
Харбалаах нэһилиэгэр, Исидор Барахов аатынан култуура киинигэр, Улуу Кыайыы Знамятын өрөгөйдөөхтүк көрүстүлэр.
Кытыастар кыһыл Знамяны знаменнай бөлөх улуус Баһылыга Валерий Николаевка туттарбытын кэнниттэн Валерий Валерьевич Улуу Кыайыы ытык символын салгыы Харбалаах нэһилиэгин баһылыгар Константин Платоновка туттарда.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр харах уулаах кыайыыны уһансыбыт күндү бэтэрээннэрбит сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут.
Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Софья Евсеевна Филиппова, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ ветерана, сэрии кэмин оҕото Розалия Евсеевна Филиппова сэрии кэминээҕи ыар сыллары ис-истэриттэн долгуйан кэпсээтилэр.







