Хаар бырааһынньыга

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үгэс буолбут “Хаар бырааһынньыга” алтыс төгүлүн буолла. Бу бырааһынньык Руслан, Александр Кривошапкиннарга аналлаах. Сыллата кинилэр хоһооннорун ааҕыы буолара. Биир сыл Александр Кривошапкин “Хаар” диэн хоһоонугар ырыаҕа клип сүрэхтэммитэ. Былырыын, 2024 сылга улуустааҕы кэтэхтэн хоһоон айыытын күрэҕэ буолта. Манна Кривошапкиннар дьиэ кэргэттэр сыаналаах бэлэхтэри туттарбыттара. Быйыл күрэххэ киирбит хоһооннору түмэн “Руслан, Александр Кривошапкиннарга […]

“ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА – 2025”

Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананар: Харбалаах нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ “Олоҥхо дьыктаанын” сылын аайы ыытар. Быйыл 7 киһи кэлэн суруйда, олортон 4 бастыҥтан бастыҥ суруксут уонна 2 бастыҥ суруксут буоллулар. Олоҥхону аахта Евдокия Павловна Семенова. Кэлэн кыттыбыт дьоммор барҕа махтал.

«СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ»

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар үһүс төгүлүн ыытылынна. 11 нэһилиэк кыттыыны ылла, уопсайа 148 киһи суруйда, олортон 75 оҕо, 12 киһи туйгуннук суруйда. Аахсыйа сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – […]

“Саха Ньукулайыгар ыалдьыттыыбыт”

Норуот суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Якутскай төрөөбүтэ 117 сааһын көрсө “Саха Ньукулайыгар ыалдьыттыыбыт” диэн суруйааччы олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр экспозиция арыллыыта, сэтинньи 21 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр буолла. Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай аата кэлэр ыччаттарбытыгар хааллын, үйэтилиннин диэн эргэ кулууп […]

«Письмо Деду Морозу»

В день рождения Деда Мороза в нашей библиотеке и МБУ “Харбалахское КДУ” прошла акция «Письмо Деду Морозу», где каждый желающий написал и отправил письмо новогоднему волшебнику. Все дети верят в сказку и волшебство, и каждый ребенок надеется, что если напишет письмо Деду Морозу то его желание непременно будет исполнено. И к нам посетил сам Дед […]

БАСТАКЫ БЭРЭСИДЬИЭММИТ

Үгүстэр, ордук эдэр ыччат, бу күннэргэ маҥнайгы бэрэсидьиэммит туһунан элбэх саҥаны билэн, кинини ытыктыырбыт өссө күүһүрэр. Үгүс дьон этэринэн, саха омугун туһугар олохторун толук уурбут улуу убайдарбыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов кэккэлэригэр бииргэ турар, саха дьолугар төрөөбүт улуу киһинэн ааҕарбыт саамай сөп. Кырдьык, Михаил Ефимович бэйэтин өрөспүүбүлүкэтин, сахатын омугун туһугар олус да элбэх […]

Субуотунньук

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уонна төрөппүттэригэр муус ылыытыгар субуотунньук буолла. Ону таһынан Үөһээ Бүлүү улууһун иһинэн ыытыллар “Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырыйыакка анаан Харбалаах нэһилиэгин күүстээх аҥара муус ылыытыгар көхтөөхтүк кытыннылар, барҕа махтал буолуохтун! Маннык тэрээһини Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов сылын аайы тэрийэн, бары бииргэ […]

“БИҺИРЭМ ТЫЛ КҮНЭ”

Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн “Дапсы дьыктаана” Харбалаах нэһилиэн бибилэтиэкэтигэр ыытылынна. Дьыктаан сыала соруга: Ийэ тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу. Ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу, үөрэтэргэ тардыы. Дьыктааны аахта Светлана Даниловна Копыленко, уопсайа 6 киһи суруйда, туйгуннук […]

АҔАБАР

Ииппит, харайбыт аҕам Уоһукап Өлөксөөн кэриэһигэр Аҕабар Эмискэ тэһитэ астаран Мин өйдөөн кэлэбин аҕабын – Сөтөллөн хахсайа-хахсайа Өтөххө от охсо турарын… Ол онно хотуурун ыламмын Далайан барбатах абабын! Аһына даҕаны саныыбын Ыарыһах, хачаайы аҕабын… Сыарҕалаах атынан мас тиэйэн Түптэлэс тымныыга кэлэрэ, Санныгар көмнөҕү бүрүнэн Илиитэ бөҕүөрэн киирэрэ… Онуоха сатаатар тоҥ маһы Сүөккэһэн биэрбэтэх абабын! Дьэ, […]

Харбалахский наслег в историческом прошлом

1 ноября 1919 г. открылась Харбалахское одноклассное училище. Первым учителем был Попов Евдоким Георгиевич, из сословия почетных граждан. Владел русским и якутским языками. Было 14 учеников. Имелась доска, 6 двуместных парт, глобус, арифметический ящик, счеты, карта полушарий, картины с иллюстрациями к уроку Закона Божьего, один альбом по естествознанию, 60 учебников, 128 книг в библиотеке. В […]