БАСТАКЫ БЭРЭСИДЬИЭММИТ

Үгүстэр, ордук эдэр ыччат, бу күннэргэ маҥнайгы бэрэсидьиэммит туһунан элбэх саҥаны билэн, кинини ытыктыырбыт өссө күүһүрэр.

Үгүс дьон этэринэн, саха омугун туһугар олохторун толук уурбут улуу убайдарбыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов кэккэлэригэр бииргэ турар, саха дьолугар төрөөбүт улуу киһинэн ааҕарбыт саамай сөп. Кырдьык, Михаил Ефимович бэйэтин өрөспүүбүлүкэтин, сахатын омугун туһугар олус да элбэх үлэни ыыппыт, үтүөнү оҥорбут!

Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн уонна 8 сыл СӨ бэрэсидьиэнинэн үлэлиир кэмнэригэр 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр оччолорго РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Б.Н.Ельциҥҥэ ыыппыт историческай суолталаах телеграмматыгар бу күнтэн Саха сирэ гохраҥҥа, Минфиҥҥэ алмааһы, көмүһү ыытарын тохтотор, Арассыыйа уонна СӨ сыһыаннаһыыларын туһунан дуогабары оҥорууну түргэтэтэр туһунан туруорсубут.

Сотору кэминэн  Б.Н.Ельцин уонна М.Е. Николаев Арассыыйа уонна СӨ сыһыаннаһыыларын, суверенитет туһунан дуогабарга илии баттаабыттар. Ол түмүгэр Саха сирэ хостоммут алмаастан, кыһыл көмүстэн уо.д.а. сир баайыттан кырата суох %-ны бэйэтигэр хаалларар бырааптанан өрөспүүбүлүкэҕэ үп бөҕө киирэр. Ол түмүгэр үп-ас тиийбэт кыһарҕаннаах 1990-нус сылларга Мэдиссиинэ киинэ, «Туймаада» стадион, Саха тыйаатыра, Муусука үрдүкү оскуолатыгар анаан Канадскай дэриэбинэ, үҥкүү колледжын, саҥа циркэ дьиэлэрэ, «Лена-Туора Күөл», «Лена-Мүрү» баараҕай уу турбаларын ситимнэрэ уо.д.а. тутуулар ыытыллаллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ саҥа төрүт сокуону ылынар, саҥа былааҕын, гербэтин бигэргэтэр, саха култууратын, төрүт үгэстэрин сөргөхсүтүүгэ үгүс үлэ барар.

Умнулла быһыытыйбыт олоҥхобут, оһуохайбыт тиллэр, оскуолаларга саха тылын уруоктара эбиллэр, төрүт култуура чаастара баар буолаллар. Арктика култууратын үнүстүүтэ, Муусука үрдүкү оскуолата, үҥкүү коллеһа аһыллаллар, 1996 сылтан киэҥник тэнийбит «Азия оҕолорун оонньуулара» ыытыллаллар, ирбэт тоҥноох дойдуга маҥнайгы циркэ үлэтин саҕалыыр уонна да атын дьоһун тэрээһиннэр буолаллар.

Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим “”Михаил Николаев – Саха сиригэр аныгы үйэ реформатора” – диэн ааттаах М.Е. Николаевка аналлаах медиаурок ыыппытын көрдүлэр.

Бастакы Президент

(М.Е. Николаевка анаан)

Мунньан Дархан саҕаттан

Майгы буолан тэнийбит,

Муҥутуур өй түөлбэтэ

Муҥурданан хаалбакка

Хаҥаласка сайдыбыт

Хатан санаа тыллыбыт.

Тыгын Дархан сэриитэ

Тула үүммүт сэлиитэ,

Туймаадаҕа кииннэнэн

Туругуран барбыта.

Хаҥаластан төрүттээх

Хотой бэрдэ түммүттээх.

Силипиэнтэп саҕаттан

Силис тардан аатыран,

Саха омук олоҕун

Саргыларын тутарга

Мэхээлэбит салайар

Миҥэ атын мииммитэ.

Эркээниттэн тардыылаах

Эрэл саргы санаалаах,

Эллэй Боотур кэриэтэ

Элбэх саҥа суоллары

Мэҥэ бэлиэ туруоран

Мэхээлэбит тыырбыта.

Бастакыбыт барҕардын,

Баараҕай мас буолуохтун!

Удьуор тыыммыт ууһаатын

Уруйдана туруохтун!

Мааны бастыҥ киһибит

Мэхээлэбит аатырдын!

Николай Павлович Корякин – Уран Ньукулай.