«БАСХАН -2025» дьыалабыай оонньуу

Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, Николай Николаевич Николаев Республиканскай “Басхан-2025” дьыалабый оонньууга олус ситиһиилээхтик кытынна, “Уран тыл Басхана” анал ааты уонна Тускул киин анал бирииһин ылла. Уопсай түмүккэ 5 миэстэ буола 20 уолтан эҕэрдэлээн биэриҥ.

Икки күннээх күөн күрэс биэс түһүмэҕинэн ыытылынна: «Удьуор утум», «Өркөн өй», «Дойду салайааччыта — мин тус көрүүбүнэн», «Мөккүөр», «Айыы умсулҕана».

Сиһилии бу сигэнэн көрүҥ

Дьоһуннаах тэрээһини көҕүлээччилэринэн уонна сүрүннээччилэринэн буолаллар: И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлэ,  Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо айымньытын киинэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи «Сомоҕо» оҕо уопсастыбаннай хамсааһына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа.

Күрэс сыалынан уол оҕону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы уонна билиһиннэрии; уол оҕо эр киһи быһыытынан оруолун үрдэтии; дириҥ өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх, ырааҕы ыраҥалыыр, дириҥ толкуйдаах; бэйэтин санаатын, тус толкуйун аһаҕастык сайа этэрин ситиһии, төрөөбүт дойдутугар, ийэ сиригэр үтүө сыһыаҥҥа иитии буолар.