйэтэллэр Исидор Барахов, Степан Аржаков ааттарын үйэтитии санаа атастаһыы сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ.
Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов, Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов, Бүлүү куорат депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Харлампьев, Ил Түмэн депутата Федот Филиппов уо.д.а. саха автономиятын турууласпыт Степан Аржаков уонна Исидор Барахов ааттарын үйэтитиигэ дириҥ суолталаах көрсүһүү тэриллибитин, күүһү ситими сайыннарыыга уурарга бэлиэтээтилэр, бииргэ үлэлэһии кэскиллээх былааннарыгар санааларын атастастылар.





Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийдилэр. Харбалаахтар дьаарбаҥкаттан хамаҕатык атыыластылар.

Саха чулуу уолаттара Исидор Барахов уонна Степан Аржаков автономияны төрүттэһиигэ бииргэ ыыппыт суолталаах үлэлэрин, доҕордуу ситимнэрин үйэтитиигэ аналлаах Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар ыытыллыбыт Бүлүү куорат күнүн чэрчитинэн Исидор Барахов аатынан Култуура киинигэр Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов уонна Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Константин Платонов култуура, үөрэҕирии, эдэр ыччаты иитии, туризмы, спорду сайыннарыы хайысхаларыгар бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһии түһэристилэр.
Бүлүү куорат күнэ кэнсиэринэн, оһуохайынан түмүктэннэ.
Салҕыы Бүлүү куораты кытта элбэх үлэ күүтэр.
Сиһилии Харбалаах нэһилиэгин телеграмм ханаалыгар көрүҥ 😉