Кулун тутар 28 күнүгэр, Бүлүү куоратыгар биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сааҺыгар, Кыайыы 80 сылыгар аналлаах Автодесант күрэҕэр Харбалаах нэҺилиэгин ыччата ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан автодесаҥҥа икки хамаанда кыттыыны ылла, ол курдук, “Хотун Бүлүү” Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлин хамаандата уонна “Илин уонна арҕаа” Харбалаах нэһилиэгин ыччатын хамаандата.

Автодесант тэрийээччилэринэн П. Х. Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл, филиала – А. И. Николаев аатынан бойобуой килбиэн түмэлэ уонна Бүлүү куорат дьаһалтата буолаллар. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 10 хамаанда кытынна. 12 пууҥҥа тиийэн араас сорудахтары толордубут.
1 пуун – грамотность, каллиграфия
2 пуун – пааматынньыгы дьүһүйүү
3 пуун – мозаика, түмэл экспонатын таайыы
4 пуун – Калашников автоматыы ыһыы, хомуйуу
5 пуун – Байыаннай званиялар таайыы
6 пуун – сыал ытыы
7 пуун – хаартысканан биллиилээх дьоннору таайыы
8 пуун – мүнүүтэҕэ ааҕыы
9 пуун – дьоруойу таайыы
10 пуун – хайыһар
11 пуун – баһаарынай көстүүмү кэтии
12 пуун – граната быраҕыы






Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат “ZaПобеду” автодесаныгар Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин көмүскээн Харбалаах нэһилиэгин ыччатын “Илин уонна Арҕаа” хамаандата 10 хамаандаттан 2-с миэстэни ылары ситистибит уонна 15 000 солкуобай бирииһинэн наҕараадаланныбыт. 1 миэстэ Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгин хамаандата буолан 20 000 солкуобайынан наҕараадаланнылар уонна 3 миэстэ Сыдыбыл нэһилиэгин хамаандата буолла, 10 000 солкуобайынан наҕараадаланна.




Бу автодесант 2008 сылтан ыытыллар, ол сыл Харбалаах нэһилиэгэ кыттыыны ылбыта. Дөрүҥ-дөрүҥ хаһыс да сылбытын кыттыыны ыллыбыт.