Ытарҕа

Муус устар 13-14 күннэригэр, икки күн устата Харбалаах нэһилиэгин кэрэ аҥаардарыгар Варвара Петровна Харабынова Дьокуускай куораттан кэлэн стразаннан уонна оҕуруоннан сахалыы истииллээх ытарҕа оҥорорго маастар – кылаас ыытта.

Маастар кылааска кыттыыны ылбыт дьоммут элбэҕи билэн, үөрэн-көтөн, ытарҕаларын ситэри оҥоруох буолан тарҕастылар. Варвара Петровнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр, кэлэр көрсүһүүлэри былааннаатылар. Бу курдук биир олус туһалаах, истиҥ күн ааста.

Сахалыы ытарҕа — бу саха дьахтарын төрүт киэргэлэ эрэ буолбакка, кинини куһаҕан дьайтан харыстыыр аналлаах күүстээх харысхал буолар. Былыргыттан сахалар кулгаах нөҥүө киһи кута тахсыан сөп диэн итэҕэйэллэрэ, ол иһин ытарҕа куту харыстыыр, куһаҕан тылы тэйитэр суолталаах.