Харбалаах нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сыла

Бүгүн тапталлаах, Харбалаахпыт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сылыгар анаан дьоһуннаах бырааһынньык буолла. Былыр билиҥҥи Харбалаах сирэ Чочу нэһилиэгин сирэ эбит. 1858 с. билиҥҥи Харбалаах сиригэр барыта 529 киһи олорбут. 1907 с. аҕыс аҕа уустара (Баһах, Доҕомдо, Хатарча, Тойук, Сылгылыыр, Дордууска, Матаҕалыыр, I –Чочу Харыйа Арыы)  Саха уобалаһын управатыгар, Харбалаах нэһилиэгэ сирэ-уота ырааҕынан, икки үрэх сайынын хаайан […]

“Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах” Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биһирэмэ.

Бүгүн Харбалаахпыт нэһилиэгин уструоруйатын биир лииһин арыйар бэрт интэриэний, ааҕааччыны угуйар кинигэ биһирэмэ ыытылынна. “Харбалаах нэһилиэгэ, алаас ааттаах, дойду сурахтаах” диэн кинигэ ааптара СӨ култууратын туйгунун, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа бочуоттаах үлэһитэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, И.Н. Барахов – аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ, биэс кинигэ ааптара Светлана Даниловна Копыленко Кинигэ “Дани-Алмас” […]

Харбалаах нэһилиэгэ 115 сыла

Ханнык күҥҥэ, дьылга Үөһээ Бүлүү улууһун уонна I Чочу нэһилиэгин 8 аҕа уустара сөбүлэһэн Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар илии баттаабыттарай? (1907 сыл сэтинньи 4 күнүгэр) Ханнык күҥҥэ, дьылга Ходатайствоны Саха Уобалаһын генерал-губернатора Харбалаах туспа нэһилиэк буоларыгар бигэргэппитэй? (1908 сыл балаҕан ыйын 13 күнэ) 1919 сыллаахха Харбалаахха туох аһыллыбытай? (оскуола) 1936 сыллаахха муус устар ыйга аан […]

САСПЫТ СААҺЫМ

“САСПЫТ СААҺЫМ” Трушкова Галина Александровна-Калисфена Күн сирин көрбүппүнэн Күөх окко түспүппүнэн Бараахап дойдутугар Дьаарбайбыт хонуутугар Харбалаахха үүммүтүм Көрүлүү көччүйбүтүм. Кэнэли күөл сыырыгар Кэккэ сүүрэр ыллыгар Лыахтыын тэҥҥэ сырсыһан Дьиэрэҥкэйдии кылыйсан Оонньуу түһээт бэрт начаас Элэс гыммыт оҕо саас. Биитэр ааспат ахтылҕан, Тыалы кытта кыттыһан, Билигин да күннүктээн Үөрэ-көтө мэниктээн Оройунан көрөр дуу, Чачыгырыы күлэр дуу? […]

ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨР

“ӨБҮГЭМ ӨТӨҔӨР” Дмитрий Кононов Сэтиэнэх атахпар сөрөнөр, Уйалаах сылгычыай көҥөнөр. Тиэргэҥҥэ аар хатын көҕөрөр, Суугунас сипсиэри көтөҕөр. Мин эһэм, Чамарык өтөҕөр, Кэллим дии, күүттэҕин өр да өр. Аал баһа дьэ хоҥнон, өндөйөн, Уолбунаан, хойутаан өйдөнөн. Ахтабын Тоҥуулаах эбэтин, Унаара мэндээрэр кэрэтин. Халдьаайы, бу Нуучча сирдэрин, Ампаардаах, Таай Күөлэ эҥээрин. Өйдүүбүн эһээбин эйигин Тиргэлээн эмис кус […]

ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…

“ЫЛЛЫЫР КУМАХ ЧЫБЫЫДА…” Дмитрий Кононов Сырал куйаас бүтүүтэ, Сөрүүн күлүк түһүүтэ, Чыбыыдаҕа киириэххэ, Чалым ууну кэһиэххэ… Күммүт арҕаа көһүүтэ, Салгын сиигэ көтүүтэ, Саҥа түспүт сыа хардыы, Кыычыгырыыр хас хардыы. Тунал маҥан кумахха Чыбырҕата хаамыахха, Хаарга атах сыгынньах Сылдьар курдук саныахха… Тилэххинэн хаһыйыаҥ, Ытыскынан тарыйыаҥ, Кырыымпалыы аалыллар, Дьикти дорҕоон сыыйыллар… Ыраах көстөр саҕахха, Кытыл устун барыахха. […]