“БИҺИРЭМ ТЫЛ КҮНЭ”

Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн “Дапсы дьыктаана” Харбалаах нэһилиэн бибилэтиэкэтигэр ыытылынна.

Дьыктаан сыала соруга: Ийэ тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу. Ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу, үөрэтэргэ тардыы.

Дьыктааны аахта Светлана Даниловна Копыленко, уопсайа 6 киһи суруйда, туйгуннук 3 киһи суруйда, аҕыйах сыыһалаах 3 киһи.

                                   Туйгун билиилээх кыттааччылар испииһэктэрэ

№АААСааһаУлууһа (нэһилиэгэ), олорор сирэҮөрэнэр (үлэлиир) сирэ, кылааһа (кууруһа), дуоһунаһа (дьарыга)
1Сергеева Татьяна Сергеевна  МБУ «Харбалахская КДУ» дириэктэрХарбалаах нэһилиэгэ
2Кузьмина Сандара Петровна МБУ «Харбалахская КДУ»Харбалаах нэһилиэгэ
3Тоскина Сахая Алексеевна  И.Н. Барахов аатынан СӨ  судаарыстыбаннаһын түмэлэ, фондовикТамалакаан нэһилиэгэ

Ханнык да атын улуу төрөөбүт тылгын солбуйбат, төрөөбүт тылгыттан ордук, күндү буолбат.
Дапсы