Кыайыы күнэ!

Ыам ыйын 8 күнэ. Харбалаах нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнэ өрө күүрүүлээхтик ааста.

Ол курдук, парадка Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ, баһаарынай сулууспа байыастара, олохтоох дьаһалта кыттыыны ыллылар. ӨЙДҮҮБҮТ! КИЭН ТУТТАБЫТ! СҮГҮРҮЙЭБИТ!

Сэрии толоонугар охтубут буойуттарга сүгүрүйэн, махтанан туран, албан аат гирляндатын оскуолабыт үрдүкү кылааһын оҕолоро, сэрии кэмин оҕолоро кыайыыга, хорсун быһыы бэлиэтэ, тыыннаах уурдулар.

Олохтоох дьаһалта сэрии кэмин оҕолоругар сэмэй бэлэх туттарда.

Салҕыы, И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр сэрииттэн эргиллибэтэх бырааттыы Николай, Самсон, Иннокентий, Савва, Ефим Федоровтар сырдык кэриэстэригэр анаан Петр Тобуруокап “Биэс сурук” хоһоонунан литературнай композицияны 5, 6, 7 кылаас оҕолоро туруордулар. Композицияны бэлэмнээтилэр уонна туруордулар кылаас салайааччыта Носова Зоя Дмитриевна, театр салайааччыта Васильева Валентина Даниловна.

Салҕыы, “Кыайыы саллаата” испиктээҕи олохтоох нэһилиэнньэ туруорда. Бу испиктээк сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Васильев Константин Елисеевич сырдык аатыгар ананна. Константин Елисеевич “За победу над Германией в ВОВ 1941-1945 гг.”, “20 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.”, “25 лет Победы над Германией”, “50 лет Вооруженных Сил СССР”, “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.” Наҕараадалардаах.

Испиктээги көрө анаан-минээн Дьокууускай куораттан кыыһа Аммосова Мария Константиновна оҕолорун, сиэннэрин кытта кэллэ. Испиктээк бүтүүтэ Мария Константиновна аҕатын туһунан ахтан ааста, култуура үлэһиттэригэр махтал тылларын эттэ.

Испиктээк киһи сүрэҕин таарыйар, өл ыар дьыллар олоҕун толору көрдөрдө. Көрөөччү улахан биһирэбилин ылла.

Васильев Константин Елисеевич бэйэтин ахтыыта

“1941 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин Киров аатынан холкуоска чилиэнинэн сылдьан армияҕа ыҥырыллан барбытым. Үөһээ Бүлүүгэ хамыыһыйаланан баран балаҕан ыйын 3 күнүгэр сарсыарда 7 чаас саҕана борохуокка киирбиппит. Онно Ньурбалар, Сунтаардар иһэллэр этэ. Алын Бүлүүгэ тиксэн онтон барааччылары ылан ааспыппыт. Ити сэрии бастакы сыллара этэ. Дьокуускай куоракка тиийбиппит, нөҥүө күнүгэр сарсыарда сатыы Ленаҕа киллэрбиттэрэ. 3 этээстээх “Коминтерн” борохуокка киирбиппит. Ол борохуотунан айаннаан Усть-Кутка тиийбиппит. Онтон поеһынан Иркутскайга айаннаабыппыт, Мальта диэн байыаннай лааҕырга түһэрбиттэрэ. Онно үөрэтэн баран, 1942 сыл саҕаланыыта фроҥҥа атаарбыттара. Ити айаннаан Москва куоракка тиийбиппит, онно поезпытыгар 8 хоммуппут кэннэ сэриилэһэ барар сирбитин эппиттэрэ. Киирбит эргиллибэт ыарахан фронугар баран иһэр үһүбүт диэн истибиппит. Биһиги Калинин куоракка тиийбиппит. Бу куораты өстөөхтөртөн саҥа босхолообут этилэр. Мальтаттан илдьэ барбыт тойотторбут биһигини армия генералыгар туттартаабыттара. Онтон сатыы баран биир дэриэбинэ 4 хоммуппут кэннэ өстөөхтөр сарсыарда дэриэбинэбитин буомбалаабыттара. Биирдии тойуу саахары сиэн баран фроҥҥа сатыы барбыппыт. Бурдук бааһынатын ааһан истэхпитинэ өстөөхтөр самолеттара кэлэн буомбалаабыттара. Элбэх киһи өлбүтэ уонна араанньы буолбута. Онтон маҥан халаат уонна саа биэртэлээбиттэрэ, онтон эмиэ биэрэстэ кэриҥэ айаннаабыппыт. Ол айаннаан биир үрэҕи туораан бэскэ тахсыбыппыт. Онно командирбыт тыл эппитэ, чааспыт нүөмэрин эппитэ. Мин 508 нүөмэрдээх стрелковай батальоҥҥа түбэспитим. Биһиги биир дэриэбинэни ылар соруктаах этибит, сарсыарда 11 чааска босхолуурга бирикээс кэлбитэ. Ол түүн сэриигэ киирбиппит. Мин түбэспит батальоммар 28 саха баар этибит. Дэриэбинэбитин ылбатахпыт, төттөрү чугуйбуппут. Табаарыстарбыт үксүлэрэ онно өлбүттэрэ, сахалартан алта эрэ буолан хаалбыппыт. Иккис киэһэ көмө армия кэлбитэ. Көмө кэлэн дэриэбинэбитин сарсыарда 10 чааска ылбыппыт. Онно икки күн сынньаммыппыт уонна 2 километрдаах Саратовскай диэн дэриэбинэҕэ барбыппыт. Ол барыыбытыгар үс суукка аһаабатахпыт, онтон кэнники ас аҕалбыттара. 11 чааска Саратовскайы босхолуубут диэен бирикээс кэлбитэ, онно сэриилэһэ сылдьан сибиинньэ ферматыгар биир немеһи кытта уун-утары көрсүһэ түспүппүт. Кини куоппута, мин эмиэ куоппутум. Онтон баран иһэн мин араанньы буолбутум. Ити олунньу ый 11 күнүгэр буолбута. 8 күн сатыы айаннаан тыылга кэлбитим, үс этибит, олортон иккибит нууччалар этэ. Ивановскай диэн госпитальга киирбитим, уҥуох араанньыта диэн атын сиргэ көһөрбүттэрэ. Ол кэлэн Уфа диэн куоракка эмтэммитим. Первэй маайга босхолонон дойдубар айаннаабытым, манна бэс ыйын 25 күнүгэр кэлбитим.

От ыйын 5 күнүттэн холкуоспар председателинэн 4 сыл үлэлээбитим. Оттон билигин совхозпар фермаҕа сүөһү аһылыгын бэлэмнээччинэн үлэлиибин.”

1980 сыл