Сахы ыала

Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ. Саха ыалын эйгэтэ амарах буолуохтаах. Оҕону кыратыттан көтөҕөн олорон тылынан, сүбэнэн-аманан иитиллэр. Төрөппүт сиэри-туому, үгэһи билэр буолуохтааах, уу сахалыы саҥарыахтаах. Ыалдыты көрсүүгэ үгэс тутуһуллуута Ыалдыты былыр үөрэ-көтө, айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута билэрэ. Ыалдьыт киирдэҕинэ дорооболоспот, атаҕын тэбэнэр, […]

Кыайыы күнэ!

Ыам ыйын 8 күнэ. Харбалаах нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнэ өрө күүрүүлээхтик ааста. Ол курдук, парадка Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ, баһаарынай сулууспа байыастара, олохтоох дьаһалта кыттыыны ыллылар. ӨЙДҮҮБҮТ! КИЭН ТУТТАБЫТ! СҮГҮРҮЙЭБИТ! Сэрии толоонугар охтубут буойуттарга сүгүрүйэн, махтанан туран, албан аат гирляндатын оскуолабыт үрдүкү кылааһын оҕолоро, сэрии кэмин оҕолоро […]

«ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА»

Ыам ыйын 7 күнэ — Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруой күнүнэн биллэриллибитэ. Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн «Дьоруой сардаҥата» аахсыйа Арассыыйа Дьоруойа Алексей Петров «Медведь» сырдык аатыгар ананна. Харбалаах нэһилиэгэр, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар Анал байыаннай дьайыыга аналлаах хоско чүмэчи уматылынна. Дьоруойбутун Алексей Петрову кэриэстээн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут. Музей үлэһитэ Семенов Владимир Алексей Петров хорсун […]

Исидор Барахов пааматынньыга

Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр Саха сирин автономиятын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов пааматынньыга ураты суолталаах. Пааматынньык историята: Мэҥэ таас 1998 сыллаахха, Исидор Барахов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан туруоруллубута. Бу бырайыак олоххо киирэригэр ФК «САПИ» тэрилтэ сүрүн сакаасчыт уонна үбүлээччи быһыытынан кыттыыны ылбыта. Пааматынньык мрамортан оҥоһуллубута. Оҥорон таһаарбыт маастардар: Сүрүн […]

Төрөөбүт дойдубут устуоруйатын кыра саастан билсиһэбит.

Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаан, Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах оҕо саадын иитиллээччилэригэр интэриэһинэй көрсүһүү буолла. Тэрээһини ыыттылар Харбалаах нэһилиэгин библиотекара Рузанна Ахмедовна уонна И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын үлэһитэ Евдокия Павловна. Оҕолор Сахабыт сирин былааҕын суолтатын туһунан иһиттилэр уонна мозаика хомуйдулар. Евдокия Павловна Сахабыт сирин төрүттээччилэр — Исидор Барахов, […]

«Инновационные формы увековечивания памяти выдающихся земляков: игровой трип-тур и литературная акция»

Харбалахский наслег Верхневилюйского улуса неразрывно связан с именем Исидора Барахова, одного из основателей Якутской АССР. Наслег является родиной народного писателя Якутии Н.Г. Золотарева – Якутского.   Сохранение исторической памяти и популяризация наследия выдающихся деятелей Якутии требуют поиска новых, интерактивных форматов, которые были бы интересны как молодому поколению, так и взрослым. Опыт Харбалахской модельной сельской библиотеки (филиал […]

Муус устар 20 күнэ — Россияҕа Национальнай донор күнэ.

Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, Россия үрдүнэн Национальнай донор күнэ бэлиэтэнэр. Бу — атын дьоҥҥо көмө буолар, олоҕу бэлэхтиир үтүө санаалаах дьон бырааһынньыга. Андрей Мартынович Вольф – 1832 сыллаахха Россияҕа бастакынан ситиһиилээхтик хаан кутууну оҥорбута. Эдэр акушер Вольф ыарахан туруктаах, оҕолоно сытан элбэх хаанын сүтэрбит дьахтарга ыҥырыллыбыта. Дьахтар өлөрө чугаһаабытын көрөн, врач Англияҕа үөрэнэ сылдьан […]

БИБЛИОНОЧЬ – 2026

Муус устар 18 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан культура киинигэр «Библионочь – 2026» үбүлүөйдээх аахсыйа буолла! Быйылгы «Библионочь – 2026» Норуоттар доҕордоһууларын сылыгар ананна. «Россия — наш общий дом» – алын кылаас оҕолоругар уруһуй күрэҕин түмүгүнэн Кузьмин Эрсан кыайыылаах буолла. Сэбиэскэй норуот геноцидын сиертэбэлэрин ахтар-саныыр күҥҥэ аналлаах «Герои Краснодона остались верными клятве» киинэни көрдөрүбүт. Киинэни 22 киһи көрдө […]

УОТ, ГАЗ ТӨЛӨБҮРЭ

Күннээҕи түбүктэн төлөбүр кэмин умнан кэбиспэт туһугар бу кыра памятканы туһан: 🔹 ГАЗ (Сахатранснефтегаз) СТНГ приложениятынан Показания биэрии: хас ый аайы 15-тэн 25-кэ дылы. Төлөбүр: кэлэр ый 1-тэн 10-гар дылы. 🔹 УОТ ДЭК приложениятынан Показания биэрии: хас ый аайы 20-тэн 25-кэ дылы. Төлөбүр: кэлэр ый 6-тан 15-гэр дылы. Бириэмэтигэр ыытан, иэскэ киирбэккэ, холкутук сылдьыаҕыҥ! ✊🏠

Ытарҕа

Муус устар 13-14 күннэригэр, икки күн устата Харбалаах нэһилиэгин кэрэ аҥаардарыгар Варвара Петровна Харабынова Дьокуускай куораттан кэлэн стразаннан уонна оҕуруоннан сахалыы истииллээх ытарҕа оҥорорго маастар – кылаас ыытта. Маастар кылааска кыттыыны ылбыт дьоммут элбэҕи билэн, үөрэн-көтөн, ытарҕаларын ситэри оҥоруох буолан тарҕастылар. Варвара Петровнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр, кэлэр көрсүһүүлэри […]